Ахсынньы 5 күнүгэр оройуоҥҥа саамай кырдьаҕас, 1 №дээх «Кэскил» оҕо уһуйаана аһыллыбыта 95 сылын бэлиэтиир. Бу кэм устата оҕо уһуйаана оройуоҥҥа оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрдэ.
Оҕону тула ѳттүнэн сайыннарар киин «Кэскил» уһуйаан 1929 сыллаахха Ньурба бѳһүѳлэгэр маңңайгы уһуйаанынан аһыллыбыта. 25 ођо сылдьар миэстэлээҕэ, сэбиэдиссэйинэн Ниряева Анастасия Николаевна үлэлээбитэ. 1940 сыллаахха Октябрьскай уулуссађа кѳһѳрүллэн тутуллубута, оҕотун ахсаана 50 диэри элбээбитэ. Ол сылларга Аммосова Мария Николаевна сэбиэдиссэйдээбитэ. Сэрии ыар кэмнэрэ буолан ас-таңас суоҕа. Ођолорго тииң, араас кѳтѳр этин буһаран аһаталлара. Ѳрбѳххѳ от симэн оонньуур оңорон оонньотоллоро. Группа иһин иһиттэргэ бурдук үүннэрэн киэргэтэллэрэ.
Сэрии кэнниттэн икки сыл Габышева Матрена Еремеевна сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, иитээччилэринэн Санникова-Андросова Фелисада Андрияновна, Алексеева Ираида Кузьминична, Молукова Ирина Ивановна үлэлээбиттэрэ.
Кэлин араас кэмнэргэ сэбиэдиссэйдэринэн Жиркова Надежда Николаевна, Андреева Мария Ивановна, Очурова Диана Николаевна, Степанова Мария Васильевна, Ноговицына Александра Павловна, Васильева Мария Прокопьевна үлэлээбиттэрэ.
Очурова Диана Николаевна үлэлиир сылларыгар «Кэскил» ођо саадыгар саңа корпус дьиэтэ тутуллан 185 ођо сылдьар буолбута. Ноговицына Александра Павловна сэбиэдиссэйдиир кэмигэр 200 оҕо буолбута. Детсад оройуон базовай площадката буолан элбэх иитээччилэргэ аналлаах мунньахтар, семинардар ыытыллар буолбуттара.
“Кэскил” оҕону сайыннарар киин салайааччытынан 1981 сылтан Россия Федерациятын үѳрэҕириитин бочуоттаах улэһитэ, СѲ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СѲ үөрэҕириитин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ Оксана Гаврильевна Самсонова 2021 сылга диэри ситиьиилээхтик улэлээн ааста. Эдэр салайааччы ситиһиилээх улэтинэн 1994 сыллаахха уьуйаан прогимназия буолбута. 2-7 саастарыгар диэри 115 иитиллээччи сылдьар этэ. Оҕолору ордук тыл уонна техническай хайысханан сайыннаран барбыттара. Ол курдук, орто бѳлѳхтѳн нуучча тылын, улахан бѳлѳхтѳн омук тылын, техническай моделированиеђа уонна художественнай конструированиеҕа дьарыктаан барбыттара. 2003 сылга педагогтар айар бѳлѳхтѳрѳ «Дорҕоон түһүлгэтэ» бырайыагынан Ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи экспериментальнай площадка статуһун ылбыттара. Бу бырайыак улэтин опыта өрѳспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕаммыта, бэчээккэ уһуйаан улэһиттэригэр кѳмѳ босуобуйа быһыытынан С.Н.Донской-2 аатынан ИРОиПК таһаартарбыта. Прогимназия саҕана үгэскэ кубулуйбут араас тэрээһиннэр саҕаламмыттара. Ол курдук, «Прогимназия сулустара», «Сааскылаана-Куо», «Бастын ааҕааччы», «Радости фантазии», ѳркѳн ѳй оонньуута «Умники и умницы», «Сулустаах чаас» уо.д.а. Салайааччыбыт оҕо айар, толкуйдуур, кэрэни кэрэхсиир дьоҕурун сайыннарарга күн иккис аҥарыгар эбии үѳрэхтээһини уһуйаан практикатыгар киллэрбитэ. Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар улахан уһуйаан күрэхтэригэр: «Детский сад», «Лучшее ДОУ» 1999 с. — 2020 сыллардааҕы лауреаттара буолбуппут. 2021 сыллаахха прогимназиябыт Оҕону тула ѳттүнэн сайыннарар киин «Кэскил» уһуйаан статуһун ылбыта. Салайааччыбыт 40 сыллаах оскуола иннинээђи саастаах оҕону иитиигэ-үѳрэтиигэ бэриниилээхтик, угус сыратын, дууһатын ууран улэлээбит-хамсаабыт, улэтин чыпчаала — 2021 сыллаахха кулун тутар ыйга уһуйаан 3 мэндиэмэннээх сана дьиэтэ кырачааннарга аанын тэлэйэ аспыта. Уһуйаан “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн «Дьахталлар дьарыктаах буолалларыгар кѳмѳлѳһүү – 3 сааһыгар диэри саастаах ођолору оскуола иннинээђи үѳрэхтээһиңңэ усулуобуйаны тэрийии” федеральнай бырайыагынан тутуллубута.
2021 сылтан оҕону тула ѳттүнэн сайыннарар киин «Кэскил» уһуйаан улахан кэлэктиибин сэбиэдиссэйинэн ананан Анна Николаевна Иванова үлэлии сылдьар. Анна Николаевна СѲ үѳрэҕириитин туйгуна, «РФ иитиитин уонна үѳрэҕириитин бочуоттаах улэһитэ» бэлиэ хаһаайына. Үлэ үгэнигэр сылдьар эдэр салайааччы икки уһуйаан холбоспут улахан тэрилтэтин, элбэх ахсааннаах иитиллээччилэри салайан үлэтин ситиһиилээхтик саҕалаата. Ол курдук, быйылгы улахан ситиһиибитинэн буолар, «Арассыыйа оскуола иннинээђи үѳрэхтээһинин 100 тэрилтэтэ — 2024» Бүтүн Арассыыйатаађы күрэх логотибын туһанарга сертификат уонна ѳйдѳбүнньүк сувениры тутан үѳрүүбүт үгүс. Уһуйааммыт сэбиэдиссэйэ Анна Николаевна «Арассыыйа ситиһиилээх салайааччыта» номинация кыайыылааҕа буолла.
Анна Николаевна уһуйааңңа үлэтин 1999 сылтан иитээччинэн саҕалаабыта, 2013 сылтан сүрүн иитээччинэн ананан 2021 сылга диэри иитэр-үѳрэтэр үлэни ситиһиилээхтик салайан кэллэ. Уһуйаан методистарынан араас сылларга Григорьева Валентина Михайловна, Капитонова Светлана Афанасьевна, Капитонова Надежда Юрьевна, Федорова Наталья Константиновна, Семенов Александр Николаевич кырачааннары иитии-үѳрэтии үлэтигэр сүдү кылааттарын киллэрбиттэрэ.
Ѳр сылларга иитээччилэринэн, уһуйааччыларынан Павлова Варвара Дмитриевна, Андреева Елена Петровна, Башарина Анна Николаевна, Морозова Мария Игнатьевна, Габышева Анна Гаврильевна, Попова Люция Петровна, Миронова Екатерина Михайловна, Устинова Валентина Васильевна, Никифорова Федора Степановна, Андреева Елизавета Степановна, Иванова Екатерина Федоровна, Христофорова Тамара Гаврильевна, Сухаринова Людмила Николаевна, Нимарицына Маргарита Васильевна, Находкина Ирина Афанасьевна, Егорова Алиса Васильевна, Федорова Светлана Егоровна, Васильева Мария Семеновна, Андреева Раиса Прокопьевна, Семенова Тамара Прокопьевна үлэлээн Ньурба оройуонун оскуола иннинээђи үѳрэхтээһинигэр улахан кылааты киллэрсибиттэрэ.
Оҕолору ырыа, кэрэ эйгэтигэр уһуйбут музыкальнай салайааччылар Гаврильева Нина Саввична, Петров Николай Афанасьевич, Степанова Таисия Александровна, Кураева Евдокия Ивановна буолаллар. Кинилэр кырачааннарга музыка туһунан бастакы ѳйдѳбүлү, оҕо бэйэтин баҕа ѳттүнэн музыкаҕа чугас сыһыаннаах буоларын, музыкаҕа тапталын ииппиттэрэ.
2021 сылга Оҕону тула ѳттүнэн сайыннарар киин «Кэскил» уһуйаан улуус дьаһалтатын кулун тутар ый 10-с күнүнээђи № 19 уурааҕынан Ньурба куоратын 6 №-дээх «Солнышко» уһуйаанын кытары холбоспута. «Солнышко» уһуйаан 1957 сыллаахха Бүлүү ѳрүс кэрэ кѳстүүлээх биэрэгэр Амакинка микрооройуонугар арыллыбыта. Уһуйааны тэрийии үлэтин бастакы сэбиэдиссэй Пихтовникова Г.П. салайбыта. Маңңайгы иитээччилэринэн үлэлээбиттэрэ: Бочарова А.Т., Дорофеева Н.Д., Левшова Л.И. Кэнники сылларга сэбиэдиссэйдэринэн: Глухова В.И., Хингелова Д.Г. улэлээн ааспыттара. 1971 с. Рудакова Т.Я. салайар кэмигэр Амакинскай экспедиция элбэҕи оңорбута, канализация систиэмэтин, сана кухняны. 1989-2001 сс. үрдүк категориялаах педагог Свистунова Лариса Николаевна салайбыта. 2001 сылтан уһуйаан салайааччытынан СѲ үѳрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, «Методист Якутии» бэлиэ хаһаайына Галина Васильевна Епифанова анаммыта. Галина Васильевна сэбиэдиссэйдиир кэмигэр уһуйаан «АЛРОСА» хампаанньаны кытары ыкса сибээстээхтик үлэлээбитэ. Материальнай база бүттүүн тупсубута, үрдүк квалификациялаах үлэһиттэринэн туолбута. 2016-2021 сс. сэбиэдиссэйинэн эдэрдии эрчимнээх салайааччы Семенов Александр Николаевич ананан улэлээбитэ.
Сүрүн иитээччилэринэн араас сылларга үлэлээбиттэрэ: Свистунова Лариса Николаевна, Игнатьева Татьяна Александровна, Николаева Майя Олеговна, Николаева Зинаида Николаевна. Икки куорат уһуйаана холбоһон элбэх үлэһиттээх, биир ѳйүнэн-санаанан үлэлиир тэрилтэ буола үүннэ.
Биһиги уһуйааммытыгар араас аныгылыы хайысхалаах оҕону сайыннарар, үѳрэтэр кииннэр үлэлииллэр (айар устуудьуйалар: уруһуй, Иэйии дуораана, Робототехника, Лего, оҕо этин-сиинин сайыннарар «Чыпчаал», тылын-ѳһүн эрчийэр «Аман ѳс», сенсорнай хос, оҕо уйулҕатын сааһылыыр хос, кэрэ эйгэтигэр уһуйар хос, тылы сайыннарар хос). Сүрүн иитэр-үѳрэтэр үлэбит хайысхатынан буолар: полилингвальнай үѳрэхтээһин (ођону 3 араас омук тылынан: саха, нуучча, омук (английскай) тылларынан иитии-үѳрэтии буолар.
Бүтүн Россиятааҕы «Растем вместе» лонгитюднай бырайыакка киирэн үлэлэспиппит 3 сыла. «Кэскиллээх Кэнчээрилэр», «Дорђоонноох балађан түһүлгэтэ» муниципальнай бырайыактарга улэлиибит. Ону таһынан, уһуйааммыт 2022 үѳрэх дьылыттан тѳрѳѳбүт тѳрүт тылы оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго сайыннарарга Ньурба оройуонун иһинэн ресурснай киин, 2024 сылтан – оҕолору эт-хаан ѳттүнэн сайыннарар Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин иһинэн «Үс хоһуун» парциальнай программаҕа ресурснай киин аатын ылан үлэлии сылдьабыт.
Билигин Оҕону тула ѳттүнэн сайыннарар Киин «Кэскил» оҕо саадыгар 200 иитиллээччи сылдьар, 68 үлэһит үлэлиир, олортон 26 педагогическай үлэһит.
Үлэбитигэр Ньурбатааҕы Ст.Васильев аатынан араас хайысхалаах гимназияны, 3 №-дээх Ньурба куоратын оскуолатын, Искусство оскуолатын, оройуон библиотекатын, Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы дьиэ кэргэҥҥэ, оҕоҕо кѳмѳлѳһѳр киини кытары ыкса сибээстэһэн үлэлиибит.
Бу 95 сыллаах үбүлүѳйбүтүн кѳрсѳ биһиги уһуйаан куорат иһинэн, оройуоҥҥа, региоҥҥ, республикаҕа, Россия үрдүнэн ыытыллар күрэхтэргэ үгүс элбэх ситиһиилэрдээхпит. Ол курдук, Бүтүн Россиятаађы Национальнай бириэмийэ лауреата “Россия бастын үѳрэҕириитин тэрилтэтэ – 2020». «Россия социальнай инфраструктуратыгар бастың тэрилтэ — 2020», 2021 сылга Национальнай реестрга киирбиппит, «Лучшие практики управления Дошкольного образования — 2022» аатын ылбыппыт.
Араас хабааннаах күрэхтэргэ, НПК-ларга, «Песня – душа народа», «Играем вместе», «Театр и дети» оройуоннааҕы күрэхтэргэ сыллата кыттан миэстэлэһэбит. Оҕо билим ѳйүн сайыннарар Лего, Робототехника регионнааҕы, республикатааҕы, Россиятааҕы «Лига открытий» курэхтэригэр: 2023 с. Екатеринбург куоракка иитиллээччилэрбит — Спиридонов Лев, Михайлов Давид «Пытливые умы» анал аат хаһаайына буолбуттара. 2024 с. Красноярск 5.0 Робототехника Национальнай чемпионатыгар иитиллээччилэрбит – Корнилов Анатолий, Шадрина Саина «За стремление к знаниям» анал аат хаһаайына буолбуттара. Салайааччылар: Васильева Мария Христофоровна, Саввинова Тамара Егоровна. Ньурба оройуонун уһуйааннарын икки ардыларынаађы ыытыллар курэхтэригэр ситиһиилэрбит ѳссѳ да элбэхтэр. Ону таһынан, биһиги педагогтарбыт бэйэлэрин оскуола иннинээђи саастаах оҕолору иитиигэ-үѳрэтиигэ туһаайыллыбыт уопуттарын биир идэлээхтэрин кытары мэлдьи атастаһа тураллар, семинардарга, педчтениеларга, маастар-кылаастарга кытталлар, үѳрэҕириигэ аналлаах ыстатыйалары суруйаллар.
Күндү уһуйааммытыгар үлэлээн ааспыт бэтэрээннэрбитин, үлэлии-хамсыы сылдьар биир идэлээхтэрбитин, улууска саамай кырдьађас, уһун-баай историялаах оҕо саадын кэлэктиибэ «Кэскил» оҕо уһуйаана тэриллибитэ 95 сылын туолар үбүлүѳйүнэн итиитик-истиңник эҕэрдэлиибит! Дьолу-соргуну баҕарабыт! Үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, кэскиллээх элбэх ыччаттары иитэн таһааран, элбэх тѳрѳппүттэр махталларын ыларгытыгар баҕарабыт!
Оҕону тула ѳттүнэн сайыннарар киин «Кэскил» уһуйаан кэлэктиибэ