Олоҥхо — норуот тылын уус-уран айымньытын чыпчаала.
Киһи олоҥхону аахтаҕына, кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Онон бу улуу айымньы киһиэхэ бары өттүнэн үчүгэйи оҥорор.
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн сэтинньи 30 күнүгэр Чуукаар нэһилиэгэр Е.М. Поликарпов аатынан норуот айымньытын киинигэр айылҕаттан айдарыылаах Ийэ олоҥхоһут, элбэх олоҥхо ааптара Василий Иванович Иванов — Чиллэ Баһылай ыалдьыттаата.
Үөрүүлээх күммүтүгэр нэһилиэкпит аҕа баһылыга Артур Юрьевич Федоров истиҥ эҕэрдэ тылларын этэн туран Василий Иванович айар үлэтигэр сүгүрүйэрин, махтанарын иһитиннэрдэ.
Олоҥхоһут Чиллэ Баһылай айар үлэтигэр хайдах сыстыбытын, саҕалаабытын, айымньыларын туһунан кэпсээтэ. Өссө олоҥхоһуппут биһиги Андайбыппытыттан төрүттээҕин истэн биллибит.
Василий Иванович — Чиллэ Баһылай тыыннаах олоҥхотун нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, оскуола саастаах оҕолоро олус сонурҕаан, сэҥээрэн иһиттилэр-көрдүлэр. Бу үүммүт күн Чуукаар нэһилиэгин олохтоохторугар ураты умнуллубат түгэнинэн буолла.
Василий Иванович Иванов-Чиллэ Баһылай Ньурба олоҥхоһуттарын төрүт үгэстэрин ыһыктыбакка сылдьарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Холобур, былыр олоҥхо киэҥ далааһыннаах, түгэҕэ биллибэт далайыгар киирээри олорон, олоҥхоһут “уос аһар тойуктаах”, онтон бүттэҕинэ “кутурук салайар ырыалаах” буолара. Чиллэ Баһылай олоҥхолуон иннинэ, хайаан да сөбүлүүр ырыатын-тойугун толорон, “хоммут уоһун хоҥнорор” идэлээх.
Бүттүүн Сахабыт сирэ киэн туттар сүдү киһибитигэр, Ийэ олоҥхоһуппутугар, ситиһиилэри, айымньылаах үлэни баҕарыаҕын.
Клавдия Андреева, Чуукаар