«Саха сүөһүтэ» «Мэҥэдьэк» отделениетыгар сылгы ахсаанын 700-кэ тиэрдиэхтэрэ

СӨ ситэрииилээх былааһын отчуотугар Маалыкайга «Саха сүөһүтэ» ГКП дириэктэрэ Александр Артемьев иһитиннэрии оҥордо.

«Мэҥэдьэк» отделениеҕа 415 сылгылаахтар, онтон 8-ын Хатыыга ардай аһыылаахтар тардыбыттар. 3 нэһилиэгинэн отделениеҕа 13 киһи үлэлиир. Сыллата көрдөрүү тупсан иһэр. Бастаан кулуну ылыы 29% эбит буоллаҕына, ааспыт сылга 52%-ҥа тэҥнэспит, быйыл 60%-ҥа тиэрдэргэ соруктаналлар.

Убаһаларын иитэ хаалларалларын элбэтэн, сылгы ахсаанын 700-кэ тиэрдэргэ соруктаналлар, мантан ордук элбэтиэхтэрин сылгы базата суох. Күрүө-хаһаа боппуруоһа эмиэ быһаарыллыан наада. Быйыл Бордоҥ нэһилиэгэ күрүө тутарга 500 тыһ. солк. биэриэх буолбут, бу күрүө Маалыкай сиригэр тутуллуоҕа. Министир Артем Александров «Мэҥэдьэк» отделениеҕа биир сылгы базатын тутуутун биэриэх буолла.

Геннадий Антонов

Читайте дальше