Саҥа үүнэр сыл үтүөнү түстээтин

Кэлэр сыл бэлиэтэ – Луо (дракон). Кэлэр сыл көннөрү Луо сылынан буолбакка, илиҥҥи  халандаары тутустахха, от күөх Мас Луо сыла буолар. Кытай мифологиятыгар Дракон күн-дьыл туругар, үүнээйигэ сабыдыаллыыр күүстээх, Аан дойдуга барҕарыыны аҕалар дииллэр.

Саҥа Дьыл дьикти-кэрэ бырааһынньыкпыт буоларынан хас биирдиибит долгуйа күүтэр, баҕа санаа туоларыгар долгуйа итэҕэйэр.

Дьон үксэ уустук кэмҥэ ил-эйэ олохтоноругар, доҕордоһуу, дьиэ кэргэн дьоллоохтук, байылыаттык олороругар Саҥа Дьыл үтүөнү, саҥа сүүрээннэри, түмсүүлээх буолууну, сырдыгы аҕаларыгар баҕа санааларын тиэрдэллэр.

Саха итэҕэлинэн  үүнэр 2024 сыл Айыыһыт сыла буоларынан, ааспыт сылы айхаллаан атааран, үүнэр дьылы уруйдуу көрсүөҕүҥ, Айыыһыппыт арчылыырыгар көрдөһүөҕүҥ.

Салгыы Ньурбабыт олохтоохторо бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр.

«Аар-Айыы» итэҕэлин XI кэрдиистээх алгысчыта, үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы ЮНЕСКО иһинэн норуоттар мэдиссиинэлэрин магистра Алиса Михайловна  Иннокентьева:

— Убаастабыллаах Ньурба улууһун олохтоохторун, дьоммутун-сэргэбитин, эдэр көлүөнэ ыччаттарбытын, кэлэн иһэр 2024 сылынан эҕэрдэлээн тураммын, тус олоххутугар, дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр, ыччаттаргытыгар, бука барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, тулууру, дьулууру, киэҥ көҕүстээх, олоххо тардыһыылаах, үөрэхтээх-билиилээх, сайдыылаах үтүө-мааны ыччаттар үүнэн-сайдан, сайдыылаах, эйэлээх суолунан баралларыгар баҕарыам этэ.

Балаһыанньа уустугунан, аан дойдуга эйэ олохтоноругар, эдэр ыччаттарбыт  Орто дойду олоҕуттан маппакка, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр Үөһээ Сырдык Аар Айыылар үтүө харахтарынан көрөннөр, айылҕабыт барахсан сир дойду үтүө иччилэрэ бука бары көрөн-истэн, арчылаан, араҥаччылаан, оҕолорбут суолларын-иистэрин арыйан, көмүскэллээх сылдьалларыгар  анаан-минээн Алгыс аан дойду куйаарынан ситимнэнэн бара турарыгар анаан-минээн ыытабын.

Саха сирин олохтоохторо, омугуттан тутулуга суох дойдубутун көмүскүү анал эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоммутугар-сэргэбитигэр, уолаттарбытыгар бука бары этэҥҥэ сылдьалларыгар баҕарабын. Киэҥ көҕүстээх саха дьоно буоларбыт быһыытынан, этэҥҥэ олорорбутугар,  барыта сырдык өттүн өйдөөн-төйдөөн, тылбытын-өспүтүн кыана туттан, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыылаах буолууга өйбүтүн-санаабытын уурдахпытына, ыччаттарбытыгар эйэлээх олох кэлэригэр суол-иис арыйан, дьоллоох олох олохтонуо этэ.

Орто туруу-бараан дойдуга ийэ, аҕа ууһа тэнийэ турарыргар дьоммутугар-сэргэбитигэр баҕарыам этэ, куттара-сүрдэрэ бөҕөргөөн, өйдөрө-санаалара, олоххо тардыһыылара күүһүрэригэр!

Ааһан иһэр сыл этэҥҥэ ааһарыгар, кэлэр сылга бары этэҥҥэ буолуоххайыҥ,  күүспүтүн-уохпутун түмэн бука бары үтүө олоххо тардыһыаххайыҥ!

СӨ Суруйааччыларын  уонна Суруйааччылар сойуустарын Норуоттар икки ардыларынааҕы сойууһун чилиэнэ Александр  Петрович Александров – Сахса Тар.

Кэтэһиилээх 2024 сылбыт үүнэрэ чугаһаата. Сыл бу кэмигэр дьон тымныыга дьиэҕэ-уокка, сылааска хаайтаран олорон билиини-көрүүнү, бити-билгэни, таайыыны-таабырыны, таҥханы, сэрэйиини-сылыктааһыны, түүлү-түөрэҕи, көрүүлэниини-көрбүөччүлэниини быһаараллар, тойоннууллар.Ону сэргэ ырыаны-хоһоону, олоҥхону-тойугу, кэпсээни-ипсээни өрө туталлар, суолта биэрэллэр.

Ол иһин бу кэмнэ олох оҥкула оҥоһуллар, кэмэ кэрдиитэ кэрэһилэнэр, ычата-ыырата ыпсарыллар, устата-туората ууруллар.

Саҥа сыл үүнэр күнүн бырааһынньыга куруутун күүтүүлээх. Бу күнү хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар дииллэр. Ол иһин, санньыар, хом санаабытын умнан, эһигини өһүргэппит дьону бырастыы гынан, эйэлэһэн, сылайбыппытын киэр илгэн туран, дьиэбитин киэргэтэн, остуол хотойорунан ас астаан көрсөбүт.

Бэйэ бэйэбитигэр ситиһиини, табыллыыны, барҕарыыны, инникигэ үтүө хардыылары баҕарыаҕыҥ! Барыта этэҥҥэ буоллун! Саарбахтааһыны, кутталы, долгуйууну, ыгылыйыыны киэр илгэн, барыта санаа хоту табыллан, кыайыы буолан эйэлээх олох эргийдин! Барыгытын кэлэн иһэр 2024 сылынан эҕэрдэлиибин!

Судаарыстыбаннайа турук аактатын суруйуу Ньурба оройуонунааҕы салаатын салайааччыта Альбина Ивановна Алексеева:

-Убаастабыллаах Ньурба улууһун олохтоохторо, Эһигини кэлэн иһэр саргылаах Саҥа Дьылынан эҕэрдэлиибин! Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович.Путин кэлэр 2024  сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрдэ.

Кэлэр сылга  биһиги улууска элбэх саҥа дьиэ кэргэн эбиллэллэригэр, хас биирдии ыалга ил-эйэ, өйдөһүү баар  буоларыгар баҕарабын.

Дьиэ  кэргэннэргэ  барыларыгар оҕо, сиэн эбиллэн олохторун уйгута тубустун, баай-талым олохтоннуннар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Үүнэр сылга бука бары доруобай буолуҥ, олоххут уйгута тубустун, үөрүүгүт үксээтин!

 

Бэлэмнээтэ Антонина Семенова