Хаҥалас нэһилиэгэр отчуокка 56 киһи, тус көрсүһүүгэ 6 киһи суруттаран сырытта. Тус сыаллаах көрсүһүүгэ тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччыта Иннокентий Коротких уонна Ил Түмэн дьокутаата Владимир Прокопьев анал байыаннай дьайыыга уонна тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах боппуруостарга хоруйдары биэрдилэр.
Хаҥаластар киинтэн ититиигэ чааһынай дьиэлэри холбооһуҥҥа, устудьуон оҕолордоох, сиэннэрдээх дьиэ кэргэнннэр истипиэндьийэ үрдүүрүгэр, кытыы нэһилиэктэргэ аптека, эминэн хааччыйыы, Түүкээнтэн Мархаҕа диэри аспааллааһыны, ойуур баһаардара буолбут сирдэрин чөлүгэр түһэриигэ туох үлэ барарын туоһуластылар. Үлэҕэ сыһыаннаан үлэ бэтэрээнэ буоларга үлэ ыстааһын кыччатарга, оскуола оҕолорун үлэнэн иитиигэ анаан сайыҥҥы сынньалаҥҥнары тэрийиигэ аналлаах боппуруостар туруорустулар
Ньурбаҕа аэропорт үлэтэ тоҕо тохтообутун, үрдүк күүрүүлээх уот, гаас Ньурбаҕа хаһан тиийэн кэлэрин туруорустулар. ИЖС бырагыраамата урукку курдук тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлииригэр баҕа санааларын тиэртилэр.
Олохтоохтор ситэриилээх былаас отчуотун биһирииллэрин биллэрдилэр.
Антонина Семенова