Социальнай контракт Ньурбаҕа кэрэ эйгэтин тэрийэр

💄💁🏻♀️💫 🌸 Николина Васильева студиятыгар киирээт, тута кэрэ эйгэтигэр куустараҕын. Барыта киирэр ааныттан уурбут-туппут курдук тупсаҕайдык оҥоһуллубут.

Ньурбабыт кэрэ аҥардара өссө кыраһыабай, кэрэ, стильнэй буолалларыгар көмөлөһөбүн. Мин студиябар кэлэн араас таҥаһы таҥнан, киэргэллэри симэнэн, ураты, хаһан да боруобалаабатах уобарастарын холонон көрөллөр. Ону мин өссө хаартыскаҕа түһэрэн, ол эбэтэр фотосессия оҥорон үйэтитэн биэрэбин. Араас таҥас-сап, киэргэл, 4 араас фон баар.

👒👗Маны таһынан Николина кэрэ аҥардар бэйэлэригэр барсар уобарастарын тобулалларыгар, таҥас-сап атыылаһалларыгар сүбэлээн биэрэр Ньурбаҕа билиҥҥи туругунан соҕотох үөрэхтээх стилист буолар.

Студиятын арыйарыгар бизнес-бырайыак суруйан көмүскээн, социальнай контракт быһыытынан 300 тыһ.солк.суумалаах көмө харчы ылан сөптөөх оборудованиетын барытын атыыласпыт.

Маннык студия арыйар ыра санаа оҥостубутум ыраатта, толкуйбун олоххо киллэрэрбэр судаарыстыба өттүттэн маннык көмө баара саҥа саҕалыыр дьоҥҥо олус үчүгэй өйөбүл буолар — диэн санаатын үллэстэр.

Билиҥҥи үйэ ирдэбилинэн бу курдук араас өҥөнү оҥорор саҥа сүүрээннэр биһиги Ньурбабытыгар киирэллэрэ олус үчүгэй. Кэрэ аҥаардар сэргээн, хото суруйтараллар, Николина өҥөтүнэн туһаналлар. Саҥа саҕалыыр эдэр урбаанньыты үөрүүлээх күнүнэн Ньурбатааҕы урбаанньыттары өйүүр киин салайааччыта Михаил Пан, Ньурба куорат баһылыга Геннадий Игнатьев, Ньурбатааҕы социальнай харалта салайааччыта Ирина Находкина, дьүөгэлэрэ эҕэрдэлээтилэр.

✍🏻 Лена Петрова