Cэтинньи 4 күнүгэр Чуукаардааҕы Е.М.Поликарпов аатынан Эйгэ НАК (дир.Иванова У.А) олус сэргэх бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытылынна.
Сомоҕолоһуу күнүгэр анаан А.Ф.Алексеев аатынан Чуукаар орто оскуолатын (дир.Федорова И.И.) үөрэнээччилэрин икки ардыгар Аан дойду норуоттарын үҥкүүлэрин толорууга күрэх буолла. Күрэххэ санааларын ууран кыһаллан бэлэмнэммиттэрэ тута харахха быраҕыллар. Кыттааччылар бары араас омук көстүүмнэрин тиктибиттэр. Үҥкүүлэри үксүн туруоран, чочуйан эрчийтээтэ билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор хореограф,үҥкүү учуутала Николаева Р.П.
Оҕолор каникул кэмигэр күн аайы кэлэн рептицияламмыттара. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан салайан ыытта уус-уран салайааччы Афанасьева Т.Н. Тыҥааһыннаах,долгутуулаах күрэҕи дьүүллээтилэр Федоров А.Н., Федорова Л.С.,Данилова И.Н.,Казакова В.А.,Иванова Н.В.
Түмүккэ , алын кылаастарга:III – үһүс кылаастар .Цыганскай үҥкүү ,II – бастакы кылаас Хотугу үҥкүү, I –төрдүс кылаас Драконнаах кытай үҥкүүтэ.
Орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр: III – алтыстар Нууччалыы үҥкүү, II – ахсыстар,Африка олохтоохторун үҥкүүтэ, I – бэһистэр Япония үҥкүүтэ.
Үрдүкү кылаас оҕолорун бөлөҕөр: III – тохсустар Грузин норуотун үҥкүүтэ, II – онус кылаастар Испанскай үҥкүү, I – уон биирис кылаас оҕолоро Сахалыы үҥкүү. Кыттыбыттар бары сертификаттарынан,кыайыылаахтар грамоталарынан уонна араас суумалаах бирииһинэн наҕараадаланнылар.
Надежда Казакова, Чуукаар