ССЭРНУ бырагырааматынан барыахтаах үлэ былаана бигэргэтилиннэ

Муус устар 8 к. улуус Сүбэтин уочараттаах 8-с сиэссийэтэ ыытылынна. 4 боппуруос көрүлүннэ. Бастакынан дьокутааттар улуус баһылыгын үпкэ уонна экэниэмикэҕэ солбуйааччыта Эдуард Мярикянов иһитиннэриитин истэн баран, улууска алмаас бырамыысыланнаһыттан киирэр үп (ССЭРНУ) суотуттан быйылгы үлэ былаанын бигэргэттилэр. Тутулла турар эбийиэктэргэ үбүлээһин көрүллэр. Ол иһигэр Чуукаар оскуола-саада, Хаҥалас оҕо саада, Антоновкатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, Ньурба к. ичигэс сүүрэр манежтаах стадион уонна 1200 м3 ууну хостоон таһааран ыраастыыр ыстаансыйа, Күндээдэ спорт-саалата уо.д.а. Судаарыстыбаннай бырагырааманан тутуллар уонна өрөмүөннэнэр үлэлэргэ улуустан эмиэ ирээттэһэн үбүлээһин ананар. Итини таһынан Ньурба к. Макар Семенов, Лермонтов уонна Христофор Максимов уул. аспааллааһын, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суолларга муоста тутуута уонна ууну аһардар турбалары түһэрии, Тырааныспар министиэристибэтиниин кыттыгас пилотнай бырагырааманан Дьиикимдэ киин уулуссатын аспааллааһын эмиэ бааллар.

Салгыы Сүлэҕэ эдэр исписэлиистэргэ тутуллан киирбит 4 кыбартыыралаах дьиэни сирин учаастагын кытта улуустан нэһилиэк бас билиитигэр биэрии, улуус хонтуруоллуур уонна ааҕар-суоттуур палаататын үлэтин отчуотун уо.д.а. боппуруостар көрүлүннүлэр.

Бэбиэскэҕэ «Разное» диэн киирбит боппуруос иһинэн өрүстэн уу анаалыстарын ылар туһунан «Бүлүү» кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Еремей Чиряев этиитэ, Малдьаҕар нэһилиэгэр арыгы маҕаһыына аһыллыытын, Ньурба аэропордугар үлэһиттэргэ барыахтаах сарбыйыы туһунан боппуруостар дьүүллэһилиннилэр. Инникитин сиэссийэҕэ улуустааҕы киин балыыһа каадырынан уонна эминэн хааччыллыытын туһунан боппуруоһу көрөр туһунан кэпсэтии барда.

Геннадий Антонов

 

Читайте дальше