Сылын аайы алтынньы үһүс өрөбүлүгэр суол тутааччылар идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтииллэр. «Суол – олох хорук тымыра” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сырыы баарыттан-суоҕуттан, массыына суола хайдах туруктааҕыттан дьон олоҕун хаачыстыбата быһаччы тутулуктаах. Кэнники суолбут сыллата тупсан иһэр. Марха өрүһү уонна Түүкээн үрэҕи туоруур муосталар тутуллубуттарын кэннэ, улуус олохтоохторо уонна тэргэн айан суолунан сылдьааччылар өр кэмнээх урукку кыһалҕалара умнулунна. Таһаҕас таһыыта даҕаны судургутуйда. Марха муостатыттан Ньурбаҕа диэри федеральнай суол аспаал учаастагынан сылдьан дьон абыранна. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан бастакынан Ньурба улууһугар пилотнай бырайыак олоххо киллэриллэн, федеральнай суол таһынааҕы нэһилиэктэр киин уулуссаларын аспааллааһынын үлэтэ салҕанар.
Суол тутааччылар күннэрин көрсө, «РИК Автодор” АУО генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Сергей Никифоровтыын көрсөн кэпсэтиибитин таһаарабыт.
— Сергей Валерьевич, суол тутааччылара хайдах настарыанньалаах идэлээх бырааһынньыккытын көрсөҕүт?
— Төһө даҕаны күһүммүт бүтэн кыһыммыт кэллэр, настарыанньабыт бойобуой. Онтон атын буолуон сатаммат. Дьыл бу кэмигэр хаардаах самыыр уонна тымныы суол болотунатыгар бөрүкүтэ суохтук дьайарын бары билэбит. Оттон суоппардар кыһалҕата суох айанныахтарын баҕараллар. Биһиги үлэбитинэн дьоҥҥо даҕаны үчүгэй буоларын, массыынаҕа даҕаны ноҕурууска аччыырын туһугар усулуобуйа тэрийэ сатыыбыт.
— Быйыл ханнык үлэ ыытылынна?
— Быйылгы производственнай былааннарбытын барытын толорон эрэбит. Бүлүү улууһугар «РИК «Автодор» Ньурбатааҕы филиалын үлэһиттэрэ 2 эбийиэккэ үлэлээтилэр. Бастакы эбийиэкпит – «Бүлүү» федеральнай суол Бүлүү куорат иһинэн ааһар 572-578 км учаастага, итини былырыын аспааллаан саҕалаабыппыт. Мир уул. уонна Ленин уул. оҥордубут. Онно 16 тыһ. м. бордюр, 5 тыһ. м тротуар, күөх зоналаах, 3000 м «пешеходнай ограждениелаах», 500 м кэриҥэ «барьеркалаах» уонна 4 аҥар км усталаах сырдатыылаах. Баҕаналарын барытын уларытан оҥордубут. Элбэх үлэ барда. Аспаалын быйыл эрдэ уурбуппут. Алтынньы 16 к. «Бүлүү» федеральнай суол 572-578 км аспаалламмыт учаастагын аһыллыыта буолар.
Иккис эбийиэкпит – федеральнай суол 598-608 км учаастагын хапытаалынай өрөмүөнэ. Уопсайа Бүлүү куораттан Чыбыыда үрэххэ диэри 20 км-тан аҥарын биһиги оҥоробут. Быйыл 4 км бүтэрдибит, разметкалаах, «барьернай ограждениелаах». Хаалбыт 6 км эһиил оҥорон үлэҕэ киллэриэхтээхпит.
Ньурба улууһугар суолу көрүү-истии үлэтэ барар. Итини таһынан Ньурба улууһун тыа нэһилиэктэрин киин уулуссаларын аспааллыырга пилотнай бырагыраама иккис сылын үлэлиир. Улуус уонна СӨ Суол фондатын нөҥүө өрөспүүбүлүкэттэн ирээттэһэн үбүлээһининэн Ньурбачааҥҥа П.Николаев аатынан 1200 м усталаах уулуссаны оҥордубут. Саҥа ньыманан, суолун олоҕо «тымныы ресайклинг» көмөтүнэн оҥоһуллар уонна үрдүнэн 8 см аспаал араҥата. Эмиэ маннык Октябрьскай нэһилиэккэ 900 м тахса усталаах И.Теленков уул. аспаалланна. Маны сэргэ Ньурба куорат иһигэр син элбэх сайаапканан үлэлээтибит. Мэрия сайаапкатынан Ст. Васильев уул. «ямочнай» өрөмүөнэ ыытылынна. СӨ олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааматынан Сергей Васильев аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар массыына парковкаланар сирдэрэ аспаалланна. Онон син элбэх үлэ барда.
— Эһиилги былааҥҥыт.
— Эппитим курдук, Бүлүү улууһугар баран Чыбыыдаҕа федеральнай суол 598-608 с. км-гар саҕаламмыт өрөмүөммүтүн ситэриэхтээхпит. 6 км хаалбыта. Суоллары оҥорууга муниципальнай бырагыраама салҕанан бара туруоҕар эрэнэбит. Ньурба куорат уонна Бүлүү куорат иһигэр үлэлэр эмиэ бааллар, онно үлэлиэхпит. Үөһээ Бүлүү улууһуттан эмиэ сайаапкалар киирэ тураллар. Бэйэбит дойдубут сакаасчыттартан эмиэ сайаапкалар киириэхтэрэ диэн эрэнэ күүтэбит. Барытын хаачыстыбалаахтык кэмигэр толоруохпут диэн эрэннэрэбит.
— Суолу оҥоруу технологиялара сайдан иһэрин билэбит, ол эрээри асфальт суол биһиги усулуобуйабытыгар уһуннук сулууспалаабат дии.
— Биһиги оҥорбут эбийиэктэрбит барыта хантараак быһыытынан гарантийнай эбэһээтэлистибэлээх. Хас биирдии элемент: суол олоҕо, сир болотуната, бүрүөһүнэ, «обочина» — барыта гарантийнай болдьохтоох. Ол болдьох иһигэр хантараак быһыытынан барытын оҥоробут. Ол быһыытынан Убайааҥҥа Чусовской уул. кыра дьаама курдуктар үөскээн испиттэрэ, ону быйыл үлэлээн бүрүөһүнүн барытын көннөрдүбүт.
— Тэрилтэ транспортнай пааркатын хайдах сыаналыыгыный?
— Автопаарка туһунан эттэххэ, толору хааччыллан олоробут. Сүнньүнэн германскай тиэхиньикэлэр. Аспаал уурар укладчиктардарбыт VÖGELE фирма уонна катоктарбыт HAMMER фирма, WIRTGEN фирма оҥоһуктара. “Исудзу” уонна “Камаз” самосваллар бааллар. Онон хааччыллыыбыт толору.
— Саамай сүрүнэ – дьон буоллаҕа. Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэриҥ туһунан тугу этиэххиний уонна бырааһынньык күннэригэр тугу баҕарыаххыный?
— Суолу көрүү-истии, суол өрөмүөнэ — чахчы эппиэтинэстээх, дьоҥҥо барытыгар олус наадалаах уонна улахан суолталаах үлэ. Суол тутааччылар бириэмэни, тымныыны-куйааһы аахсыбакка эбээһинэстээх үлэлэрин үтүө суобастаахтык толороллор. Онон кинилэргэ барыларыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Түгэнинэн туһанан, суолга үлэлиир кэллиэгэлэрбин барыларын кэлэн иһэр Суол тутааччыларын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, элбэх үчүгэй үптээх-харчылаах, интэриэһинэй уонна дьоҥҥо туһалаах эбийиэктэри баҕарабын.
Геннадий АНТОНОВ.