Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улуустааҕы көмө фондатыгар 2023 с. барыта 8016515 солк. киирдэ.
Ол иһигэр ахсынньыга фондаҕа үбү киллэрдилэр: «Сардана» оҕо уһуйаана – 23300 солк, уу суолларын Бүлүүтээҕи оройуона (техучаастак) – 35000 солк, ИСУ – 8500 солк, Киров оскуолата – 25500 солк, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена – 24271,84 солк, Ньурбатааҕы лесничество – 20500 солк., С.И.Алексеев аатынан Дьиикимдэ оскуолата – 35500 солк, Ньурба куорат Сэбиэтин дьокутааттара – 10000 солк, «Бордоҥ нэһилиэгэ» МТ – 200000 солк. уонна Бордоҥ нэһилиэгин «Айар Киин» норуот айымньытын дьиэтэ – 20908 солк.
Улуустааҕы суһал ыстаап быһаарыытынан, ахсынньыга СВО фондатыттан СВО кыттылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө 482954 солк. ыытылынна. Инньэ гынан фондаҕа билигин 340807 солк. баар.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата