СВО фондатыгар 3 мөл. тахса солк. киирдэ

СВО фондатыгар сыл саҥатыттан 3 мөл. 101 тыһ. 863 солк. киирдэ. Кулун тутар ый саҕаланыаҕыттан М.С.Егоров аатынан Ньурба 2 №-дээх орто оскуолата – 66500 солк, улуустааҕы Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы сулууспата – 2966 солк., ТХМ иһинэн Мелиорация управлениета – 36743 солк., СӨ Суут департамена – 77428 солк., Ньурбачаан уонна Чаппанда нэһилиэктэрин дьаһалталара – 100-түү тыһ. солк., ветуправление– 41000 солк., Мэҥэдьэк нэһилиэгин дьаһалтата – 200 тыһ. солк. уонна «Аэронавигация Северо-восточной Сибири» филиал Салгынынан сырыыны тэрийиигэ Ньурбатааҕы киинэ – 40300 солк., улуус муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктарын Сэбиэтэ – 362150 солк., Күндээдэ уонна Чуукаар олохтоох дьаһалталара 100-түү тыһ. солк. киллэрдилэр.

Быстах мобилизацияҕа улуустааҕы суһал ыстаап быһаарыытынан СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө 446050 солк. ыытылынна. Кулун тутар 18 к. туругунан, сыл саҥатыгар хаалбыт үбү киллэрэн туран улуустааҕы СВО фондатыгар 3045920 солк. баар.

Геннадий Антонов

Читайте дальше