СВО кыттыылаахтарын оҕолоро Саҥа дыллааҕы бэлэх тутуохтара

Былырыыҥҥыттан СВО кыттыылаахтарын оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы үтүө үгэс олохтоммута. Быйыл эмиэ «Үтүө быһыы ёлката» аахсыйа ахсынньы 1 к. саҕаламмыта. Улууска барыта СВО кыттыылаахтарын 211 оҕото баар. Кинилэргэ тэрилтэлэр салайааччылара, Ньурба куорат уонна нэһилиэктэр баһылыктара, бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттара бары Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттарыахтара.

Дойду көмүскэлин ыраах кирбиитигэр сылдьар, Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар буойуттарбыт оҕолоругар бэлэх туттарыы — биир дойдулаахтарбытыгар истиҥ махтал бэлиэтэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө-кыһамньы биир көстүүтэ.

Улуустааҕы ыччат дьыалатын уонна имидж бэлиитикэтин управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Елена Романова иһитиннэрэринэн, сорох улахан тэрилтэлэргэ хастыы да оҕо тиксэр. «Оҕолору испииһэгинэн тыыран, салайааччыларга уонна дьокутааттарга тиэрдибиппит, онон биир даҕаны оҕо маппакка бары ылаллар, — диир Елена Валентиновна. — Бэлэхтэри бу ый 20 к. диэри тутабыт. Бэлэх суумата биир, барыларыгар тэҥ гына олохтоммута. Хас биирдии бэлэх биэрэр киһи ханнык оҕоҕо биэрэрин билэр, инньэ гынан оҕолорго саастарынан эҥин сөп түбэһиннэрэн бэлэхтэрин ылан аҕалтыы сылдьаллар. Итини таһынан ёлка оонньуурун аҕалаллар. Административнай киин маҥнайгы этээһигэр «Үтүө быһыы ёлкатыгар» оонньуурдары иилэн иһэбит. Инньэ гынан хас оҕо бэлэх баар буолбута көстөн иһэр. Биир дойдулаахтарбыт, Ньурба улууһуттан Ил Түмэн дьокутааттара Владимир Прокопьев уонна Георгий Балакшин улуус олохтоохторун кытта көрсүһүүлэргэ кэлэ сылдьан, бу аахсыйаҕа кыттан бэлэхтэрин эмиэ туттарбыттара.

Ахсынньы 24 к. СВО кыттыылаахтарын оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы утренник буолара былааннанар. Онно кэлбит оҕолорго туттарыллар. Кыайан кэлбэтэх оҕолорго нэһилиэктэрин дьаһалталарыгар тиксэриэхпит. Онон Саҥа дьыл иннинэ бары Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэрин тутуохтара.

Геннадий Антонов