Михаил Николаев 1937 сыллаахха сэтинньи 13 күнүгэр Хаҥалас улууhун Өктөм нэhилиэгэр төрөөбутэ. Мин бигэ санаабар, Хаҥалас сиригэр-уотугар Тыгын Дархантан саҕалаан саха норуотун сис дьоно, сирдьиттэрэ төрүүллэр. Онон үйэлэргэ биирдэ төрүүр киhинэн Тыгын курдук дьонун-норуотун түмпүт, сырдыкка үрдүккэ сирдээбит киhинэн биһиэхэ Михаил Николаев буолара мэлдьэх буолбатах, диэн юридическэй билим дуоктара Александр КИМ-КИМЭН ахтыытын «Хаҥалас» хаhыат сырдатар.
Сайдыыта, олоххо уһаарыллыыта оҕо эрдэҕиттэн саҕаламмыта
Ол курдук Эдьигээн улууһугар ийэтигэр көмөлөhөн хас да сыл олорон, онно оскуоланы бүтэрэн баран, Омскайга ветеринарнай институкка киирэн уонна ону ситиhиилээхтик бүтэрэн төттөрү Эдьигээҥҥэ кэлэн ылбыт идэтинэн үлэлии сырыттаҕына эдэр ыччат кинини комсомол райкомун бастакы сэкэрэтээринэн биир санаанан талбыта элбэҕи кэрэһэлиир.
Онтон кынаттанан кини кэлин комсомол уонна партия уорганнарыгар Дьокуускайга, Үөһээ Бүлүүгэ ситиһиилээхтик үлэлээн кыаҕын көрдөрөн Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн, Совмин солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн, элбэхтэ Саха АССР Верховнай Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта уонна бэйэтин лидер быһыытынан чаҕылхайдык көрдөрбутэ.
1989 сыл ахсынньытыгар Михаил Ефимович XI ыҥырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.
Бииргэ үлэлээбит дьоллоохпун
Мин кинилиин 1990 сыл тохсунньу 3 күнүттэн саҕалаан түөрт сыл бииргэ үлэлээбит дьоллоохпун. Аан бастаан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээн барбытым. Онно бэйэм санааларбын этэр буоллахпына маннык. Улуу немец политига Бисмарк «Политика есть искусство возможного» диэн этэн турар. Михаил Николаев киһи быһыытынан арылхайа, политик быһыытынан инникини өтө көрөрө, салайааччы быһыытынан үрдүк таһымнааҕа элбэх дьону бэйэтигэр тардара уонна кинилэр итэҕэллэрин ылара.
Сахабыт сирин туһугар
Элбэхтэн аҕыйаҕы сырдаттахха, М.Е. Николаев 1990 сыл муус устар ыйыгар РСФСР норуот дьокутаатынан уонна САССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан уонна бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Кини салайар бириэмэтигэр Суверенитет туһунан Декларация 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыллыбыта, СӨ Президенин дуоһунаһа баар буолбута, сир баайын баһылааһыҥҥа, судаарыстыбаннас тутула сайдарыгар элбэх үлэ барбыта, СӨ былааҕа, дьаралыга, Өрөгөй ырыата баар буолбуттара. 1991 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы президенинэн талыллыбыта. Онтон миигин Президент дьаһалтатын салайааччытынан бэйэтин ыйааҕынан анаабыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салайааччытын быһыытынан кини ССРС Президенин М.С.Горбачевы, РФ Президеннэрин Б.Н.Ельцины уонна В.В. Путины кытта элбэхтэ сирэй көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэтэн Саха сирин сайдыытын боппуруостарын турууласпыта уонна элбэҕи ситиспитэ.
Ол курдук кини АЛРОСА хампаанньаны төрүттээбитэ, РФ уонна СӨ Бырабыытылыстыбаларын икки ардыларыгар экономическэй боппуруостарга (31.03.92.), баайы- дуолу тыырсыыга (25.11.92.) Сөбүлэһиилэргэ илии баттаабыта үп-харчы хаҥыырыгар улахан олук буолбута. Ону ааһан Российскай судаарыстыба туруктаах буоларыгар олук уурсубута. РФ Конституцията ылыллыытыгар күүскэ үлэлэспитэ, бэйэтин этиилэрин киллэртээн өрөспүүбүлүкэлэр сөптөөх бырааптаах буолалларын турууласпыта.
1996 сыллаахха кини көҕүлээһининэн «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо спортивнай Оонньууларын тэрийбитэ. Ол Оонньуулар чэрчилэринэн Дьокуускайга элбэх спортивнай эбийиэктэр федеральнай үбүнэн тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ («Триумф», «Дохсун», «Чолбон», «Эллэй Боотур» курдук спорткомплекстар, «Туймаада» стадион). Духуобунас, култуура, үөрэх, тыл, спорт сайдыытыгар кини киллэрбит кылаата сүҥкэн. Ол курдук Ийэ, Аҕа күнэ олохтонуута, ыһыах судаарыстыбаннай бырааһынньык буолуута норуоту түмпүтэ, сүргэтин көтөхпүтэ.
Инники күөҥҥэ биир дойдулаахпыт, улуу киһибит сырдык аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин туһугар биһиги, хаҥаластар күүскэ үлэлиирбит, кини аатын тула түмсэрбит эрэйиллэр диэн эһиэхэ бэйэм баҕа санаабын тиэрдэбин.
Александр КИМ-КИМЭН, РФ уонна СӨ үтүөлээх юриһа, юридическэй билим дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ