Сыл барыллааһын түмүгэ: сылгы ахсаана эбиллэр, сүөһү лаппа көҕүрүүр чинчилээх

 

Сыл бүттэ эрээри, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр-хамнаһыгар бүтэһиктээх түмүк таһаарыллыа ыраах. Билиҥҥитэ улуустар биэрбит дааннайдарынан сабаҕалааһын эрэ оҥоһулунна. Ол даҕаны буоллар, барыллааһын түмүктэртэн билиһиннэриэххэ сөп. Саба быраҕан көрдөххө, түөһү тоҥсунарга сылтах буолуох айылаах сыыппара аҕыйах.

Арай, сылы эргиччи аһаҕас халлаан анныгар сылдьан, айаҕын бэйэтэ булунар сылгы баайбыт эрэ эбиллэрэ чинчилэнэр. Ол курдук, саҥа 2024 сылга 183 984 сылгылаах (сорудах – 182 301) үктэнэн, 1 683 төбөнөн чорбойдо, ол эбэтэр туолуута – 100,92 бырыһыан. Сылгыларын ахсаанын Хаҥалас улууһа 1 746, Куорунай улууһа 512, Нам 302, Сунтаар 98, Өймөкөөн 88 төбөлүүнэн эптилэр. Аҕыйах сылгылаах улуустартан Булуҥ 375-кэ (сорудаҕа – 317 төбө), Аллараа Халыма 104-кэ (66), Үөһээ Халыма 227-ҕэ (213), “Сатай” куораттааҕы уокурук 267-ҕэ (220) тириэрдэннэр, былааннарын балачча (106,57-тэн 157,58 бырыһыаҥҥа диэри) аһардылар.

Бу кэмҥэ Томпо улууһа 552, Үөһээ Дьааҥы 448, Үөһээ Бүлүү 345 сылгыларын былааннаммыт сорудахтан сарбыйаннар, бүттүүн көрдөрүү өссө өрө барыаҕын таҥнары тартылар. Инньэ гынан, сылгыны иитиигэ саамай мөлтөх улуустар ахсааннарыгар Томпону (72,06%), Өлөөнү (85,80%), Уус Маайаны (91,79%), Үөһээ Дьааҥыны (93,98%), Үөһээ Бүлүүнү (96,10%) киллэриэххэ сөп. Өлөөн 162 сылгыланыахтааҕын 23, Уус Маайа 1 072 сылгыны кыстатан туруохтааҕын 88 төбөлүүнэн сарбыйдылар.

Хаартыска: «Вести Верхоянья» хаһыат

Сылгы бүттүүн ахсааныттан 73 479 төбө бааһынай хаһаайыстыбалар, урбаанньыттар, 62 646 төбө ыаллар кэтэх хаһаайыстыбаларын, 408 төбө тэрилтэлэр көмөлтө хаһаайыстыбаларын итиэннэ 25 379 сылгы тыа хаһаайыстыбатын улахан тэрилтэлэрин, кэпэрэтииптэр бас билиилэригэр бааллар. Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн тэрээһиннээх, сылгыны үөрдээн иитэр хаһаайыстыбаларга “биэ төбөтүгэр” 5-тии тыһ. солкуобайдаах көмө оҥоһуллар.

Кэлиҥҥи сылларга саамай бүөбэйдэнэр, ньээҥкэлэнэр салаа – ынах сүөһүнү иитии. Ол гынан баран, атаах оҕо аҥала эбэтэр сэттэ ньээҥкэһит көрөр оҕото хараҕа суох буоларыныы, сылтан сыл мөлтөөн-ахсаан иһэрэ хомолтолоох. Уот доҕуһуоллаах кураан сылларга тулуктаһан баран, дэлэччи оттоох киирбит дьылга кэлэн, ынах сүөһү, ол иһигэр ынах, ахсаана тосту аҕыйыыра сабаҕаланара саха саҥнааҕы дьиксиннэрбэт буолуон сатаммат. Дааннайдарын 7 улуус (Бүлүү, Мииринэй, Муома, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай) ситэ биэрэ иликтэр эрээри, ол бүттүүн хартыынаны улаханнык уларытыа суоҕа.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ынах сүөһү ахсаана 4 183 төбөнөн аҕыйаабытыгар “үтүөлээхтэри” ааттаталыахха: Чурапчы 1 264, Мэҥэ Хаҥалас 1 189, Хаҥалас 554, Таатта 422, Үөһээ Бүлүү 382, Томпо 227, Куорунай 149, Үөһээ Дьааҥы 123 төбөлүүнэн көҕүрэттилэр. Сорудаҕы толоруу бырыһыанынан көрдөххө, саамай мөлтөх – Өлөөн. Бу хотугу улууска билигин 72 сүөһүнү кыстатан туруохтаахтарыттан 31 эрэ тыыннаах хаалан, 43,06 бырыһыаннаахтар. Эдьигээҥҥэ 65 оннугар 54 (83,08%), Абыйга 477 сүөһү хотоҥҥо туруохтааҕын 405 (84,91%), Уус Маайаҕа 735 баар буолуохтааҕын 650 (88,44%) кыстаталлар.

Сүөһүтүн ахсаанын таһыччы элбэппит улуус суох гынан баран, таҥнары түһүүнү харгыстаспыттарын иһин Нам (189 төбө чорбохтоох), Кэбээйи (135), Сунтаар (75) улуустарын ааттаталыыр сиэрдээх буолуо. Аҕыйах сүөһүлээх улуустартан Үөһээ Халыма 10 (208 оннугар 218), Булуҥ 6 (19 – 25), Нерюнгри 15 (267 – 282) уонна “Сатай” куораттааҕы уокурук 34 (55 – 89) төбөлүүнэн эппиттэрэ – туһугар ситиһии.

Аны төбөтүгэр уонна үүтүгэр өйөбүллээх ынахпытын ылан көрүөҕүҥ. Ааспыт сыл түмүгүнэн “тириэрдиллибит сорудахтан 2 275 төбөнөн итэҕэс буолуоҕун” сабаҕалыыллар. Чурапчылар 398, мэҥэлэр 396, үөһээ бүлүүлэр 316 ынахтарын сарбыйаннар, “бастаатылар”. Үгүөрү сүөһүлээх улуустартан Таатта 272, Хаҥалас 267, Куорунай 170 төбөлүүнү көҕүрэттилэр. Балары тэҥэ былааннаммыт сорудахха Ньурба 95, Үөһээ Халыма 93, Үөһээ Дьааҥы 91 ынаҕынан тиийбэтилэр. Эбиллии өттүгэр холобур буолуох улуус суох. Арай, Дьокуускай куорат 63 ынаҕы эбэн, 1 458 төбө оннугар 1 521 төбөҕө тириэртэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҥа 2024 сылга 170 975 сүөһүлээх үктэниэхтээх сорудахтан 97,55 бырыһыана туолла, ол эбэтэр билиҥҥитэ 166 792 туора муостаах хотоннорго хорҕойон турар. Бу баайтан улахан аҥаара (86 708 төбө) кэтэххэ баар. Убаанньыт-бааһынайдар 43 158, улахан хаһаайыстыбалар 17 682 уонна тэрилтэлэр көмөлтө хаһаайыстыбалара 186 ынах сүөһүлээхтэр. Ити иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ 69 668 ынах (сорудах быһыытынан, 71 943 баар буолуохтаах этэ) иитиллэриттэн 33 780 төбөнү ыаллар, 18 497-ни урбаанньыт-бааһынайдар, 8 785-и улахан хаһаайыстыбалар уонна 60-у көмөлтө хаһаайыстыбалар көрөллөр.

Хаартыскаҕа: «Өлөөн» МУТ ыстаадатыгар табаларга быһыы биэрэллэр

Табаны иитии салаата кэлиҥҥи сылларга бигэтийэн, оннун булан испитэ. Табаарынайга үлэлэһэр улуус аҕыйах (3 иһинэн). Үгүстэр таба ахсаанын элбэтиигэ соруктанан үлэлииллэр. Ол үрдүнэн өрөспүүбүлүкэ саҥа сылга 1 024 таба итэҕэстээх үктэнэрэ чинчилэнэр. Сорудах 166 844 төбө буоллаҕына, туолуута – 99,39 бырыһыан, ону төбөтүгэр таһаардахха, 165 820 таба. Маныаха улуустар көрдөрүүлэрэ, балачча уратылаһаллар. Холобур, Аллараа Халыма 2 604, Эдьигээн 1 927, Үөһээ Дьааҥы 706 төбөлүүнү көҕүрэппит буоллахтарына, Өймөкөөн 1 585, Кэбээйи 996, Өлүөхүмэ 881, Булуҥ 729 төбөлүүнэн эбиллибиттэр.

Сибиинньэни арбаҕастаах даҕаны абыраабата биллибитэ ыраатта. Уотурба сыаната ыарыаҕыттан ахсаана төтөлө суох аҕыйыы турар. Ааспыт сыл түмүгүнэн өссө 2 933 төбөнөн сарбыллара сабаҕаланар. Инньэ гынан, 14 884 сибиинньэ ордунна. Былааннаммыт сорудаҕынан 17 817 төбөҕө тириэрдиллиэхтээх этэ. Саамай элбэҕи иитэр Дьокуускай куорат саҥа сылга 11 448 сибиинньэлээх үктэниэхтээҕин 2 088 төбөнөн итээн, бүттүүн көрдөрүүнү таҥнары тарта. Киин куоракка билигин 9 360 сибиинньэ кыстаан турарыттан идэтийбит улахан хаһаайыстыбалар 8 946, бааһынайдар 150, көмөлтө хаһаайыстыбалар 199 уонна биирдиилээн ыаллар 65 төбөлүүнү иитэллэр.

Дьиэ кыылын-сүөлүн ахсаана аҕыйаабытын суотугар эт дэлэйбитэ буолуо диэҕи көрдөрүү эмиэ сэмэй. Ол курдук, дьиэ кыылын-көтөрүн этин оҥорон таһаарыы, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 36 449,68 туоннаҕа тэҥнэһэрэ чинчилэнэр. Сорудах быһыытынан, 37 769,85 туонна буолуохтааҕын 1 320,17 туонна этинэн итэҕэс оҥоһулунна. Ол оннугар үүт баалабай ыамыгар сорудах аһара толорулунна: сорудах – 160 015,40 туонна, туолуута – 160 536,80 туонна.

 

Василий Никифоров

 

Читайте дальше