Сүрэх баҕатынан ыытар үлэҕит үтүө түмүктэрдээх буоларыгар баҕа санаабытын тиэрдэбит

Кулун тутар 12 күнүгэр Ньурба түмэлигэр кыраайы үөрэтээччи, Ильмень күөлгэ кыргыһыы кыттыылаахтарын үйэтитээччи Ксенофонт Васильевич Васильевтыын уонна “КөмүсКэл” иистэнньэҥнэр сыахтарын, “Арыллыы” кыбытык тигии түмсүүтүн салайааччыта Галина Дмитриевна Федоровалыын көрсүһүү буолла.

Ааспыт ыйга кинилэр Старай Русса куоракка тиийэннэр нэһилиэнньэни кытта көрсүбүттэрэ, быыстапкалаабыттара. Ксенофонт Васильевич ол сырыыларын уонна хас да сыллаах үлэтин түмүгүн кэпсээтэ. Былаан быһыытынан бу саас, Ньурба техколледжын «Патриот» көрдүүр этэрээт чилиэннэрин илдьэ, Ильмень күөлгэ охтубут саха буойуттарын кырамталарын, табылыннаҕына «смертнай медальоннарын» булан ааттарын төннөрөр, киһилии харайар сыаллаахтар-соруктаахтар эбит. Ксенофонт Васильевич бу дириҥ суолталаах, хорутуулаах үлэтэ ситиһиилээх буолуо диэн эрэнэбит, өйүүбүт.

Галина Дмитриевна эмиэ Старай Русса куоракка сырыыларын, үлэлэрин ис хоһоонун уонна анал байыаннай дьайыыга бааһырыы ылан госпитальга эмтэнэ сытар байыаһы хайдах көрсүбүттэрин, дойдутуттан кэһии тиксэрбиттэрин туһунан кэпсээтэ. Маны тэҥэ К.В. Васильев кыргыһыы хонуутуттан булуллубут сэп-сэбиргэл кырамталарын көрдөрөн кэпсээтэ, сорох малы-салы Ньурба түмэлигэр Ильмень күөлгэ кыргыһыыны сырдатар экспозицияҕа анаан бэлэхтээтэ.

Ытыктыыр дьоммутугар Ксенофонт Васильевичка, Галина Дмитриевнаҕа бу сүрэххит баҕатынан ыытар үлэҕит үтүө түмүктэрдээх буоларыгар баҕа санаабытын уонна өйөбүлбүтүн этэбит.

Түмэл пресс-сулууспата