Талба талаан – таҥара бэлэҕэ дииллэр

Таҥара талааны хадаҕалаабыт дьоно диэн өйдөбүл баарын бары билэбит. Итинэн сиэттэрэн, мин билиһиннэриэхпин баҕарабын Күндээдэ нэһилиэгин дьонун-сэргэтин хараҕын далыгар улааппыт, айар алып эйгэтигэр ылларбыт эдэр ийэни, култуура эйгэтигэр үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар Элеонора Семенованы.

Кини 1997 сыллаахха тохсунньу томороон тымныыта өрөгөйдөөн турар кэмигэр Семеновтар диэн эдэр ыалга маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Эдэр дьон кырачаан кыыстарын Элеонора диэн эриэккэс аатынан сүрэхтээбиттэрэ. Алта оҕолоох ыал улахан оҕолоро буолан Элла эппиэтинэстээх, бырааттарыгар,
балыстарыгар холобур буола улааппыта. Ойор-тэбэр оҕо сааһа төрөөбүт Күндээдэтигэр ааспыта. Оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэммитэ, араас тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттыһан иһэрэ. Кыра сааһыттан сытыы-
хотуу кыыс, туохтан да иҥнибэккэ ылсан дьарыктанара, үүнэрэ, сайдара.

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар Галина Прокопьевна Степанова салайар “Кэскил” образцовай үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктаммыта. Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан,  Ороһооспо кэмигэр, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа, Кремль
елкатыгар үҥкүүлээн кэлбитэ – оҕо сааһын биир кэрэ кэмэ, умнуллубат түгэнэ буолар. Ону сэргэ кулууп иһинэн үлэлиир “Сандал” оҕо фольклорнай ансаамбылыгар Альбина Дмитриевна Платонова салайыытынан утумнаахтык
дьарыктаммыта. Элбэх күрэхтэргэ кытталлара, кыайыы өрөгөйүн билэллэрэ.
Сайын аайы ыһыахтарга сылдьан, ыһыах сиэрэ-туома хайдах ыытылларын, туох барарын барытын билэ улааппыттара. Элла олох кыра сааһыттан ыллыырын сөбүлүүр. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр хоһоон айан суруйууга бастакы холонон көрүүлэрэ саҕаламмыттар.

2014 сыллаахха  оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокуускай куоракка А.Д.Макарова аатынан култуура уонна искусство колледжыгар төрүт култуура салаатын  хотугу норуоттар култуураларын үөрэтэр салааҕа туттарсан киирбитэ. Култуура эйгэтигэр улааппыт кыыс идэтин сөпкө талбыт диирим сыыһа буолбата буолуо. Оҕо эрдэҕиттэн дьарыктара кыыс инники олоҕун суолун дыргыччы арыйан төһүү күүс буолбуттара. Элла устудьуоннуур сылларыгар талаана өссө арыллан элбэххэ уһуйуллубута. Куоракка ыытыллар тэрээһиннэргэ үгүстүк кытталлара, сайынын ыһыахтар аһыллыыларын сиэрин-туомун толорсон күн бокуойа суох буолаллара, уһуйааччыларыттан элбэххэ үөрэнэллэрэ. Элла дьүөгэтинээн Муся Платоновалыын, кини убайа Валералыын биир идэлээхтэр. Үһүөн тутуспутунан бииргэ устудьуоннаабыттара, тойукка, хомуска, фольклор араас көрүҥнэригэр тэҥҥэ уһуйуллубуттара.  Билигин бары талбыт идэлэринэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар.

Элла колледжын ситиһиилээхтик бүтэрэн,  төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар Күндээдэҕэ кэлэн үлэ үөһүгэр сылдьар, оҕо сааһыттан дьарыктаммыт кулуубугар тутаах үлэһит буолар. Күүстээх куоластаах ырыаһыт, чабырҕахсыт, тойуксут, артыыс, үҥкүүһүт, кэнсиэртэри иилээн-саҕалаан ыытааччы — бу барыта биһиги Эллабыт.

Утумнааһын диэн баар дииллэр. Элла, маҥнайгы сиэн кыыс буолан, маанылаан ииппит эһээлээх эбээтэ талаан бөҕө дьоннор. Эбээтэ Мария Семеновна ырыаһыт, оһуохайдьыт дьоннордоох Малдьаҕартан төрүттээх,
кэрэ, нарын куолаһынан ыллаатаҕына иһийэн олорон истэрбит. Онтон тапталлаах эһээтэ Владимир Иванович Семенов-Буудьа сыаҥкаларга, пьесаларга оонньуур талааннаах артыыс этэ. Кэнсиэртэргэ солбуллубат ыытааччы, уус-уран тыллаах кэпсээнньит, Ньурба ыһыахтарыгар сайын аайы ат сүүрдүүтүн комментатора буолааччы.
Хос эһээтэ,Тимофеев Семен Николаевич-Сыччыкы Сэмэн оһуохайдьыт эбит. Төрүт удьуор талааннаах дьоннорун утумнаан кыыспыт тойуксут, оһуохайдьыт, чабырҕахсыт, ырыаһыт буоллаҕа.  Элла ийэтэ, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Джульетта Михайловна эмиэ ыллыыр, күүстээх куоластаах, ордук патриотическай ырыалары бэрткэ толорооччу ырыаһыт. Бу барыта бииргэ түмүллэн кыыспытыгар иҥэриллибит буолан, ону сайыннаран, ыллыы-туойа сырыттаҕа.

Нэһилиэкпит иһигэр “Айар алып” диэн түмсүү баар. Онно айар дьоҕурдаах дьон ортотугар Эллабыт саамай эдэрдэрэ буолар. Кини иллэҥ кэмигэр хоһоон айар дьоҕурдаах,  онно матыып суруйан ырыа гынан таһаарар дьарыктаах. 2020 сыллаахха Н.И.Харитонов-Чуор 80 сылыгар анаан ыытыллыбыт ырыа күрэҕэр, поэт “Эйигин таптыыбын” хоһоонун  ырыа гынан ыллаан 3-с истиэпэннээх лауреат буолбута. Бэйэтэ айан таһаарар  хоһоонноругар матыып суруйарын ордорор. 2021 сыллаахха биир идэлээҕэр Айаана Антоноваҕа анаан “Айан” диэн ырыаны суруйбута. Бу тэтимнээх
ырыа истээччи кутун тутар дьоһуннаах ырыа буолар. Элла бу ырыатын, саҥа тахсан эрэр эстрада ырыаһыта, Айыллаана Сандаар ыллаан “Үрдэл-2023” номинана буолбута. Күндээдэҕэ хаһыс да сылын “Кубок поршня” күрэх ыытыллар.

Араас улуустартан мустан, тоҥуу хаар устун ким кыахтаах, ким күүстээх массыыната күрэхтэһэр күрэҕэ буолар. Бу күрэххэ гимн ырыа наада эбит диэн буолбутугар, Элла ылсан “Кыайыыга дьулус” диэн ырыата 2023 с. айыллыбыта. Күрэх кэмигэр буруолуу сылдьар ырыа сүрэхтэнэн, тута дьон-сэргэ сэҥээриитин ылан ырыа үрдүккэ көппүтэ.
Айаҥҥа сылдьар суоппардар сөбүлээн истэр ырыалара буолбута. Элла бу  ырыатынан “Туой Хайа-2023” республиканскай ырыа күрэҕэр кыттан,“Бастыҥ авторскай ырыа” номинацияҕа тиксибитэ. Кини этэринэн, иэйииҥ
киирдэҕинэ хоһоон тыла, ырыа матыыба бэйэтэ субуллан тахсар. Альбина Күндээдинскэйэ «Учууталга» диэн хоһоонугар матыып суруйан, күһүн балаҕан ыйыгар саҥа оскуолаҕа “Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ” диэн истиҥ көрсүһүүгэ ыллаан бар дьонун эҕэрдэлээбитэ.

Номнуо хасда ырыалаах буолан, быйыл, олунньу ый 17 күнүгэр Эллабыт “Ырыам матыыба бүппэтин” диэн бастакы айар киэһэтин төрөөбүт дойдутун дьонугар-сэргэтигэр бэлэх ууммута. Бу айар киэһэтигэр үөрэппит учууталларыгар “Учууталга” диэн ырыатын анаабыта уонна тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтээн олус үөрдүбүтэ, долгуппута.

Бу 2024 сыл кулун тутар 2 күнүгэр, Дьокуускай куоракка, Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар Ньурбалар С.В. Петров-Чыычаах “Оҕо Дьулаах Бухатыыр” олоҥхотун киэҥ эйгэҕэ оонньоон көрдөрдүлэр, көрөөччү үрдүк сыанабылын ыллылар. Олоҥхо сүрүн дьоруойдарын Күндээдэ талааннаах
ыччаттара толорбуттарыттан үөрэбит, астынабыт. Оҕо Дьулаах Бухатыыры — Валерий Платонов, онтон бухатыыр балтын — Көмүс Хоҥоруу оруолун Элеонора Семенова итэҕэтиилээхтик толорбуттара киһини үөрдэр. Кинилэр
кылыһахтаах тойуктарын көрөөччүлэр олус сөбүлээн истибиттэр, астыммыттар.

Айар куттаах, ыллам ырыа аргыстаах, саха норуотун төрүт култууратын өрө тутан үлэлии-хамныы сылдьар Эллабыт талаана өссө арыллыа, оҕолоро, чугас дьоно, төрөөбүт дойдута киниэхэ олоҕун суолтата, тыынар салгына буолан иэйии кыымын саҕыахтара, өссө да ыллам ырыалар айыллан ыллана, киэҥ куйаарга көтүөхтэрэ диэн сэмээр үөрэбин.

 

 

Татьяна Степанова, М.И.Герасимова аатынан олохтоох бибилитиэкэ

бибилитиэкэрэ

 

Читайте дальше