Аан дойдуга пилота суох көтөр аппарааттар эйгэлэрэ күүскэ сайдан иһэрин билэбит. Маннык аппарааттар байыаннай дьайыыларга уонна быыһыыр-көрдүүр үлэлэргэ эрэ туттуллар буолбатахтар. Норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар беспилотниктар оруоллара улаатан иһэр. Сааскы халаан кэмигэр муус устуутун кэтээн көрөргө, ойуур баһаардарын умуруорарга, сүппүт дьону көрдүүргэ уо.д.а. сыалга туһанылларын билэбит.
Дойду салалтата манна улахан болҕомтотун уурда. 2023 с. ахсынньы 26 к. «Беспилотные авиационные системы» национальнай бырайыак бигргэтилиннэ. 2030 с. диэри федеральнай бүддьүөттэн 696 млрд. солк. көрүллэрэ былааннанар. Бу болдьох бүтүүтэ гражданскай авиабеспилотниктары оҥоруу сылга 32,5 тыһ. устуукаҕа тиийиэхтээх.
Нацпроект чэрчитинэн үөрэх тэрилтэлэрэ ылсан үлэлэһэн эрэллэр. Итинэн сибээстээн, Ньурбатааҕы техлицей дириэктэрэ Иван Гаврильевич Тобоновы кытта кэпсэттибит.
— Иван Гаврильевич, дойду оскуолаларыгар уонна эбии үөрэҕин тэрилтэлэригэр беспилотник операторыгар үөрэтэр кииннэр аһыллан эрэллэр диэн суруйаллар. Ньурбатааҕы техническэй лицей маннык бырагыраамаҕа кииристэ. Бу туһунан сиһилии соҕус кэпсиэҥ дуо?
— «Беспилотные авиационные системы» нацпроект «Стимулирование спроса на беспилотные авиационные системы» уонна «Кадры для беспилотных авиационных систем» федеральнай бырайыактарыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 17 политехническэй үөрэхтээһин оскуолата уонна 1 колледж киирдилэр. Биһиги судаарыстыбаннай гражданскай сакааһы толоруохтаахпыт.
Биллэрин курдук, беспилотник — тиэхиньикэ саҥа көрүҥэ. Туһаныллыыта даҕаны элбэх: ойуур баһаардарын кэтээн көрүүгэ уонна хонтуруоллааһыҥҥа, ардаҕы ыҥырыыга, тырааныспарга, почтаҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ туттуллар. Чуолаан дьоҕус кээмэйдээх таһаҕаһы таһыыга, ойууру буортулуур үөннэри утары охсуһууга, ынах сүөһүнү, сылгыны уонна дьиэ табатын ханна баалларын кэтэн көрөргө уо.д.а. Тыа хаһаайыстыбатыгар «агродроннар» диэн бааллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыраах, суола-ииһэ соччото суох улуустарга таһаҕаһы тиэрдэргэ беспилотниктары эмиэ туһанарга былаанныыллар.
Дьыл кэмиттэн тутулуга суох көтөр аппарааттар баар буолуохтаахтар. Ону хайдах салайарга, хайдах туттарга уонна оннук беспилотниктары оҥорорго, өрөмүөннүүргэ үөрэтиэхтээхпит. Беспилотниктары көрүү-истии, үлтү түһэн эҥин алдьаннахтарына өрөмүөннээн, алдьаммыт чааһын уларытан, полимернай оҥоһуктарын 3D принтердарынан бэчээттээн таһаарыы тэриллиэхтээх. Өрөспүүбүлүкэҕэ биһиги үлэбитин сүрүннээччинэн СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин иһинэн «Юные якутяне» Ресурснай киин буолар. Хааччыллыыбыт бу тэрилтэ нөҥүө кэлиэхтээх.
— Бырайыаккытын олоххо киллэриигэ төһө үп эһиэхэ көрүллэрий уонна онно туох ылылларый?
— Федеральнай бырайыактарга киирбит оскуолаларга 12,5-тии мөл. солк. көрүлүннэ. Онно дроннар, туттар уонна өрөмүөннүүр «программнай обеспечениетын» оборудованиета, ол иһигэр үөрэтэр интерактивнай дуоската, 12 посадочнай миэстэлээх олорон үлэлиир уонна көтүтэр оборудование, 3D принтер эҥин кэлэр.
— Бу үлэ хайдах быһыылаахтык уонна хаһааҥҥыттан олоххо киирэн барыаҕай?
— Өрөспүүбүлүкэҕэ «Юные якутяне» Ресурснай киин, профессиональнай үөрэхтээһин сайдыытын Киинэ, С.Н.Донской-2 аатынан үөрэх сайдыытын уонна идэни үрдэтинии института, «Воин» байыаннай-спортивнай бэлэмнэнии киинэ, эрэгийиэннээҕи физкултуурунай-спортивнай уопсастыбаннай тэрилтэлэр, дрон күрэхтэһиилэрин Федерацията курдук тирэх кииннэр үлэлииллэр. Бу тэрилтэлэр беспилотниктарга араас күрэхтэһиилэри тэрийэллэр. Ону таһынан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Спорт министиэристибэтэ, «Движение первых» Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи салаата эмиэ дроннарга араас күрэхтэһиини, куонкуруһу ыыталлар. Биһиги итиннэ барытыгар кыттыахтаахпыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ политехническэй оскуолалар Ассоциацияларыгар киирэр оскуолалар хардарыта сибээстэһэн бу көрүҥнэргэ куонкурустарга оҕолору бэлэмнээн үөрэтиэхтээхпит.
Үөрэх бырагырааматыгар ОБЗР диэн Аҕа дойду көмүскээччилэрин үөрэтэргэ саҥа биридимиэт киириэхтээх. Онно беспилотник туһунан эмиэ үөрэтиллэр. Уруккута ОБЖ учууталларын ОБЗР («основы безопасности и защиты Родины») биридимиэтин биэрэллэригэр үөрэтэн саҕалыахтаахпыт. Ньурбатааҕы техническэй лицей оскуолаларга улуустааҕы былаһаакка быһыытынан үлэлиэхтээх. «Дорожнай каартата» оҥоһуллубута. Онно сөп түбэһиннэрэн, от ыйын 1 к. диэри бу бырайыагы олоххо киллэрэн үлэлээн барыахтаахпыт. Болдьоҕо ыгым, онон манна биһигини элбэх үлэ күүтэр.
Бастаан манна үлэлиир дьоммутун талан оскуолабытыгар кабинетын оҥоруохпут, оборудованиебыт кэллэҕинэ таҥан туруоруохпут. Бырайыакка киирбит 18 үөрэх тэрилтэттэн 2-лии киһи кулун тутар ыйга Калуга куоракка баран үөрэниэхтээхтэр, онтон кэлэн манна үөрэтэн саҕалыахтаахтар. Дорожнай каартаҕа сөп түбэһиннэрэн, өрөспүүбүлүкэ 17 политехническэй үөрэхтээһин оскуолатыгар уонна 1 колледжка 37 пед-үлэһит уонна 400 оҕо үөрэниэхтээҕэ былааннанар. От ыйын 1 к. диэри Ньурбатааҕы техлицейгэ анал кылаас аһыллыахтаах, оттон техническэй хааччыллыыта бэс ыйын 1 к. диэри бүтүөхтээх. Кабинетын өрөмүөнүгэр брендбуктаах буолар, ол бигэргэтиллэрин кэтэһэ сылдьабыт.
Маннык утумнаах үлэ ыытыллан, гражданскай беспилотник биһиги олохпутугар бигэтик киириэхтээх, норуот хаһаайыстыбытын араас салаатыгар дьон ону тутта үөрэниэхтээх. Дрону туһаныы көҥүллээх буолар. Беспилотнигы кытта үлэ ымпыгын-чымпыгын билсэн, баһылаан баран биһиги итилэри оҥорууга эмиэ көмөлөһүөхтээхпит. Тиэхиньикэ маннык саҥа көрүҥэ киирэрэ үчүгэй. Улахан дьону эмиэ үөрэтэрбит буолуо, саҥа үөрэхпит бырагыраамата кэллэҕинэ чуолкайданыаҕа.
— Иван Гаврильевич, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал.
Геннадий Антонов