«Төрөөбүт тылым аптаах дорҕооно»

Олунньу 8 күнүгэр П.С.Егоров аатынан Акана орто оскуолатыгар Ийэ тыл, сурук-бичик декадатын иһинэн «Төрөөбүт тылым аптаах дорҕооно» диэн алын сүһүөх оҕолоругар уус-уран ааҕыы күрэҕэ ыытылынна. Оҕолор төрөөбүт тылбыт, омукпут туһунан истиң иэйиилээх хоһооннору ааҕан иһитиннэрдилэр.

📜Күрэххэ 2 бөлөҕүнэн алын сүһүөх оҕото барыта кыттыыны ылла. Ол курдук, 1-2 кылаастарга 16 оҕо кытынна, 3-4 кылаастарга — 7 оҕо. Бастакы бөлөххө кыайыылаах үрдүк аатын ылла Иванов М.Е.-Чуона Мэхээлэ «Сахам тылын таптыыбын» диэн хоһоонунан Федотова Уйгууна (1 кылаас), 2 миэстэни ылла П.Н.Харитонов-Ойуку «Төрөөбүт тыл» диэн хоһоонун ааҕан Николаев Айаал (2 кылаас) уонна Иван Гоголев «Сахам тылынан» диэн хоһоонунан 3 миэстэни ылла Давыдов Никита (2 кылаас). «Кэскиллээх ааҕааччы» диэн анал ааты ылла 1 кылаас үөрэнээччитэ Семенов Дьулус. Дьулус Сэмэн Данилов «Саха саҥата» диэн хоһоонун аахта. 2 бөлөххө Инна Николаева-Угинка «Сомоҕо суолунан» диэн хоһоонун ааҕан 4 кылаас үөрэнээччитэ Николаев Григорий эрэллээхтик бастаата.

2 миэстэни ылла И. Николаева-Угинка «Саҥарыаҕыҥ сахалыы» диэн хоһоонун ааҕан Мигалкина Уйгууна (4 кылаас). 3 миэстэ буолла Сэмэн Данилов «Саха саҥата» диэн хоһоонун ааҕан Макарова Инна (4 кылаас). Бу бөлөххө «Кэскиллээх ааҕааччы» анал ааты И. Николаева-Угинка «Төрөөбүт сахам тыла» диэн хоһоонун ааҕан 4 кылаас үөрэнээччитэ Ефремова Даяна ылла.

Күрэх түмүгүнэн бары кыттааччылар туоһу сурук туттулар, кыайыылаахтар Добун суругунан, кинигэ бирииһинэн наҕараадаланнылар.👏👏👏 Оҕолору бэлэмнээбит учууталларга, төрөппүттэргэ махталбытын тиэрдэбит, инникитин да маннык күрэхтэргэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар баҕарабыт.

Васильева Н.В., саха тылын учуутала, «Саха саҥата» түмсүү салайааччыта