«Тирэх-Эко» ХЭТ саҥа саҕалааһына биһирэннэ

Сэтинньи 10 к. «Кыталык» КД-гар «Тирэх-Эко» ХЭТ буурдааһын тобохторун утилизациялааһын техническэй документациятын бырайыагынан аһаҕас истии ыытылынна. Бу аһаҕас истии буоларын туһунан биллэрии алтынньы 3 к. улуус дьаһалтатын сайтыгар тахсыбыта, итиэннэ социальнай ситимнэринэн эмиэ биллэриллибитэ. Тэрээһиҥҥэ 30-тан тахса киһи кытынна.

«Тирэх-Эко» бэрэстэбиитэллэрэ сири дьөлө үүттээһин тобохторун утилизациялааһын уонна туһаҕа таһаарыы туһунан былааннаах үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Евгений Ким элбэх слайданан көрдөрөн сиһилии сырдатта, ону кытта бу тэрилтэ дириэктэрэ Игорь Егоров сахалыы-махалыы дьоҥҥо тиийимтиэ гына судургутук быһаарда.

Ньурбаттан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт Игорь Егоров уонна Алексей Фокин Ньурбаҕа регистрациялаах «Тирэх-Эко» диэн коммерческай экологическай тэрилтэни тэрийбиттэр. Саха сиригэр сири дьөлө үүттүүр үлэлэри бэрээдэктиир, хонтуруоллуур бастакы тэрилтэ буолар. Билигин көҥүллүүр докумуоннарын ылыы түһүмэҕэр сылдьаллар. Дойду үрдүнэн маннык хайысхалаах үлэлээх 4 эрэ тэрилтэ баар эбит. «Тирэх-Эко» ХЭТ тэрилтэ быһыытынан лицензиятын ыллаҕына, тыаҕа-ойуурга сири дьөлө үүттүүр үлэлэр ыытыллар миэстэлэригэр буровой үлэлэри анаалыстыаҕа уонна бурение тобохторун – шламы утилизациялыыр үлэлэри ыытыаҕа. Шламы ыраастаан тутуу матырыйаалын быһыытынан туттуллар. Онон «Тирэх-Эко» ХЭТ экологическай тэрилтэ буоларын быһыытынан сири-дойдуну, айылҕаны харыстыыр аналлаах.

Аһаҕас истии кыттыылаахтара дьүүллэһэн баран куоластааһын түмүгүнэн «Тирэх-Эко» ХЭТ буурдааһын тобохторун утилизациялааһын техническэй документациятын бырайыагын биһирээтилэр.

Аһаҕас истии кэнниттэн «Тирэх-Эко» бэрэстэбиитэлэ Алексей Фокинтан уонна «Бүлүү» экологическай кэмитиэт хос бэрэссэдээтэлэ Наталья Иннокентьеваттан санааларын этэллэригэр көрдөстүм.

Алексей Фокин: «Бэйэм дойдум — Ньурба, ньиэби-гааһы хостооһуҥҥа бурение тобохторун переработкатыгар үлэлээбит уопуттаахпын. 20-тэн тахса сыл үлэлээбитим. Кэм-кэрдии ааспытын кэннэ манна төнүннүм, дойдубар бэйэм билиибин-көрүүбүн туттан туһаны аҕаларга үлэлиэм. Саха сиригэр бурение тобохторун переработкатынан уонна утилизациятынан дьарыктаныахпыт. Иннибитигэр биһигини элбэх үлэ күүтэр, технологияны, лицензияны ыларга уо.д.а.»

Наталья Иннокентьева: «Биһиэхэ ньиэп-гаас бырамыысыланнаһа өтөн киирэн киирэн иһэр. Ону өйдүөххэ уонна бэлэмнэниэххэ наада. Убайааммыт оскуолатын выпускнига Игорь Егоров уонна урут эмиэ Ньурбаҕа олорбут биир дойдулаахпыт Алексей Фокин Ньурбаҕа регистрациялаах бастакы коммерческай экологическай тэрилтэни тэрийэн, ньиэби-гааһы хостуур эйгэҕэ үлэлиэхтээхтэр. Ньурба, Сунтаар, Мирнэй, Ленскэй сирдэригэр. Мин итини олус үөрэ иһиттим. Хаһан баҕарар ханнык баҕарар экологическай тэрилтэ бэйэтин бэйэтэ хааччынар, тендергэ кыттан үлэлиэхтээх. Былырыын бастаан истибиппит, Тюмень университетыттан кэлэ сылдьыбыттара, үчүгэй баҕайы идиэйэлээх этилэр. Ону үчүгэйдик ырытыһан, бэйэбит дьоммут, Ньурба патриоттара буолан маннык тэриммиттэрэ үчүгэй дии саныыбын. Мантан куттанар-сэрэхэчийэр наадата суох, тоҕо диэтэххэ, бу экологическай тэрилтэ. Тэрилтэлэри кытта үлэлэһэн, ньиэби уонна гааһы хостуулларыгар, хостообуттарын кэнниттэн ол миэстэтигэр бэйэлэрин технологияларынан рекультивациялыахтаахтар».

Геннадий Антонов