Торт – дьон болҕомтотун тардарга анаан оҥоһуллар

Ньурбабыт улууһа талааннаах ыччатынан киэн туттар. Толкуйдаан көрдөххө, араас эйгэҕэ барытыгар бэйэлэрин миэстэлэрин булбут, ситиһиилээх дьоммут саха сиригэр эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн бытанан, тарҕанан олороллор.

Мин бүгүн эһиэхэ Ньурбаттан төрүттээх Бысыкатовтар дьиэ кэргэттэрин билиһиннэрэбин. Илиилэригэр талааннаах эдэр дьон билиҥҥи үйэ долгунугар уйдаран бэйэ дьыалатын тэринэн, саха сиригэр бэйэлэрин үлэлиир эйгэлэригэр бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар 3 оҕолоох дьиэ кэргэн.

Галина Бысыкатова юрист, үөрэҕин бүтэрээт бастаан идэтинэн үлэлии сылдьыбыта. Үгүс кэрэ аҥар талаана оҕотун көрөн олорор кэмигэр арыллар, ол мөккүөрэ суох. Галина эмиэ кинилэр кэккэлэриттэн. Иккис оҕотун көрөнолорор кэмигэр торт оҥорон боруобалаан, бастаан чугас дьонугар, онтон доҕотторугар сакааска оҥорон, салгыы улам умсугуйан, идэ гынан, күн бүгүн саха сирин биир бастыҥ кондитерыгар тиийэ сайынна.

2016 сыллаахха бастакы тортпун оҥорбутум. Ити сыл бэйэбит туспа дьиэҕэ көспүппүт, оҕом аҕыйах ыйдаах этэ. Ол эрэн киһи баҕалаах буоллаҕына тугу барытын оҥорор кыахтаах эбит диэн өйдөөбүтүм. Биллэн турар, миэхэ кэргэним уонна ийэм саамай тутаах дьонум. Чугас өйүүр дьонуҥ эйиэхэ көхсүгэр көстүбэт кынаттарыҥ кэриэтэ буолаллар.

— Торт астыырыҥ эйиэхэ үлэ курдук дуу эбэтэр айар үлэ кэриэтэ буолар?

— Бастаан үлэ курдук ылынар этим. Төһөнөн элбэҕи оҥоробун, соччонон элбэх харчы киирэр диэн толкуйдуурум. Түүннэри утуйбакка даҕаны ахсааны ситиһэ сатаан астыыр этим. Биллэн турар, ол доруобуйаҕа даҕаны, киһи уйулҕатыгар даҕаны улахан охсуулаах буоларын сыыйа өйдөөн барбытым. Билигин сөбүлүүр дьарыгым, айар үлэм курдук ылынабын. Түгэн көһүннэр эрэ атын регионнарга биллиилээх кондитердар маастар-кылаастарыгар сылдьабын. Хаһан даҕаны олорон хаалбаппын, идэбэр саҥаттан саҥаны киллэрэргэ дьулуһабын.

— Кэнники үбүлүөйдэргэ, сыбаайбаларга, биирдиилээн сакааска ордук болҕомтоҕун уурар буолбут курдук көрөбүн.

— Оннук. Билигин торт астаан биирдиилээн атыыга таһаарар кыргыттар элбэхтэр. Маҕаһыыннарга даҕаны талбытыҥ баар. Элбэх торт астаан атыылыыр да эрдэхпинэ сакааһым баар буолааччы, ол эрэн билигин өр кыһаллан, санаабын, айар дьоҕурбун ууран туран оҥорорбун быдан ордорор эбиппин диэн түмүккэ кэлбитим. Бэйэм даҕаны дьон үөрүүлээх түгэнин сорҕото буоларбыттан, кинилэр үөрүүлэрин үксэтэргэ кыттыгастаахпыттан санаам көтөҕүллэр эбит. Уонна оҕолорго дьэрэкээн тортары оҥорорбун сөбүлүүбүн.

— Киһи саҕа улахан тортары оҥороҕун, ити барыта сиэниллэр дуо?

— Уоттаах-күөстээх, хас даҕаны этээстээх тортар фальш-ярустардаах буолаллар. Дьон эмоциятын таһаарарга диэн анаан оҥоһуллаллар. Ити аан дойдуга тарҕаммыт практика буолар. Холобура, сыбаайбаларга саамай бүтэһигэр тортарын үтэн киллэрэллэр. Дьон болҕомтото барыта онно хатанар, этэргэ диэри саамай минньигэһэ десерткэ. Киһи эмоциятыттан, санаата, сүргэтэ көтөҕүллэриттэн бырааһынньык эйгэтэ улахан тутулуктаах.

— Барытын хайдах сүгэн-көтөҕөн тириэрдэҕит?

— Саамай долгутуулааҕа биһиэхэ ол буолар. Мин кэргэммэр улахан махталлаахпын. Торт астааһына биһиэхэ дьиэ кэргэммит дьыалата буолар. Аҥардас бэйэм эрэ өҥөмбуолбатах. Кэргэним Иван мындыр толкуйа элбэх ыксаллаах быһыыттан-майгыттан быыһаан турардаах. Соҕотох киһи уонунан киилэлээх торду хомуйбат даҕаны, ювелирнай үлэ буолар. Аны сайыҥҥы өттүгэр кремин уулларбакка, форматын сүтэрбэккэ хас эмэ км тэйиччи турар саалаҕа ойуур суолунан тириэрдэр эмиэ туспа сатабыл диэххэ сөп. Торду оҥорон бүтэрэн, массыынаҕа тийиэхпититтэн дьэ бырааһынньык буруйдаахтара бастакы куһуоктарын быһыахтарыгар диэри тыыммакка даҕаны сылдьабыт. Онтон дьэ “һуу” диибит.

— Табыллыбатах торт диэн баара дуу?

— Биирдэ Гарри Поттер тиэмэтигэр сакаастаабыттара. Былаан быһыытынан торт аккуратнайа суох буолуохтаах. Мин биир киһи быһыытынан майгым, уратым диэн барыта орун-оннугар буоларын сөбүлүүбүн, миллиметр даҕаны сыыһа харахпын аалар. Онон ити да сырыыга аһара аккуратнайдык оҥоһуллубутун иһин төрөөбүт күннээх оҕо хомойбут этэ. Биллэн турар, мин эмиэ оҕо санаатын таппатахпыттан санаам түспүтэ, билигин даҕаны бу саныы олордоҕум. Хата, бу соторутааҕыта ол дьонум сыбаайбаҕа торт сакаастаабыттара. Онно көхсүбүттэн сүгэһэр түһэрбит курдук буолбутум.

— Оҕо эрдэххиттэн астыыгын дуо?

— Суох. Бу кэнники, эппитим курдук, 2016 сыллаахтан саҥа бастакыбын саҕалаабытым. Ньурбаттан сылдьар билэр дьонум сөҕөллөр, хайдах торт астыыр буолан хааллыҥ, отой атын эйгэ киһитэ буоларыҥ диэн.

— Билигин туох ыарахаттары көрсөҕүтүй, син биир ханнык баҕарар эйгэҕэ буоларын курдук кыаллар, кыаллыбат боппуруостар бааллара буолуо?

— Биһиэхэ сыанабыт наһаа үрдүк, бородуукта сыаната күн-түүн улаата турар. Ол иһин кондитерскай оҥоһукка сыана эмиэ эбиллэр. Дьигинэ, биллэ чэпчэки буолуон сөп этэ. Атын куораттан сакаастыыр буоллахха эрдэттэн өрүс хаайыытын барытын учуоттуохха наада. Атырдьах, балаҕан ыйдарыгар сыбаайбалар кэмнэригэр сакалааттарбын, торт угар хоптолорбун саас эрдэ сакаастыыбыт. Шоу-торт оҥорорго матырыйааллара Дьокуускайга эмиэ суох буолаллар, ол иһин кэргэним тугу эмит толкуйдаан, уот холбоон, остуол оҥоро охсон усулуобуйаттан тахсабыт.

Бириэмэҕин хайдах аттараҕын?

Билигин тохтоло суох сакаастар киирэ тураллар. Дьон сыл аҥара инниттэн сакаастыыр. Сакаас үксэ өрөбүллэргэ түбэһэр. Ол иһин үлэ күннэрин дьиэ кэргэммин кытары атаара сатыыбын. Холобура, бээтинсэҕэ сакаас туттарар буоллахпына бэнидиэнньиктэн саҕалаан буорту буолбат киэргэтиитин оҥорон саҕалыыбын. Сэрэдэ, чэппиэр начыыҥкатын оҥоробун, атынын туттарар күммэр.

Кэргэним хааччыйыы, тириэрдии, техническэй өттүнэн барытынан дьарыктанар. Мин аҥардас торт оҥорооһунугар төбөм ыалдьар буолан үлэбин чэпчэтэр.

3 сыл анараа өттүгэр кэргэним Иван торт астыырбар анаан тиэргэммитигэр туспа дьоҕус дьиэ тутан биэрбитэ. Манна дьэ маастар-кылаастары ыытан саҕалаабытым.

Ньурбаҕа элбэх үлэҥ сүгүрүйээччилэрэ баалларын билэбин. Маастар-кылаас ыыта төрөөбүт дойдугар кэлэр былааннааххын дуо?

— Бүтэһигин икки сыл ынараа өттүгэр дьоммутугар Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар кэлэ сылдьыбыппыт. Тэрийэр киһи баара буоллар кэлэн бөҕө буоллаҕа дии.

— Торт астааһынын таһынан кэнники өссө дьон-сэргэ сынньанарыгар анаан дьиэ туттубуккутун истибитим

— Былырыын үлэҕэ киллэрбиппит, Скай-хаус диэн сүрэхтээбиппит. Бу барнхаус истииллээх дьиэни кэргэним барытын бэйэтэ туппута. Соторутааҕыта “Саха” НКИХ биэриитигэр анаан кэлэн устан барбыттара. Киһи биир эрэ дьыаланан муҥурдаммакка, санааҥ кыайарын барытын оҥоруохха, олоххо киллэриэххэ сөп. Тоҕо дьон сатыырын биһиги сатыа суохтаахпытый? Иҥнэн-толлон турбакка, санааҥ кыайар буоллаҕына, кыах баар буоллаҕына барытын олоххо киллэрэн иһиэххэ наада дии саныыбын. Кэнники “таах сибиэ ону гыммакка” диэн кэмсинэ сылдьыбат курдук. Табылыннаҕына олус үчүгэй, табыллыбатаҕына, оттон, кыах баарынан боруобалаан көрдөхпүт дии.