«Тус доруобуйаҕытын көрүнэр таһымҥыт үрдүүрүгэр кыһаллыҥ»

Күндээдэттэн төрүттээх биир дойдулаахпыт, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, улуус бочуоттаах олохтооҕо, «Капитал Медстрахование» ХЭТ Саха сиринээҕи филиалын салайааччыта Александра Андреева бүгүн биһиги хаһыаппыт ыалдьытынан буолар.

Александра Николаевна төрөөбүт Ньурбатын улууһугар киин балыыһа кылаабынай бырааһынан 10 сылтан ордук үлэлээн, бэйэтин бэлиэ суолун-ииһин хаалларбыт салайааччы. Кини улууска доруобуйа харыстабылын эйгэтин салайар кэмигэр эмп тэрилтэлэрин саҥа дьиэлэрэ, ол иһигэр улуустааҕы поликлиника, 30 куойкалаах оҕо тубсанаторийын, Чаппандаҕа уопсай быраактыкалаах быраас офиһын, Сүлэ уонна Малдьаҕар ФАП-тарын саҥа дьиэлэрэ, хирургия дьиэтин самалык дьиэтэ тутуллубуттара. Ньурбаҕа эрэгийиэн суолталаах сүрэх-тымыр отделениета, первичнэй-сосудистай отделение, травматология уонна реанимация отделениета аһыллыбыттара, элбэх саҥа оборудованиенан хааччыллыбыттара, ол иһигэр улахан сыаналаах компьютернай томография ылыллыбыта. Кэлин даҕаны бу кииннэр баар буолан, доруобуйа харыстабылын бырагырааматынан босхо оборудование кэлэ турар. Этэргэ дылы, улуустааҕы киин балыыһа улуус оччотооҕу салалтатын (баһылык В.М.Прокопьев) кытта тэҥҥэ биир ситимнээхтик үлэлээн, улууска доруобуйа харыстабыла уруккуттан үрдүк, саҥа үрдүк таһымҥа тахсыбыта.

Александра Андреева 2017 сылтан Дьокуускайга «Капитал Медстрахование» ХЭТ Саха сиринээҕи филиалын салайааччытынан үлэлии олорор. Билэр Ньурбам дьонуттан Александра Николаевна дойдутун дьонугар хайдах курдук кыһалларын, ыараханнык ыалдьыбыт, ыктарбыт кэмнэригэр элбэхтэ көмөлөһөрүн туһунан мэлдьи истэбин. Биир бэйэм иллэрээ сыллааҕыта Медцентрга көрдөрө сылдьан күүскэ ыарытыйан эмиэ кини көмөтүнэн суһаллык эпэрээссийэлэтэн быыһанан турабын. Ама даҕаны ааспытын иһин, ыарахан кэм этэ, хата, ону үрүҥ халлааттаах аанньал кэриэтэ биир дойдулаахпыт эрэллээх илиитигэр түһэрэн сырдык-олох диэкки өрө тарпыта.

 

«Биһиги тэрилтэбит Арассыыйаҕа 3 бөдөҥ медицинскэй страхование тэрилтэтин иһигэр киирэр: «Капитал МС», «Альфа МС» уонна «Согаз СК». Арассыыйа хас 7-с олохтооҕо биһиги хампаанньабытыгар бэйэтин сокуоннай бырааптарын уонна интэриэһин көмүскэлин итэҕэйэр. Страховкаламмыт дьоммут ахсаана — 22 мөл. тахса. Тэрилтэбит девиhэ — «Табыгастаах (сөптөөх), эрэллээх, кыамталаах» (нууччалыы «Доступность, надежность, компетентность»).

Табыгастаах, сөптөөх – страховой медицинскэй хампаанньалар билигин сүрүннуур оруоллара нэhилиэнньэҕэ доруобуйа харыстабылын, бэйэ доруобуйатын кэмигэр көрүнүү, хааччахтааһына суох булгуччулаах медицинскай страховканан эмтэнии бары этаптарыгар, көрүҥнэригэр көмөлөһүү, арыаллааһын буолар. Ол курдук, биһиги хампаанньабыт Контакт-киинин нүөмэрдэрэ күннэтэ өрөбүлэ, сынньалаҥа суох суукканы эргиччи бэйэлэрин страховкалаах дьонноругар сүбэ-ама буолаллар. Нүөмэрдэрэ: 8 (4112) 25-00-37, 8-800-100-81-02. Ханнык баҕарар мүнүүтэҕэ, ханнык баҕарар чааска ОМС бырагыраамматынан медицинскэй көмөнү ылыыга хампаанньа эһиэхэ көмөнү оҥорорго бэлэм.

Араассыыйа 42 регионугар хампаанньа филиаллара үлэлииллэр, инньэ гынан хайа баҕарар киин куораттарга «Капитал Медицинское Страхование» медицинскэй полистаах киһиэхэ табыгастаах буолар. Страховкаламмыт дьоммутун арыаллааһыны тупсарыыга биһиги хампаанньабыт 1000-тан тахса страховой бэрэстэбиитэлэ үлэлэһэр.

2022 сыл ахсынньы 1 күнүттэн булгуччулаах медицинскэй страховкалааhын эйгэтигэр кэккэ уларыйыылар киирбиттэрэ. Ол курдук, биир сүрүн уларыйыыта — медицинскэй страховой полис электроннай буолбута. Саҥа төрөөбүт оҕоҕо, аат-суол уларыйыытыгар, пааспар уларытыытыгар атын докумуоннаргытын кытта медполискыт эмиэ уларыйар, саҥардыллар түгэнигэр, эһиэхэ аны урукку курдук күөх кумааҕы эбэтэр пластиковай полис бэриллибэт буолар. Ол оннугар биир кэлимсэ федеральнай систиэмэнэн страховой электроннай нүөмэр иҥэриллэр, илиигэ илдьэ сылдьарга электроннай систиэмэ выписката диэн нүөмэргит штрих-кода бэчээттэнэнэн бэриллэр. Инньэ гынан балыыһаҕа регистратураҕа тиийэргэ аны полис илдьэ сылдьар ирдэниллибэт, пааспаргыт, оҕо сибидиэтилистибэтэ баар буоллаҕына эһиги электроннай полискыт номера биир кэлимсэ систиэмэттэн булуллар.

Биллэн турар, бу саҥа киирии толору үлэлииригэр хас биирдии бэйэбит эмиэ эппиэтинэстээх сыһыаммыт ирдэниллэр. Тустаах киһи сүрүн докумуоннара, пааспар, СНИЛС уларыйдахтарына, Арассыыйа иһигэр олорор сир уларытааһына буоллаҕына бэйэтин страховой медицинскэй хампаанньатыгар эрийэн билсиэн, иһитиннэриэн наада.

Аны туран бу электроннай систиэмэ үлэлиэҕиттэн медполискыт «Госуслугаҕа» тус кабинеккытыгар эмиэ туспа көстөр буолла. Манна ханнык балыыһаҕа сыһыарыллан сылдьаргыт, эмтэниини барбыккыт туһунан иһитиннэрии, полис онорторуута кытары баар. Хас биирдии киһи сылга биирдэ медицинскэй страховой хампаанньатын уларытар бырааптаах, ханнык хампаанньаҕа сылдьара табыгастааҕын бэйэтэ талан көрүөн сөп. Ону эмиэ бу «Госуслугаҕа» киирэн оҥоһуллар буолбута дьоҥҥо бэйэтигэр табыгастаах, кэлиитэ-барыыта суох федеральнай страховой медицинскэй хампаанньа полиһын оҥорторуохха сөп буолбута олус үчүгэй диэххэ наада.

Эрэллээх – «Капитал медицинское страхование» сүрүн медицинскэй страховой компания буолан үлэлээбитэ да ыраатта, быйыл хампаанньа үбүлүөйдээх 30-с сылын бэлиэтиир. Дойдуга буолар уларыйыыларга,  страховкаламмыт сирэйдэри чэбдигирдэргэ, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр саҥаны олоххо киллэрэргэ, тупсарарга мэлдьи үлэлэһэр. Ол курдук, биир оннук сонун хайысханан страховой бэрэстэбиитэл института диэни тэрийии буолар. Хас биирдии киһи бэйэтин страховой хампаанньата киниэхэ сыһыарыллыбыт страховой бэрэстэбиитэллэнэр. Бу страховой бэрэстэбиитэл 3 таһымнаах:

1-кы таһымнаах страховой бэрэстэбиитэллэр Контакт-кииҥҥэ олорон 8 (4112) 25-00-37, 8-800-100-81-02 нүөмэргэ киирэр боппуруостарга сүбэ-ама, быһаарыы биэрэллэр. Манна араас ыйытыктар киирэллэр: балыыһаҕа сатаан суруйтарбат түгэннэри быһаарыы, наадалаах бырааска суруйтарыы, медполис сүттэҕинэ уларытыы боппуруостара, эмтэниигэ, доруобуйа көрүнэллэригэр туох эмэ хааччахтааһыны, харгыһы көрүстэхтэринэ биһиги хампаанньабытыгар эрийэн кэлэн билсэллэр. Үгүс дьон бу маннык бэйэлэрин медицинскэй страховкаламмыт тэрилтэлэригэр эрийэн элбэх тустаах боппуруостарын быһаартарыахтарын сөбүн билбэттэр. Ону сырдатарга, бар дьоммутугар страховой медицина таһымын, кыамтатын билиһиннэрэргэ элбэх үлэ ыытабыт.

2-с таһымнаах страховой бэрэстэбиитэллэр дьоҥҥо тус көмөлөһөөччү быhыытынан, доруобуйаларын көрүнэр кэмнэригэр толору арыаллааһын, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр кинилэр бырааптарын көмүскээһин уонна иhитиннэрэр-сүбэлиир үлэни ыыталлар. Диспансеризация, короновирус дьаҥынан ыалдьыбыт хас биирдии страховкалаах дьоммутугар балыыһалары, Саха сиринээҕи ОМС фондатын кытта үлэлэһэн испииһэк оҥостон, дьон кэмигэр эбии медосмотру баралларын санатар СМС ыыталлар, эрийэн балыыһаҕа ыҥыраллар.

3-с таһымнаах страховой бэрэстэбиитэл – бу эксперт таһымнаах быраас буолар, эмтээһин сыыһатыгар, доруобуйаларын хааччахтааһыҥҥа суругунан ыйытыктар киирдэхтэринэ, эмтээһин хаачыстыбатын экспертизалыыр. Бу экспертиза сөптөөх буоларыгар, эбии ымпыктаах-чымпыктаах буоллаҕына, федеральнай экспертэри, анал хайысхалаах быраастары да көмөлөһүннэриэн сөп, ыйытыктаах киһи эмтэммит докумуона толору бэрэбиэркэлэнэр.

Кыамталаах — хампаанньа исписэлиистэрэ Арассыыйаҕаа доруобуйа харыстабылын тиһигин сайыннарыыга дьайар экспертнэй уопсастыба чилиэннэринэн билиниллэр. Тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ — Гришина Надежда Ивановна. Оттон мин 2019 сылтан Москваҕа улахан хамыыһыйа көрүүтүн ааһан, сүрүн үлэм таһынан Бүтүн Арассыыйатааҕы страховщиктар сойуустарын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр медицинскэй страхованиеҕа Боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлинэн үлэлии-хамсыы сылдьабын, анал дэбиэринэстээхпин. Саха сиригэр судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнарыгар, тэрилтэлэргэ медицинскэй страхование боппуруостарынан Бүтүн Арассыыйатааҕы страховщиктар сойуустарын аатыттан үлэлэһэбин. Саха сириттэн дьон медицина эйгэтигэр этэрдээх буоллаҕына миэхэ этэллэр, мин ону салгыы федеральнай таһымҥа тиэрдэбин. Доруобуйа харыстабылыгар өр сылларга үлэлээбитим, араас улуустар киин балыыһаларын салайбытым миэхэ үлэбэр улаханнык туһалыыр.

Араас түгэннэртэн аҕыйаҕы аҕыннахха, «Капитал МС» страхованиелаах килийиэммит Бурятияҕа күрэхтэһиигэ бара сылдьан эчэйбитин балыыһаҕа туппатахтар этэ, сонно биһиэхэ «итии төлөппүөнүнэн» эрийбитэ. «Капитал МС» ХЭТ филиаллара Арассыыйа үгүс регионнарыгар бааллар. Бурятияҕа баар филиалга тахсан сибээстэһэн ол киһини балыыһаҕа уталыппакка уктарбыппыт, кини биһиэхэ улаханнык махтанан суруйбута. Ким эрэ уоппускаҕа, командировкаҕа сылдьан эмиэ ыалдьан хаалан кыһалҕаланнаҕына биһиэхэ биллэрдэҕинэ биһиги сонно көмөлөһөн барабыт. Коронавируснай инфекция үгэнин саҕана Тааттаҕа эмиэ ДТП-га Ньурба кыыһа эчэйбитигэр санитарнай көтүүнү туруорсан, Дьокуускайга аҕалтарбыппыт. Ыарыһаҕы федеральнай да клиникаҕа ыытыахпытын сөп. Ирдэнэр 30 күн иһигэр буолбакка, 3-4 күн иһигэр боппуруоһу быһаарарга кыһаллабыт. Миниистиргэ, Дьокуускай к. балыыһаларын кылаабынай быраастарыгар тахсан, ыарыһах диагноһын манна туруортаран баран Москваҕа түргэтэтэр эҥин наада үөскээтэҕинэ, биһиги үөһээҥҥи киин офиспытыгар пациены федеральнай клиникаҕа киирэригэр көмөлөһүөхтэрин сөп. Оннук кэпсэтэммин хас да киһини ыытан турабын.

Доруобуйа — киһи баар-суох баайа, ол иһин дьон доруобуйатын үчүгэйдик көрүнэн, медстрахование тэрилтэлэриттэн хайата ордук диэбитигэр киирэр. Биһиги отой чуолкайдык үлэлиибит, үксэ Ньурба уолаттара уонна кыргыттара үлэлииллэр. Онон дойдум дьонун отой саарбахтаабакка, эрэллээхтик улахан таһымнаах, киэн далааһыннаах хампаанньаҕа страховкаланан, бэйэҕит тус доруобуйаҕытын көрүнэр таһымҥыт үрдүүрүгэр эһигини ыҥырабыт. Биир дойдулаахтарбытыгар — Ньурбабыт дьонугар көмөлөһө олоробут, көмөлөһүөхпүт даҕаны.

Киһи доруобуйата баар – саамай харыстыахтааах, кыһаллыахтаах баайбыт. Биһиги хампаанньабыт, «Капитал медицинскэй страховкалааһын» Саха сиринээҕи филиалын үлэһиттэрэ, киэҥ Арассыыйа да бүттүүнүн иһинэн, хас биирдии бэйэбит страховкаламмыт дьоммутугар тустаах көмө, сүбэ-ама, доруобуйаҕытын көрүнэргэ арыаллааччы, сүбэлээччи буоларга бэлэммит. Биһиги үлэһиттэрбит үгүстэрэ — Ньурба дьоно, онон хаһан баҕарар биир дойдулаахтарбытын үөрэ-көтө көрсөбүт, туох кыалларын барытын оҥорорго кыһаллабыт.

Ньурба улууһун олохтоохторо «Капитал медицинскэй страховкалааһын» Саха сиринээҕи филиалын Ньурба улууһун бэрэстэбиитэлигэр Григорьева Сандара Владимировнаҕа маннык аадырыска: Ньурба к., Сэбиэскэй уул. 74 №-дээх дьиэтигэр 7-с кабинекка кэлэн туһулаан этиэххитин, эбэтэр 89244671087 эрийиэххитин сөп.

Хампаанньа үлэтин-хамнаһын туһунан ордук сиһилии иһитиннэриини дьон сайтка билиэхтэрин сөп: ww.kapmed.ru

Геннадий Антонов