Тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа туруктаах буолуутун тула кэпсэттилэр

Кулун тутар 21 к. улуустааҕы култуура департаменын дьиэтигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей дириэктэрэ, физико-математическай наука доктора Иван Шамаевы кытта көрсүһүү буолан ааста.

Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарын кэккэ нэһилиэктэрин баһылыктара уонна уопсастыбанньыктара, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ кытыннылар. Саха Конгреhын чэрчитинэн тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын боппуруостарын тула санаа атастаhыыта барда. Иван Шамаев киирии тылыгар 2019 с. тэриллибит Саха Конгреһа ханнык хайысхаларынан үлэлээбитин кылгастык иһитиннэрдэ, тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа туруктаах буоларыгар бэйэтин көрүүлэрин үллэһиннэ. Улуус уонна нэһилиэк таһымынан Сүбэлэр тэриллиэхтээхтэрин, үчүгэйдик кэпсэтэн түмсүү-тэрээһин баар буоларыгар баҕатын биллэрдэ.
Төгүрүк остуолга элбэх кэпсэтии таҕыста. Хаҥалас нэһилиэгин баһылыга Серафим Винокуров, Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин баһылыга Петр Догоюсов, «Байар» кэпэрэтиип толорооччу дириэктэрэ Надежда Филиппова, көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан ыыппыт «Арыылаах» ХЭТ дириэктэрэ Алексей Тихонов уо.д.а. этиилэрэ дьон болҕомтотун тарта.

Түмүккэ Иван Шамаев өрөспүүбүлүкэ таһымынан Сүбэ тэрийэргэ көҕүлүүр бөлөҕү тэрийэргэ этии киллэрдэ. Сиһилии хаһыакка тахсыаҕа.

Геннадий Антонов