От ыйын 31 к. Ньурба түмэлин волонтердара буоламмыт Таркаайы нэһилиэгэр экспедициялаан кэллибит. Быйыл улууспут төрүттэммитэ 200 сыла. 1824 с. Марха улууһа тэриллэригэр киин сирэ Муоһааны буолбута, онон улууспут устуоруйата бу Таркаайы, ол эбэтэр Марха, Хатыҥ-Сыһыы сириттэн саҕаланар. Бастакы кулуба Петр Слепцов, норуокка биллэр аата Атыыр Кулуба, Муоһааны күөл кытылыгар олорбута, билигин ол сири олохтоохтор Ильин Арыыта диэн ааттыыллар. 2004 с. бу сиргэ Петр Слепцовка анаан туруорбут сэргэлэрэ турар.
Мархаҕа биир сүрүн сыалбыт Н.И. Степанов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл пуондатын кытта билсии. Түмэли Марха орто оскуолатын иһинэн устуоруйа учуутала Николай Ильич Степанов 1962 с. тэрийбитэ. Билигин түмэл 1929 с. тутуллубут оскуола дьиэтигэр турар. Бу дьиэ 2018 с. региональнай суолталаах култуура объегар киирбитэ уонна судаарыстыба көмүскэлигэр киирэ сылдьар историческай суолталаах дьиэ буолбута. Түмэлгэ биһигини Таркаайы нэһилиэгин баһылыгын эбээһинээһин толорооччу Моргусов Александр Афанасьевич, К.Д. Уткин аатынан Марха орто оскуолатын дириэктэрэ Степанова Валентина Александровна уонна Маяровская Марианна Семеновна көрүстүлэр.
Марианна Семеновна түмэл устун экскурсия ыытта, Таркаайы биллэр-көстөр дьонун, түмэли тэрийбит, үлэлэспит дьоннор Николай Ильич Степанов, Герасим Иванович Васильев уо.д.а. тустарынан сиһилии кэпсээтэ. Түмэл сэдэх экспонаттарынан, этнография малларынан, хаартыскаларынан киһини сөхтөрөр. Оҕолор да, түмэл үлэһиттэрэ элбэҕи биллибит, иҥэриннибит.
Маны таһынан, Муоһааны күөл тула турар сэргэлэр туруктарын көрдүбүт, кээмэйдэрин ыллыбыт, хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиттибит. Эрдэ эппиппит курдук 2004 с. бастакы кулубаҕа Петр Слепцовка анаан туруорбут сэргэлэрэ үчүгэйдик, сэнэхтик турар эбит. Быйылгы үбүлүөйдээх сылга бу сэргэ аттыгар Марха улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар анаан сэргэ туруоҕун сөп диэн санаалар, этиилэр киирдилэр.
Ильин арыытыгар былыргы үс сэргэ баарын кээмэйдэрин ыллыбыт, хаартыскаҕа түһэрдибит. Үс сэргэтиттэн биир сэргэ сууллубут. Тас көрүҥнэринэн үһүөн биир быһыылаахтар, тэлгэһэ тиэргэнигэр майгынныыллар. Оройдоругар ойуу-оһуор турбута көстөр, билигин тостубут буолан, туох ойуута турбутун киһи кыайан быһаарбат. Арай, эрдэ хаартыскаҕа түһэрбит буоллахтарына эбэтэр билэр дьонтон туоһуластахха толору көстүүтүн билиэххэ сөп буолуо.
Өссө биир сэргэни Марианна Семеновна уонна Александр Афанасьевич бэйэлэрэ сирдээн көрдөрдүлэр. Ол биллэр меценат, атыыһыт, кулуба Степан Прокопьевич Алексеев-Боһуут бииргэ төрөөбүт эдьийэ Николаева (Алексеева) Пелагея Прокопьевна «Алабыайа сэргэтэ» буолар. Сэргэ Мархаттан Аканалыыр суол кытыытыгар турар, уруккута 2 Хаҥалас нэһилиэгин сирэ эбит. Бу сири таркаайылар Алабыайа өтөҕө диэн ааттыыллар, биир аата Өтөөкү диэн.
2019 с. күһүнүгэр Алабыайа сыдьааннара: хос сиэнэ Тимофеева Мотрена Тимофеевна, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Хатыҥ Сыһыыга олорор сиэн бырааттарынаан Михайлов И.В., Михайлов Т.В. сэргэни уһун үйэлээх буоллун диэн ардахтан, хаартан харыстаан тимир сарайдаах, күрүөлээх өйдөбүнньүк дуоска туруорбуттар. Алабыайа хос сиэнэ М.Т. Тимофеева ахтыытыгар былыр манна «Боһуут кыһынын күүлэһэй сыарҕалаах, сайынын үрүҥ көмүс сирэйдээх ыҥыырдаах ата элбэхтик бааллыбыт, сынньаммыт сэргэтэ»,- диэн суруйбут.
Маны таһынан, оройуоммут биир саамай урукку тутууларыттан ордон турар ХХ үйэ саҕанааҥҥы амбаарга сырыттыбыт. Дьон бу тутууну Боһуут амбаара диэн ааттыыллар. Олохтоохтор аҕыйах сыллааҕыта, бэйэлэрин күүстэринэн амбаары саҥа сарайдаабыттар, тула өттүгэр күрүө туппуттар. Онон, билигин даҕаны бу амбаар ыскылаат быһыытынан үлэлии турар диэн кэпсээтилэр.
Урут амбаар аттыгар бырааба дьиэтэ турбут. Бу дьиэҕэ 1912-1913 сс. саха бастакы коммунистката Д.С. Жиркова олоро сылдьыбыт. 1970-с сылларга Дора Жирковаҕа анаан мемориальнай дуоска арыйбыттара. Кэлин бу дьиэ көтүрүллүбүт. Билигин амбаар турар уулуссата Дора Жиркова аатынан буолбута.
Аны нэһилиэк иһигэр эмиэ бэрт дьикти пааматынньыктар бааллар. Ол курдук, 8 миэтирэ кэриҥэ үрдүктээх Мэлиибэн кириэһи көрдүбүт. Дьон бу кириэһи «Дьобур кириэһэ» диэн ааттыыллар. 1927 с. от ыйын 26 к. Таркаайы олохтооҕо Алексеев Павел Гаврильевич-Дьобур Байбал туруорбут эбит. Билигин кириэс Алексеевтар тиэргэннэригэр турар, туорай мастара түспүттэр, онон кириэс баҕаната эрэ ордон турар..
Урут Таркаайы нэһилиэгэ кэҥии, саҥа дьиэлэр тутулла иликтэринэ билиҥҥи дэриэбинэ биир өттүгэр ыһыахтыыр сирдэр бааллар эбит. Билигин ол ону туоһулуур аар баҕахтар ордон хаалбыттар. Биир онтон саамай саастахтара сэрии кэниттэн 1947 с. туруоруллубут былыргы аар баҕах буолар. Билигин да сэнэх туруктаах турар эбит, туора барбатах.
Бу баҕах билиҥҥи оскуола уонна музей икки ардыгар турар. Онтон биир баҕахтары сирдээччилэрбит Марианна Семеновна уонна Александр Афанасьевич ыйан, көрдөрөн биэрдилэр. Хомойуох иһин бириэмэни тулуспатахтар, сууллубуттар. Уруккута манна икки аар баҕах турбут, олохтоохтор бу сиргэ тэрилтэнэн мустан ыһыахтыыллар эбит. Бу аар баҕахтары 1967 с. бэс ыйын 23 к. туруорбут эбиттэр.
Таркаайы нэһилиэгиттэн элбэх биллэр, көстөр дьон төрөөн, олорон, үөрэнэн, үлэлээн ааспыттара. Манна улахан оскуола тэриллибит буолан, Марха эҥэр оҕолоро бары кэриэтэ бу оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Биһиги түмэлбит төрүттээччитэ Ксенофонт Дмитривеич Уткин Таркаайыттан төрүттээх. Марха орто оскуолата кини аатын сүгэр. Онон, «Ньурба улууһун оскуолалара кимнээх ааттарын сүгэллэрий?» рубрикабытын салгыы уһуллубут.
Баай устуоруйалаах Таркаайы сирэ элбэх билиини, саҥа арыйыылары биэрдэ. Махтал буоллун арыалдьыттаан, сирдээн, истиҥник көрсүбүт А.А. Моргусовка, М.С. Маяровскаяҕа, В.А. Степановаҕа.
Ньурба түмэлин волонтердарын санаалара:
Макаров Алмаас, Н.Н. Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ: «Мы съездили в Марху. Посмотрели на экспонаты в музее, были в местности Муоһааны и измеряли старые коновязи и крест. Также исследовали старый склад начала 20 века, много фотографировали. Хоть мошкары было много, но, было всё равно отлично».
Тобонов Дима, М.С. Егоров аатынан Ньурба 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ: «Я был в Таркаинском наслеге много раз, почти каждое лето. Но, впервые я побывал в музее. Музей очень богатый и большой. Особенно мне понравились картины — работы местных художников, учащихся. Музей стоит в здании старой Мархинской средней школы, где учились моя мама и ее сестра. Еще меня поразил склад. Раньше я там со своими братьями играл и мы не знали, что это за старое здание. Марха похожа на старый город. Огромное спасибо Александре Петровне! Мне очень понравилось!».
Афанасьева Айыына, А.Н. Чусовской аатынан Ньурба тэхниичэскэй лиссиэйин 10 кылааһын үөрэнээччитэ: «Биһиги Ньурба музейын волонтердара Марха нэһилиэк араас кэрэхсэбиллээх сирдэригэр сырыттыбыт.
Марха орто оскуолатын түмэлигэр биһигини Марианна Семеновна, Валентина Александровна уонна Александр Афанасьевич көрсүбүттэрэ. Марианна Семеновна биһиэхэ наһаа үчүгэй экскурсия ыыппыта. Ол кэнниттэн биһиги Муоһааныга турар сэргэлэри баран кээмэйдээбиппит, хаартыскаҕа түһэрбиппит. Ол курдук 1927 с. кириэһи уонна Алабыайа өтөҕөр турар сэргэни баран көрбүппүт. Ону таһынан Боһуут амбаарыгар сырыттыбыт.
Мархаҕа сылдьан элбэх саҥаны биллим, көрдүм. Марианна Семеновнаҕа, Валентина Александровнаҕа уонна Александр Афанасьевичка улахан махтал!».
Айаҥҥа өйөбүлгүт иһин махтал буоллун түмэлбит дириэктэригэр Анна Андреевна Тумановаҕа уонна Алексей Николаевич Ефимовка.
Ньурба түмэлин пресс-сулууспата, Афанасьева Айыына, түмэл үлэһиттэрин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.