“Мэҥэдьэктэр олус талааннаах, айар куттаах дьон” дииллэрин куруутун истээччибин. Ол курдук бүгүн кэпсиир эдэр ыччаттарым иккиэн Мэҥэдьэктэн силистээх –мутуктаах кэскиллээх, саҥа саҕахтары арыйар, инникигэ эрэллээх, сырдык суолу батыһар оҕолор.Федотова Софья Ивановна, 2022 сыллаахха И.Я.Танхаров аатынан култуура киинин дириэктэринэн ананыаҕыттан кыл кылыһах кырыымпа доҕуһуоллаах, үүнэр ыччаты норуот тыыннаах дорҕоонугар угуйар, уһуйар.
2022 сыллаахха улууспут баһылыга Иннокентьев А.М. «Норуот көҕүлээһинин сылын чэрчитинэн бэйэ дьыалатын тэринии” бырайыагар «Аар дорҕоон» бырайыагынан кыттан 197 тыһ. суумалаах музыкальнай инструменнары (кырыымпа-4, күпсүүр – 3, хомус- 3, дьа-3, сиксиир – 2, чуһуурба – 3, айаан – 2, синтезатор – 1) ылан, куруһуок тэрийэн үлэлии-хамныы сылдьар.
Оҕолорго (5-16 саастаахтарга) “Хобо чуораан», ыччаттарга «Аар дорҕоон», орто, аҕам саастаахтарга «Аан Алахчын” куруһуоктар үлэлии тураллар. Маны сэргэ, кыл кылыһах кырыымпа ураты тыаһын, төрүт дорҕоонун бу кэнники сылларга ордук умсугуйар, кырыымпаҕа үөрэниэн баҕалаах дьон элбээбитэ үөрдэр. Софья Ивановна саха төрүт музыкальнай инструменыгар оонньуурга нэһилиэк эрэ дьонун буолбакка, ыаллыы сытар Маалыкай, Чуукаар, Малдьаҕар нэһилиэктэригэр сылдьан үөрэтэлиир. Билигиҥҥи туругунан, 60-тан тахса киһи бэйэлэрин баҕаларынан үөрэннилэр.
Ксенофонтов Манчаары Григорьевич, «Амака» бөлөх 2 састаабын бас гитариһа, муусука эйгэтигэр эргиччи талааннаах эдэр мусукаан. 2023 сылга Хатыы кулуубугар уус-уран салайааччынан үлэлии киириэҕиттэн эдэр ыччакка гитара уран тыаһын, кэрэ эйгэтин арыйан, эдэр ыччаттары мунньан ”Мөһөөх”, оскуола саастаах кэрэ эйгэни интэриэһиргиир кыргыттарга “Бытархай” бөлөхтөрүн салайааччыта буолар. ”Мөһөөх” бөлөх састааба:– охсор-тэбэр мусукааннар — Никита Николаев (ЖКХ электригэ), Артем Кузьмин (оскуола суоппара), вокал – Василий Васильев (оскуола учуутала), бас гитарист – Иван Николаев (социальнай үлэһит), ритм гитарист – Николай Васильев (кулууп үлэһитэ), соло гитарист – Манчаары Ксенофонтов (уус-уран салайааччы), клавиша – Дмитрий Попов (кулууп звукооператора) “Бытархай” бөлөх састааба: бас гитарист – Эвелина Сафонова (9 кылаас), ритм гитарист – Антонина Тимофеева (9 кылаас), соло гитарист уонна вокал – Санаайа Яковлева (10 кылаас), охсор-тэбэр мусукаан – Саша Михеева (8 кылаас).
Муусука кэрэ эйгэтэ Мэҥэдьэккэ уйаламмыт диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. 40 сыл аннараа өттүгэр өрөсүүбүлүкэбит, улууспут киэн туттар киһитэ, мусукаана, аранжировщига, мелодиhа Дмитрий Потапов аан бастакы Мэҥэдьэк эдэр ыччатын мунньан, “Сарыал” ВИА бөлөҕү тэрийбитэ. “Сарыал” ВИА бөлөх тэриллибитэ 40 сылыгар анаан талааннаах, айар куттаах Софья, Манчаары «Тыыннаах дорҕоон түһүлгэтин” тэрийэн нэһилиэк дьонун сэргэхситэн, уостан түспэт умнуллубат ырыалары бэлэхтээтилэр. Маны таһынан, аныгы дьон сиэринэн, уратыны айан, арыйан, “hыттыа-hыттыа” норуот ырыатыгар «коллаборация» (2 эбэтэр хас да дьон биир сыалга үлэлииллэрэ) оҥорбуттара сонун көстүү, ураты тыас буолла. Манна бас, соло, ритм гитаралар, барабан тыастара, саха норуотун инструменнарын күпсүүрү, сиксиири, хомуһу, кырыымпаны, чуһуурбаны кытта ситимнэһэн, силимнэһэн биир дьикти кынаттаах дорҕоон тыаһа таҕыста.
Бу ырыаҕа 17 киһи араас-араас инструменнарга оонньоотулар, кэлбит дьон сүргэтин көтөхтүлэр, ураты эйгэҕэ көтүттүлэр. Тыыннаах дорҕоону сэҥээрээччилэргэ, кэрэхсээччилэргэ Федотова С.И., салайааччылаах “Хобо чуораан», «Аар дорҕоон», ”Мөһөөх”, “Бытархай” бөлөхтөр Малдьаҕар, Чуукаар нэһилиэктэригэр сылдьан, саха төрүт дорҕоонун уонна поп муусканы сэргээччилэргэ гастроллаан ырыа ылбаҕай киэһэтин, кыл кылыһах ураты тыаһын иһитиннэрдилэр, бөлөхтөр сүрэхтэниилэрин аастылар. Мэҥэдьэк айар куттаах, таллааннаах эдэр ыччаттара саҥаны, кэрэни айа-тута, хоһооҥҥо хоһуллар хоһооннору, ылбаҕай ырыалары көмүс дорҕоон оҥорон ыллата, кылыһахтаах кырыымпа тыаһын кырылата туруҥ. Биһиэхэ, Мэҥэдьэккэ киэһэ аайы кулуупка гитара истиҥ иһирэх тыаһа, кырыымпа кылыһаҕа чуҥкуйар чуумпуну сэргэхситэ турдун.
Матрена Габышева. Мэҥэдьэк