Учуутал, эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит

Сыллар туманныран көтөллөр,
Күн сардаҥа уотуттан уулланнар,
Биһигини үөрэппит учууталлар –
Эдэркээн бэйэлээх мөссүөннэр,
Улам сааһыран иһэллэр…
Олоххо олорон билбит
Билиигит сүмэтин талаҥҥыт,
Төлөннүрэр оҕотук сүрэхпитигэр
Кэрэҕэ тардыстар кутааны
Күөдьүппүт күндү учууталларбыт.
Бүгүн эһиги үөрэппит оҕолоргут
Эн ааккын киэн тутта,
Махтана ааттыыллар.

Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Варвара Андреевна Петрова аатынан сквер-уһаайбаҕа Ньурба оройуонун үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин, педагогическай үлэ бэтэрээннэрин көрүстүбүт, сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан, быырпаҕынан айах туттубут. Ыалдьыттар, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сайдарын туһугар элбэх сыратын биэрбит, дьон-норуот туһугар доруобуйатын харыстаабакка түүннэри-күнүстэри үлэлээбит киһибитигэр Варвара Петрова пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Бу бэрт сэргэх тэрээһини Ньурбатааҕы үөрэх салаатын салайааччытын солбуйааччыта Елена Котоконова, Үөрэҕирии үлэһиттэрин профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Меркурий Таюрскай салалталарынан 2023 сыл Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы сыла биллэриллибитинэн, аҕам саастаахтар күннэринэн, учуутал күнүн чэрчитинэн кырдьаҕас Үөдэй сиригэр  «Учуутал, эн үрдүк ааккар» диэн оройуон бэтэрээн учууталларын көрсүһүүтэ истиҥник буолан ааста. Эрчимнэрэ уҕараабатах, кэрэни кэрэхсииллэрэ, үйэлээҕи көрдүүллэрэ тохтооботох  бэтэрээн учууталлар кэлэн ыалдьыттаан бардылар.
«Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр «Учуутал, эн үрдүк ааккар» үөрүүлээх чааһа буолла, онно оҕолор ырыа, хоһоон эттилэр. Учууталга анаммыт бииртэн биир ырыалар дьиэрэйдилэр. Ол кэннэ оҕолор бэйэлэрэ сылаас илиилэринэн оҥорбут сэмэй бэлэхтэрин туттаран, ыалдьыттары долгуттулар. Салҕыы оскуола-саадка гид оҕолор оскуолаларын түмэлин кэпсээтилэр. Оскуола кэллэктиибин үлэтин-хамнаһын билистилэр, тутулла турар эбийиэги көрдөрдүлэр. Оскуола дириэктэрэ Любовь Ли үлэһиттэрин кытта тэрээһин үрдүк таһымҥа барарын туһуттан кыһаллан түүннэри-күннэри сүүрдүлэр-көттүлэр.
Оскуола кэнниттэн нэһилиэк аһаҕас халлаан анныгар «Ытык өбүгэлэр»  түмэлгэ баһылык Мария Николаева ыалдьыттарга экспонаттар тустарынан кэпсээтэ, ҮӨДЭЙ диэн сурукка хаартыскаҕа түстүлэр. Учууталлар астына сөҕө-көрөн, урукку кэмнэрин санаан долгуйа кэпсэттилэр. Саха дьонун сиэринэн балаҕан дьиэҕэ аһы астаабыт далбар хотуттар итии чэйинэн, сахалыы миининэн, саламаатынан үөрэ-көтө күндүлээтилэр. Остуол тула олорон Үөдэйгэ кэлэн тугу көрбүттэрин-истибиттэрин  ирэ-хоро кэпсэтэн, уруккуну-хойуккуну ахтыстылар.
Бу тэрээһин бэрт сэргэхтик ааспытын сылдьыбыт дьон бэлиэтээтэ, Мария Ивановна Афанасьева: «Бүгүн, дьиэҕэ олорор ветеран учууталлар, олус үчүгэй тэрээһинҥэ сылдьан астынныбыт. УНО көҕүлээһининэн Үөдэй нэһилиэгин Түмэлигэр сылдьан, «на Машине времени» дииллэрин курдук, олорон ааспыт сэбиэскэй кэммитигэр баран кэлбит курдук сананныбыт, оҕолуу үөрдүбүт-көттүбүт. Түмсүбүт дьон биир көлүөнэлэр буоламмыт, көрбүт малларбытын имэрийэн, дууһабытыгар иҥэ сылдьар, дьоммут, бэйэбит туттубут тэриллэрбитигэр ахтылҕаммытын уһугуннаран, бары да долгуйдубут.  Үлэҕэ туттар сэп-сэбиргэл, иһит-хомуос, таҥас-сап, бэл диэтэр  бурдук ыһар сеялка, араас былыргы техника көрүҥнэрэ уонна да атын интэриэһиргэтэр экспонаттара элбэҕэ сөхтөрдө.
Үөдэйдэр дойдуларын остуоруйатын билэргэ, ыччаттарын патриотическай тыыҥҥа иитэн, тапталы иҥэрэр сыаллаахтара, бу, аһаҕас халлаанҥа тэриллибит Түмэл туоһулуур.  Нэһилиэк баһылыга Мария Пудовна, бэйэтэ хас биирдии экспозиция туһунан кэпсээн, быһааран көрөөччүлэри итэҕэттэ, астыннарда. Бу түмсүүнү тэрийбит ыалдьытымсах Үөдэй  олохтоохторугар, оскуола үлэһиттэригэр, үөрэнээччилэригэр, олохтоох дьаһалта үлэһиттэригэр махталбытын биллэрэбит!».  Бу истиҥ тылларга кыттыһаллар ытык-мааны, кэрэҕэ сырдыкка угуйбут учууталларбыт Ньурбачаантан Акулина Никифоровна, Елизавета Семеновна, Сүлэттэн Светлана Гаврильевна, ЦТИТ-тэн Владимир Антонович, Антоновкаттан    Юрий Михайлович, Мария Ивановна, Анатолий Трофимович, Изамира Иннокентьевна, Анастасия Николаевна, Убайаантан Анна Васильевна,  Розалия Софроновна, Маргарита Николаевна, Валерий Федорович, Чуукаартан Егортина Петровна, Мархаттан Анатолий Герасимович, Лидия Ивановна, Анидора Семеновна, Любовь Николаевна, Анастасия Романовна, Маартан Александра Спиридоновна, Ралеа Егоровна, Дьаархантан Татьяна Револьевна, Хаҥаластан Марфа Степановна, Прасковья Николаевна, Чаппандаттан Мария Николаевна, Аканаттан Николай Николаевич, Зоя Гаврильевна.
Оскуола үлэтэ сайдарын, тупсарын туһугар кыһаллан үлэлээбит бэтэрээн учууталларбыт сыралаах үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыбыт. Киһи быһыытынан, үтүө майгыгытынан, муударай дууһаҕытынан, ылыммыт дьыалаҕытыгар бэриниигитинэн, үрдүк эппиэтинэскитинэн үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ үтүө санааны сахпыт дьоммут эдэр учууталларга холобур буолаҕыт. Чэгиэн доруобуйаны, өрүү бу курдук күлэ-үөрэ сылдьаргытыгар баҕарабыт!
Мария Николаева, Үөдэй, Ньурба

Читайте дальше