Сэтинньи 22 к. V ыҥырыылаах улуус Сүбэтин уочараттаах 3-с сиэссийэтэ ыытылынна. Бастаан дьокутааттар улуус баһылыгын экэниэмикэҕэ уонна үпкэ солбуйааччыта Эдуард Мярикянов иһитиннэриитин истэн баран, быйылгы уонна 2025 с. диэри былааннаах кэмҥэ улуус бүддьүөтүгэр уларытыылары, итиэннэ 2024 с. уонна кэлэр 3 сылга улуус бүддьүөтүн бастакы ааҕыыга бигэргэттилэр.
Салгыы «Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо» аат туһунан балаһыанньа саҥа эрэдээксийэтэ көрүлүннэ. Урут улуус бочуоттаах олохтооҕун аата сылга биирдэ – улуус ыһыаҕын иннинэ 10 киһиэхэ иҥэриллэрэ. Кэлэр сылтан сылга иккитэ – ыһыах уонна Саҥа дьыл иннинэ 5-тии киһиэхэ иҥэриллэр буолар. Салгыы дьокутааттар социальнай көмүскэлгэ наадыйар улуус олохтоохторугар матырыйаалынай көмөнү оҥорууларын туһунан Балаһыанньа саҥа эрэдээксийэтин дьүүллэһэн баран улуус дьаһалтатын правовой отделын кытта ситэрэн оҥорорго ыытарга сөбүлэстилэр.
Улуус хонтуруоллуур уонна ааҕар-суоттуур палаататын бэрэссэдээтэлин боломуочуйатын болдьоҕо бүппүтүнэн сибээстээн, бу дуоһунаска үлэлээн кэлбит Алексей Иванов дуоһунаһыттан босхолонно. Алексей Кириллович 4-с ыҥырыылаах улуус Сүбэтин дьокутааттарыгар биир ситимнээх үлэлэрин иһин махталын тиэртэ. Киниэхэ улуус Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Нюргуяна Михайлова истиҥ тыллардаах эҕэрдэ суругу туттарда. Сэтинньи 27 к. улуус Сүбэтин уочарата суох сүбэ мунньаҕар улуус хонтуруоллуур уонна ааҕар-суоттуур палаататын бэрэссэдээтэлин талыахтара. Сиэссийэ бэбиэскэтин тиһэх боппуруоһунан дьокутааттар күннээҕи үлэлэригэр сыһыаннаах өрүттэри дьүүллэстилэр. Ол курдук, «Дьокутаат ыйытыга» диэн уопсай көрүҥнээх бланка баар буолуоҕа, улуус Сүбэтин саҥа наҕараадалара олохтонуохтара.
Геннадий Антонов