Атырдьах ыйын 17-18 күннэригэр Ньурбаҕа Сергей Васильев аатынан сынньалаҥ пааркатыгар иккис төгүлүн ыытыллар республикатааҕы “Түмэр Түгэн” ыччат бэстибээлэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллара былааннанар. Бу бэстибээли Ньурбатааҕы ыччат дьыалаларын уонна имидж политикатын управлениета (сал. Валерия Владимирова) СӨ Ил Дарханын Граныгар бырайыак суруйан кыттан, кыайан, 1 986 346 суумалаах субсидия ылан тэрийэр.
7 араас былаһаакканан ыҥырыылаах ыалдьыттар үлэлиэхтэрэ. “Кэрэ эйгэ” былаһааккатыгар “БизнесЯкт” тэрилтэ салайааччыта, төрүттээччитэ Александра Окорокова, уйулҕаһыт, стилист Таисия Васильева, “Нараада” сынньанар сир төрүттээччитэ Мира До, эдэр урбаанньыт ыал Алена, Владислав Ядреевтар кыттыыны ылыахтара. Дьиэ кэргэни уонна үлэни тэҥҥэ тутан олоҕу тэрийии, нолуок саҥа быраабылаларын, билиҥҥи кэм дьахтарын анала тиэмэлэригэр кэпсэтиини тэрийиэхтэрэ.
“Бастыҥнар түгэннэрэ” “Сахат” оскуола, “Күнтэгил” уһуйаан төрүттээччитэ Анатолий Бурнашев, саха тылын сайдыытыгар күүскэ үлэлэһэр блогер Масаха Мэхээс үлэлиэхтэрэ.
“Геройдуун бииргэ” диэн былаһааккаҕа Россия Геройа, Эр санаалаах буолуу уордьан кавалера майор Игорь Юргин уонна СӨ буойуттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Марина Бахилина санааларын истиэхпит.
“Ньурба ньургуна” эр дьоҥҥо уонна “Ньурба ньургуһуна” кыргыттарга национальнай многоборье күрэҕэр 20 сайаапка киирэн сытар. Барыта 6 көрүҥҥэ икки күн устата спорстменнар илин-кэлин түсүһүөхтэрэ. Күрэх ыҥырыылаах ыалдьыта ыстаҥаҕа уонна национальнай многоборьеҕа СӨ спордун маастара Николай Обоев.
“Түмэр тэтимэ” диэн үҥкүү күрэҕэр 14 сайаапка киирдэ. Бу күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлии Аан дойду таһымнаах үҥкүүһүттэр Серго уонна Лил Ди кэлиэхтэрэ.
Бэстибээл биир улахан тэрээһининэн улууспут төрүттэммитэ 200 сылыгар анаммыт “Кыайыы кыната” диэн бастакы полумарафон буолар. 1, 3, 10, 21 км дистанцияларга 200 киһи сүүрээри бэлэмнэнэр. Хас биирдии биэтэккэ кэлбит киһиэхэ мэтээл бэриллэр, манна эрдэттэн регистрация ааһыаххын наада. Маны таһынан кэлээскэлээх сүүрүү, скандинавскай хаамыы уонна оҕолор күрэхтэрэ туһунан буолуоҕа. Полумарафону ыҥырыылаах ыалдьыт Петр Говоров иилээн-саҕалаан ыытыаҕа.
“Кэпсэтиэх” былаһааккаҕа “Сахат” оскуола, “Күнтэгил” уһуйаан төрүттээччитэ Анатолий Бурнашев, блогер Вячеслав Романов – Панда Саха, спортсмен, творческай дьиэ кэргэн Анастасия, Николай Обоевтар, Нараада сынньанар сир төрүттээччитэ Мира До, урбаанньыт дьиэ кэргэн Алена, Владислав Ядреевтар кыттыыны ылыахтара.
“Ыччат санаата” былаһаакка үлэлиэҕэ. Билигин дойдубут тула буола турар быһыы-майгы, ыччат оруолун тула кэпсэтиини Россия Геройа Игорь Юргин, народнай депутат Георгий Балакшин, СӨ ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникациялар миниистирэ Петр Шамаев, Ил Түмэн иһинэн үлэлиир Ыччат парламенын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Айтал Керемясов тэрийиэхтэрэ.
Бэстибээл иккис күнүн сарсыардатыгар 8 ч Олимпийскай призер Георгий Балкшины кытары сэрээккэ буолоуҕа, ол кэнниттэн тута блогер Вячеслав Романов- Панда Саханы кытары сарсыардааҥы аһылык тэриллиэҕэ. Бу сайын саамай умнуллубат сарсыардатыгар баҕалаахтары барыгытын күүтэбит.
Маны таһынан олохтоох оҥорон таһаарааччылартан, хас биирдии нэһилиэктэртэн атыы, быыстапка, хорчуоппа тэриллиэ.
Тэрээһин арыллыыта атырдьах ыйын 17 күнүгэр күнүс 14 чаастан буолуоҕа. Түмүктүүр кэнсиэргэ ыччат таптыыр ырыаһыттара Понсаш,. Фиеста, Ника, Маахта, Диджей Далан, Николай Никифоров, Инвент, Серге, ыытааччылар Альберт Ноговицын уонна Юрасик кыттыыны ылыахтара.
Күн бүгүн тэрийээһиҥҥэ 100-чэкэ ыччат үлэлии сылдьар. Күнүстэри түүннэри паарка киэргэтиитигэр, тэрээһин боппуруостарыгар сылдьаллар. Онон хас биирдии Ньурба улууһун олохтоохторун сааһыттан тутулуга суох бу улахан бэстибээлгэ кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Лена Петрова