Үөдэй нэһилиэгэ ППМИ куонкуруһугар 6-та кыттан кыайда

Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар улуус нэһилиэктэриттэн ордук көхтөөхтүк Үөдэй нэһилиэгэ кыттан кэллэ. 2018 сылтан саҕалаан, 6 сыл устата кыттан кыайдылар. Бу 200-ү кыайбат нэһилиэнньэлээх дьоҕус нэһилиэк холугар лаппа үчүгэй көрдөрүү.

«2018 с. ППМИ чэрчитинэн «Ытык өбүгэлэр» диэн аатынан аһаҕас халлаан анныгар түмэл бырайыагын оҥорон олоххо киллэрэргэ ылсыбыппыт, — диир Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаева. – Түмэл тула тимир аҕыраадатын, киирии ааркатын, үрдүнээҕи сабыытын, тротуарын, уотун уонна постаменнарбытын эҥин оҥорторбуппут. Эһиилигэр эмиэ ППМИ үбүнэн түмэл иһигэр саха балаҕанын оҥорбуппут. Нэһилиэкпит олохтоохторо көмөлөһөн уонна атын даҕаны нэһилиэктэртэн түмэлбит экспонаттарын элбэҕи хомуйсан, билигин «Ытык өбүгэлэр» түмэлбит дьон сөбүлээн сылдьар миэстэтигэр кубулуйда. Оҕону-ыччаты үөрэтии-иитии үлэтигэр даҕаны улахан көмөлөөх.

Үһүс сылбытыгар «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтин кэннигэр олохтоох дьаһалта уонна кулууп үлэһиттэрэ уолаттар субуотунньуктаан кыракый дьиэ туппуттара. Муостатын, үрдүн уларытан оҥорбуппут уонна ис өттүн тупсарбыппыт.

2021 с. дьон аралдьыйар-сынньанар уопсастыбаннай эйгэтин тэрийэргэ ылсан, «Собо-паарка» аҕыраадатын, тротуардарын эҥин оҥорторбуппут. Эһиилигигэр маны ситэрэрдии бырайыакпыт докумуоннарын РФ Бэрэсидьиэнин граннарын куонкуруһугар ыыппыппыт. Хомойуох иһин, кыранан баалбыт хапсыбакка хаалбыта.

Былырыын ППМИ чэрчитинэн нэһилиэккэ Новай уул. өрөмүөннэппиппит уонна «Собо-пааркаҕа» массыына парковкатын оҥорторбуппут. Быйыл Лесной уонна Киин уул. өрөмүөннэттибит.

Нэһилиэкпит биир кэрэ-бэлиэ көстүүлээх уопсастыбаннай эйгэтэ буолуохтаах «Собо-паарканы» ситэрэн-хоторон син-биир олоххо киллэрэр санаалаахпыт. Эһиилги ППМИ куонкуруһугар «Собо-паарка» сырдатыытын оҥоруу бырайыагынан кыттарга быһаарынныбыт. Нэһилиэкпит мунньаҕын ыытан бырайыакпытын билиһиннэрдибит.

Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама нэһилиэктэр наадалаах бырайыактарын олоххо киллэрэргэ көмөлөөх. Чуолаан кыра бүддьүөттээх дьоҕус нэһилиэккэ улахан көмө буолар. Эрдэ ППМИ чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэттэн нэһилиэктэргэ бастаан 1 мөл. солк., онтон 1,5 мөл. солк. көрүллүбүт буоллаҕына, билигин бу үп кээмэйэ 2 мөл. солк. тиийдэ. Биһиги аҕыйах киһилээх уонна кыра бүддьүөттээх нэһилиэк буоламмыт, ППМИ-га элбэх сууманы ирээттэһэн үбүлүүр кыахпыт суох. Дьоммут кыттыһыылара уонна спонсордар көмөлөрө эмиэ улахан нэһилиэк киэнигэр тиийбэтэ өйдөнөр.

Арай биири бэлиэтиэхпин сөп: Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторо ыалынан харчы хомуйабыт, эбэтэр кыамматахпытына Үөдэйтэн төрүттээх куоракка, атын да сиргэ олорор дьоммут эмиэ көмөлөһөн, нэһилиэкпит холугар үгүс үлэ барда. Ол иһин нэһилиэгим дьонугар уонна атын сирдэргэ олорор биир дойдулаахтарбытыгар нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Атын сорох нэһилиэктэргэ дьон харчы хомуйан биэрбэккэ, ППМИ куонкуруһугар кыттыбаттарын туһунан истэбин. Үөдэйим дьоно-сэргэтэ дьаһалта этиитин истэн, барыта нэһилиэк сайдарын туһугар оҥоһулларын өйдөөн-өйөөн, бу курдук ис сүрэхтэриттэн көмөлөһөллөрө биһиэхэ үлэбитигэр улахан өйөбүл буолар».

Геннадий АНТОНОВ