Олунньу 22 күнэ — Ньурбабыт улууһугар биир улахан суолталаах күнүнэн историяҕа киирдэ. Үөдэйгэ 10/25 миэстэлээх оскуола-уһуйаан дьиэтин үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Күүтүүлээх кэрэ күҥҥэ Ньурба улууһугар СӨ ситэриилээх былааһын отчуотун туруора кэлэ сылдьар оробуочай бөлөх толору састаабынан кытынна.
Дьиэни «Масстрой» ХЭТ (ген.дириэктэр Торохов В.А.) тутан түмүктээтэ. Аан бастаан Макар Семенович үтүөтүнэн сыбаайа түһэриллибитэ, нулевой цикла баар диэн, ааттаан, үбэ-харчыта быһаарыллыбакка турбутун «Үтүө дьыала» бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ уонна оройуон кыттыгас үбүлээһиннэринэн тутулларын ситиспитэ. Кыра ахсааннаах нэһилиэккэ бу курдук тупсаҕай тутуу олоххо киирэрэ дойдубут салайааччыта Владимир Путин кыра кэмпилиэктээх тутууларга болҕомто уурарын туоһута буолар. Онон оскуола оҕолоро, учууталлар, үлэһиттэр, нэһилиэк дьоно үөрүүлэрэ, махталлара үгүс.
Ханнык баҕарар типовой тутууну аныгылыы ураты дизайн тупсарарын илэ көрөн итэҕэйдибит.Лена Фрэйзер салайааччылаах дизайн-устуудьуйа аҕыйах күн иһигэр оскуола кэлэктиибэ, нэһилиэк баһылыга Мария Николаева баҕа санааларын учуоттаан бэрт тупсаҕай гына ситэрэн-хоторон биэрбитин көрөн киһи хараҕа үөрэр.
Мария Николаева, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга:
«Үөдэй нэһилиэгэр үөрэхтээһин историята 1886 сылтан ааҕыллар. Ол кэмтэн саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри оскуола араас эргэ дьиэлэргэ, телеграф, балыыҺа урукку тутууларыгар үөрэнэн кэллибит. Нэһилиэк өр кэмҥэ туруорсуутун ылынан «Үтүө дьыала» хамсааһын чэрчитинэн киллэрэн, оскуолабыт тутуллан бүгүн үөрэн-көтөн турабыт.
Бүгүҥҥү күҥҥэ оскуолаҕа 13 оҕо үөрэнэр, уһуйааҥҥа 20 оҕо сылдьар, кинилэри 13 үлэһит көрөр-истэр. Дьиэбит биир этээстээх, сыбаайаҕа турар, билиҥҥи ирдэбилгэ сөп түбэһэр тутуу. Ыраах сытар, аҕыйах ахсааннаах оҕолоох нэһилиэктэр бу бырайыагынан туттуохтарын сөп. 137 мөл.солк. буолла бастакы этааба, аны салгыы спортивнай саала тутуллуохтаах. Оччотугар 1000 тахса кв.м иэннээх түһээн да баттаппатах кыраһыабай дьиэбит буолуохтаах.
Оскуола үлэтигэр нэһилиэньэ барыта биир киһи курдук кыттыһан, саба түһэн субуотунньук, сууйуу-сотуу, кыра тутуу да буоллун кэмигэр бүтэрдибит. Дизайнер Лена Фрэйзер диэн олус талааннаах, наһаа үчүгэй идеялардаах, аныгылыы көрүүлээх кыыс хамаандата үлэлээтэ. Биһиги толкуйбут ууруута арыый атын соҕус эбит буоллаҕына, үөрэхтээх дизайнердар диэн ураты буолаллар эбит. Иккитэ кэлэн барбыттара уонна бэйэбит баҕа санаабытын, нэһилиэкпит уратытын этэн, көрдөрөн, түүннэри-күнүстэри уруһуйдуу-уруһуйдуу кинилэргэ ыытан испиппит. Ол түмүгүн бары бу күн көрдүгүт, хайдах курдук кэрэ, тупсаҕай көстүүнү. Бу оҥоһуулар биэс хонук иһинэн дьаһалта уолаттара, нэһилиэк дьоно бары биир киһи курдук саба түһэн кылгас кэмҥэ оҥоһулуннулар. Үөдэй – Ньурба улууһун бастакы сытар нэһилиэгэ буолар. Дьон Ньурбаҕа кэлэригэр бастаан биһиги нэһилиэкпитинэн ааһар.
Быйыл СӨ Оҕо саас, Ньурбабыт улууһугар олох-дьаһах эйгэтин тупсарыы сылларынан биллэриллибиттэрэ. Онон дьон биһиги оскуолабытыгар, музейбытыгар, сквербытыгар сылдьан, чахчы, оҕо-аймахха, кинилэр үүнэр-сайдар, улаатар усулуобуйаларыгар улахан болҕомто ууруллар эбит диэн өйгө-санааҕа кэлэр уонна Ньурба улууһун туһунан өйдөбүл үөскүүр».
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов үөрүүлээх быһыыга-майгыга оскуола дириэктэригэр Любовь Гаврильевнаҕа микроавтобус сэртипикээтин дохсун ытыс тыаһынан туттарда. Долгутуулаах түгэннэринэн Үөдэй оскуола-уһуйаан кэлэктиибин улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, норуот депутаттара Антонина Григорьева, Владимир Прокопьев, Георгий Балакшин, улуус депутаттарын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Нюргуяна Михайлова, Үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова, Бүлүүтээҕи педколледж дириэктэрин солбуйааччыта Александра Тутукарова, Ньурбатааҕы үөрэх салаатын салайааччыта Федор Ушканов, 16 нэһилиэк баһылыктара, 12 оскуола дириэктэрдэрэ, нэһилиэги уонна оскуоланы урукку сылларга салайбыт Леонид Гаврильев, бэтэрээн учуутал Александра Гаврильева, бастакы нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Иванов уонна ыраахтан-чугастан ыҥырыллан кэлбит күндү ыалдьыттар эҕэрдэлээтилэр.
102 сыл буолан баран «Үтүө дьыала» хайысхатынан Үөдэй нэһилиэгэр саҥа таас оскуола Оҕо-аймах сылыгар аанын тэлэччи аста.
Лена Петрова