Ый иһигэр 70 киһи бүөр балыыһатыгар кэлэн көрдөрүннэ

 Ньурбаҕа Нефроклиника арыллыбыта иккис ыйыгар барда.

Бүөр ыарыытын биир куһаҕан өрүтэ – бэйэтин өр кэмҥэ биллэрбэккэ сылдьыан сөп. Эмискэ хам тутан, кылгас кэм иһигэр киһи бүөрэ ыалдьарын соһуйа истиэн сөп. Диализ бүөр ыарыытын 5-с стадиятыгар тиийбит ыарыһахха ананар. Өскөтүн доруобай киһи хаанын ыраастаан убаҕаһынан таһаарарыгар бүөр үлэлиир эбит буоллаҕына, диализка хааны аппараатынан ыраастаныахха наада буолар.
Ньурбаҕа бу күһүн Нефроклиника бүөр балыыһата арыллыбыта. Түөрт Бүлүү бөлөх улуустарын хааччыйар киин үлэлээбитэ саҥа иккис ыйыгар барда эрээри, бэлиэр үгүс дьон махталын ылла. Күн бүгүн бүөр балыыһата хайдах тэриллэн үлэлии турарын билсэ бара сырыттым.
Миигин Кира Иванова диэн администратор кыыс көрүстэ, эбиэттэн киэһэ буолан балыыһаҕа ким даҕаны суох. Билигин 6 киһи диализка сылдьар, сарсыарда өттүгэр кэлэн бараллар эбит.
Кира Иванова, Нефроклиника администратора:
— Ыарыһахтар 4 чаас устата диализ ылаллар. Биир процедураҕа 140-150 л кэриҥэ хас даҕаны стадияны ааспыт минерализацияламмыт уу наада. Нэдиэлэҕэ сарсыарда өттүгэр үстэ кэлэн бараллар. Балыыһаҕа 10 аппараат толору үлэлээтэҕинэ 60 киһини эмтиир кыахтанар. Билигин бэйэ бэйэбитин кытары билсэн, кэргэннэһэн хааллыбыт диэххэ сөп.
Нефролог быраас Эркинбек Суюркулович Джуматов балыыһа арыллыаҕыттан Кыргызстантан кэлэн үлэлии сылдьар:
— Кыргызстаҥҥа 5 сыл Гемодиализ киинигэр нефрологынан үлэлээбитим. Манна сөбүлэҥ түһэрсэн кэлбитим. Тута усулуобуйа тэрийэн биэрбиттэригэр улаханнык махтанабын. Бу кэм устата 180 гемодиализ процедуратын оҥордубут, барыта холбоон 12 киһиэхэ. Билигин 6 киһилээхпит. Сайыҥҥы өттүгэр “ыалдьыттардаах” этибит. Ыалдьыттарбыт диэн дойдуларыгар быстах кэмҥэ сынньана кэлбит дьону ааттыыбыт. Бу иннинэ диализка сылдьар ыарыһахтар дойдуларыгар, аймахтарыгар кылгас кэмҥэ кэлэн барар кыахтара отой суох эбит буоллаҕына, билигин төһө баҕарар кэлиэхтэрин сөп. Сорох дьон кэлээри суол арылларын күүтэ сылдьаллар.
— Бэйэҥ ханна үөрэммиккиний? Тус олоххуттан сырдата түһүөҥ дуо?
— Мин Бишкеккэ И.К.Ахунбаев аатынан Кыргызскай судаарыстыбаннай медицинэ академиятын бүтэрбитим. Эмиэ Арассыыйаҕа курдук 6 сыл үөрэтэллэр. Онтон 3 сыл ординатураҕа үөрэммитим. Бүтэрэн баран Бишкеккэ 5 сыл Гемодиализ киинигэр нефролог бырааһынан үлэлии сырыттахпына, дьылҕа түбэһиннэрэн диэххэ дуу, Марфа Николаевналыын билсэн, кини ыҥырыытынан кэлэн үлэлии сылдьабын. Кэлэктииппит олус иллээх, балыыһабыт хааччыллыыта толору.
Ыал буола иликпин, тапталлааҕым дойдубар хаалбыта. Киһи инникитин тымтыктанан көрбөт, баҕар, ыал буолан манна көһөрөн аҕалыам даҕаны.
Марфа Бурцева, нефрология уонна диализ киинин төрүттээччитэ, дириэктэр, РФ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна:
— Манна диэн эттэххэ, Эркинбек Суюркулович сөбүлэһэн ыраах Ньурбаҕа үлэлии кэлбитэ биһиги дьолбутугар буолар. Ыарыһахтары буор-босхо көрө олорор. Бу ый иһигэр барыта 70-ча киһи кэлэн көрдөрүннэ. Быраастан направлениелаах, хаан, иик аналиһзтарын, бүөр УЗИ-тын илдьэ эрдэттэн болдьоһон баран кэлэн көрдөрүөхтэрин сөп. Хомойуох иһин диирбитигэр тиийэбит, биир ый иһигэр 11 киһиэхэ бүөр ыарыытын туруорда, 4 киһи 4-с стадиянан ыалдьарын быһаарда уонна биир 5-с стадияҕа тиийбит киһини диализка ыларга бэлэмнии сылдьабыт. 4-с стадиялаахтар салгыы Дьокуускайга көрдөрүнэ баралларыгар направление биэрдибит. Сунтаартан, Үөһээ-Бүлүүттэн, Бүлүүттэн кэлэн көрдөрөллөр.

Нефроклиниканы дьон тоҕо эрэ диализ эрэ киинэ дии саныыр. Оннук буолбатах. Бүлүү бөлөх улуустарыгар бүөр ыарыытын кыайар туһугар анаммыт балыыһа буолар. Сыалбыт-сорукпут – диализка тиэрдибэккэ бүөр ыарыытын эрдэттэн быһааран эбэтэр сэрэтэн эмтээһин.
Айсен Ефремов, 27 саастаах:
— Диализка тохсунньуттан киирбитим. Антоновкаҕа олорор буолан билигин бэйэм массыынабынан сылдьабын. Ньурбаҕа арылларын истээт, тута кэлэргэ быһаарыммытым. Дойдулаах киһи дойдубар олорорум быдан ордук буоллаҕа. Диализ кэмигэр хас биирдиибитигэр анал телевизор холбууллар, наушник биэрэллэр, инньэ гынан үчүгэй.
Бүөр балыыһатыгар Сунтаартан диализка сылдьар икки киһи баар.
Туйгууна Евсеева, 58 саастаах:
— Мин диализка киирбитим 2 сыл буолла, наар сылдьыахпын наада. Бүөр поликистоһа диэн диагнозтаахпын. Бүөр балыыһата арыллаатын кытары кэлбитим, Ньурбаҕа арыллар үһү диэни истээт күммүн аахпытынан барбытым. Нэдиэлэҕэ үстэ кэлэн барабын. Билигин суол хаайан турар кэмигэр быстах кэмҥэ дьиэ куортамнаан олоробун. Дойдубар оҕолорбун, сиэннэрбин кытары олорор, кинилэри күннэтэ көрөр баҕаттан Ньурбаҕа кэлэн барабын.
— Тута арыллаатын кытары кэлбит эбиккин. Истибитим, бастаан уопутура түстүннэр, онтон кэлиэхпит дииллэр этэ дьон.
— Биһиги кэлбэхтэхпитинэ уопут хантан ылыахтарай? Эрдэттэн улахан үөрэҕи ааспыт медиктэр, онон тута эрэнэн кэлбитим. Үлэһиттэрэ олус элэккэйдэр. Бырааспыт Эркинбек Суюркулович хас биирдиибитигэр истиҥ сыһыаннаах.
Сунтаартан 4 чаас айаннаан кэлэбит, кыһыҥҥы өттүгэр арыый түргэтиир ини.
— Сунтаартан бырайыаскытын, билигин олорор кэмҥэр төлөбүргүн кимнээх уйуналларый?
— Этэн аһарбытым курдук, нэдиэлэҕэ үстэ таксинан кэлэн барабыт, Сунтаартан билигин иккиэбит. Кэлэ-бара 4.000 солк., ыйга 48.000 солк. тахсар. Бырайыаспыт төлөнөрүн курдук туруорса сатыыбыт. Эрдэ Миирнэйгэ сылдьар эрдэхпитинэ төлөнөр этэ. Тоҕо диэтэххэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕыгар Миирнэй уонна Нерюнгри эрэ диализнай кииннээх курдук киирэ сылдьаллар. Мин билэрбинэн, Сунтаартан 5 киһи диализка наадыйан бу боппуруос быһаарылларын күүтэр.
Марфа Бурцева:
— СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕыгар Ньурба эмиэ киирсэрин туруорсабыт. Сурукпутун саха сириттэн Госдума дьокутаатыгар Федот Тумусовка ыыппыппыт. Этэҥҥэ биһиги туспутугар быһаарыллыа диэн эрэнэ күүтэбит.
Бүөр балыыһата Ньурбаҕа арыллыбыта өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы улахан судаарыстыба уонна чааһынай тэрилтэ кыттыгас бырайыактара буолар. Улуус баһылыга Алексей Михайлович бу боппуруоска күүскэ ылсан үлэлээбитэ олус хайҕаллаах. Элбэх киһи кыһалҕата быһаарыллыа турдаҕа. Бастакы кэпсэтиибит 2022 сыллаахха кулун тутарга буолбута, баара-суоҕа балтараа сыл иһигэр сүҥкэн үлэ барда.
Билигин балыыһаҕа 9 киһи үлэлии сылдьар. Олохтоох дьон үлэ миэстэтинэн эмиэ хааччылынна.
— Эн бэйэҥ бүөр ыарыытын бохсооһуҥҥу, сэрэтиигэ санааҕын ууран үлэлии сылдьар эбиккин.
— Бастаан «Тулуур» диэн кэммиэрчискэйэ суох тэрилтэни төрүттээбитим. Ол сылдьан элбэх дьону кытары билсэн барбытым. Кэтээн көрдөххө, хас биирдии киһи билэр киһитэ бүөр ыарыылаах эбэтэр диализка сылдьар буолар. Аны туран, тоҕо эрэ үксэ сахалар уонна улууска олорор дьон бу ыарыынан ыалдьаллар. Кинилэр сүрүн кыһалҕалара дойдуларыттан тэйэн, Дьокуускайга көһөн кэлэн олохсуйуулара буолар. Онтон сылтаан дьон диализтан аккаастанар түбэлтэлэрэ элбэх. Ол иһин ыарыһахтар кыһалҕаларын өйдөөн, дьиэлэриттэн сылдьан эмтэнэллэрин, толору олоҕу олороллорун курдук бүөр балыыһата улуустарга арылларын ыралана сылдьыбытым, хаста даҕаны бу боппуруоһу көтөхпүтүм. Биир оннук түгэҥҥэ Ньурба улууһун баһылыга Алексей Михайловичтыын санаабыт сөп түбэһэн, кини эмиэ бу боппуруоһу толкуйдуу сылдьыбыт буолан, бэрт түргэнник Ньурбаҕа Нефроклиника арыллан олоххо киирдэ.

Онон, түгэнинэн туһанан, оройуон, куорат дьаһалталарын үлэһиттэригэр, киин балыыһаҕа дьон кыһалҕатын өйдөөн, тэҥҥэ үлэлэспиттэригэр улаханнык махтанабын.
Диализка сылдьар дьон дойдуларыгар эмтэниини ааһар кыахтанан сүргэлэрэ көтөҕүллэн, күннэтэ чугас дьоннорун аттыларыгар баалларын астына кэпсииллэр. Бүөр балыыһата 60 тиийэ ыарыһаҕы эмтиир кыахтаах. Киһи ыарыытын кытары бэйэтэ эрэ хаалыа суохтаах, онтон бүөр балыыһатыгар күнүстэри-түүннэри дьон биир улахан кыһалҕатын быһаарарга үлэлэһэллэр.
Лена Петрова