Үлэни өрө тутан кэлбит ытык кырдьаҕас

Светлана Гаврильевнаны Ньурбаҕа билбэт киһи арааһа суоҕа буолуо. Сүлэттэн  Ньурбаҕа наадатыгар киирэр-тахсар, маны таһынан аҕам саастаах ытык кырдьаҕас куоракка ыытыллар араас тэрээһиннэргэ бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан ыҥырыллан кыттыыны ылар.

— Светлана Гаврильевна, ааҕааччыларга бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.

— Гаврил  Спиридонович, Мария Николаевна Петровтар тоҕус оҕолоох дьиэ кэргэннэригэр 1943 сыллаахха, ахсынньы 15 күнүгэр Ньурба оройуонун Чуукаар нэһилиэгэр бастакы оҕонон төрөөбүтүм. Мин  иннибэр үс оҕо  төрөөн төннүбүт буолан,  эһэм, эбээм, ийэм, аҕам, тастыҥ эдьиийим, убайдарым, оннооҕор ыалларым атаахтаталлар быһыылааҕа.

Мөҕүллэр-боччуллар  диэни билбэккэ, бэйэм дьаалабынан  сылдьыбыт эбиппин. Тоҕустаахпыттан колхуостаах ыал оҕолоро үлэлииллэригэр ымсыыран, баҕаран туран ыһыыга оҕус сиэппитим. Онтон ыла каникулбар колхуос араас үлэтигэр барытыгар үлэлэһэрим.

Төрдүһү бүтэрэн баран 28 ньирэйи көрөн турабын. Бииргэ үөрэнэр кыыспынаан күһүн Үс Көлүйэҕэ үүрэн  таһааран субай бостуугар туттарбыппыт. Дьиэбэр  дьиэ ис-тас үлэтиттэн хаар күрдьүүтүн, мас хайытыыта курдук үлэлэри толорорбун  ордорооччубун. Ол курдук, соҕотох быраатым, балтыларым миигин холобур  оҥосто улааттахтара дии.

Оскуолабытыгар сэттис кылааһы оҕо аҕыйаҕынан Өҥөлдьөҕө интернакка олордон бүтэттэрбиттэрэ. Сэттис кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар 1959 сыллаахха киирбитим. Сыл аҥаардаах производственнай быраактыкаҕа С.Г.Жирков аатырбыт бэрэссэдээтэллээх П.Алексеев аатынан  колхуоска Тааттаҕа бииргэ үөрэнэр, Антоновкаттан сылдьар Федорова Октялыын ыыттылар. Иккиэн  оҕуруот үлэтигэр, ыһыыга, окко, бурдук хомууругар сырыттыбыт.

1964 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техиникумун бүтэрэн, Калинин аатынан колхуоска кылаабынай агрономунан ананан үлэлээбитим, 3 №-дээх СПТУ-га преподавателлээбитим. 1970 сыллаахха Өлөөн оройуонугар Ээйик колхуоска агрономунан үлэлээбитим,

1972 сыллаахха Благовещенскайдааҕы институт агрономическай факультеты кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи  Опорнай пууҥҥа агрохимлабораториятыгар агрономунан анаммытым.

1979 сыллаахха Ньурбаҕа агрохимлаборатория «Тирэх» пуунугар  ыст.агрохимигинэн ананан үлэлии сылдьан, «Ньурба» сопхуос ходуһаларыгар минеральнай  уоҕурдууну  туһаныыга  уопуттары оҥорорум, -диэн олоҕун кэрчиктэриттэн быһа тардан кэпсээтэ.

Светлана Гаврильевна 1982 сыллаахха  тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар  кылаабынай агрономунан үлэлии сырыттаҕына, кинини оройуоннааҕы райком элбэх  сыллаах  от сиэмэтин үүннэриинэн дьарыктанар сопхуоска агрономунан үлэҕэ аныыр. Иркутскай куоракка  алта ыйдаах кууруска дириэктэрдэр куурустарыгар үөрэттэрэ ыыталлар. Кууруһун ситэри бүтэттэрбэккэ,  төттөрү ыҥыран ылан, «Ньурба» сопхуоска сүүрбэччэ киһилээх  от ыһыытынан дьарыктанар биригээдэтин сыһыаран, сирдээн, аҕыйах тиэхиньикэлээн «Сүлэ» сопхуос диэн ааттанан үлэлээбитинэн бараллар.

Ол саҕана  учуонайдар Г.В. Денисов, В.С. Стрельцова быһаччы кыттыыларынан, көмөлөрүнэн, ыйыыларынан-кэрдиилэринэн үлэлииллэр. Ол туһунан Г.В.Денисов бэйэтин  кинигэтин ахтыытыгар суруллубута баар. Оччотооҕу кэмтэн Светлана Гаврильевна Петрова маннык ахтар: «Варвара Андреевна Петрова  атырдьах ыйын 19 күнүгэр  Сүлэҕэ тахсан үлэбитин-хамнаспытын билсибитэ. Ол кэмҥэ 35 гектар ыһыы от охсуллубутун, 8 гектар хомуллан, 1,5 тонна сиэмэ кэлбитин, 426 тонна  айылҕа ото  оттонон кэбиһиллибитин суруйан  бэлиэтэммиппин. Сурах хоту истэн, билэр курдук  саныы сылдьыбыт  киһим Варвара  Андреевна Петрованы  кытта  алтыһан үлэм ити курдук саҕаламмыта

Уларыта тутуу сылларыгар сопхуоспут барысхтаахтык үлэлии олорбута. Мин биэс аҥаар сыл дириэктэрдээн баран, «Ньурба» сопхуоска холбоһуохпутугар диэри  кылаабынай агрономнаабытым. Онтон Сүлэ орто оскуолатыгар  сир оҥоһуутунан дьарыктанар соруктаах  диэриэктэри производствоҕа солбуйааччынан көспүтүм. Ити курдук оскуолаҕа алта сыл үлэлээн  сынньалаҥҥа тахсыбытым кэннэ, Варвара Андреевна  ыҥыран ылан:«Агропромхимияҕа» дириэктэрдээ»,- диэн этиилээх тахсыбыта. Уустуктардаах кэмнэргэ хаалыылаах тэрилтэни өрө көтөҕүү ыарахан этэ. Хас эмэ ыйы-ыйынан төлөммөтөх дьон хамнаһын төлөөбүппүт. Дьон уһаайбатыгар сири оҥорон, оҕуруот аһын олордон, үүнүүбүтүн батаран массыынабыт уматыгын харчытын булуммуппут.

-Светлана Гаврильевна, тус олоҕун туһунан билиһиннэр эрэ.

— Сайыны быһа, ыһыыттан хомуурга диэри бииргэ үлэлээбит, миигин өйөөн-убаан илдьэ сылдьыбыт тырахтарыыс Уйбаан Павлов  диэн уолбар кэргэн тахсан хааллым. Үөрэхпин бүтэрэн дуогабардаах колхуоспар, дойдубар Чуукаарга  агрономнуу көһөн кэлбиппит. Үс оҕолонон, биэс уон сыл олоруохпутун сыл аҥаара тиийбэккэ ыарахан ыарыыттан Уйбааным 2012 сыллаахха олохтон туораабыта. Үлэһит, көнө-көрсүө киһиэхэ түбэһэн, оҕолорбутун улаатыннаран, үөрэттэрэн, сиэннэрдэнэн дьоллоохтук олорбуппут.

Туруу үлэһит Светлана Гаврильевна Петрова үлэтэ сыаналанан, салайар «Сүлэ» сопхуоһа 1986 сыллаах от сиэмэтин ылыыга  ситиһиилэрин иһин,  XI пятилетка түмүгүнэн САССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан уонна Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин Кыайыы 70-с сылын көрсө  ССКП, ССРС МС, ВЦСПС уонна ЫБЛКС КК бочуотунай грамоталарынан уонна Үлэ Албан аатын кинигэтигэр  киллэриллэн туран наҕараадаламмыта.

-Билиҥҥи тыа хаһаайыстыба үлэтигэр тугу этиэ этигитий?

— Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар элбэх үп көрүллэр, араас бырагыраамалар олоххо киирэллэр, граннар бэриллэллэр эрээри, ону туһанааччы  аҕыйах курдук көрөбүн.

Ыччат  атын салааларга хото тардыһар, оттон тыа хаһаайыстыбатын идэлэрин баһылааччы быстар аҕыйах. Нэһилиэктэринэн күүстээх үлэ, производство тэрээһинигэр  үлэ ыытыллара буоллар, үлэ миэстэтэ тахсыа этэ дии саныыбын.

-Светлана Гаврильевна бар дьоҥҥор кэлээри турар Саҥа дьылга тугу баҕарыа этигитий?

-Саҥа үүнэр сылга барыгытыгар дьолу-соргуну , ситиһиилэри, доруобуйаны, эйэлээх олоҕу баҕарабын!

-Махтал.  Түгэнинэн туһанан Светлана Гаврильевнаҕа 80 сааскынан эҕэрдэлиибин. Чэгиэн доруобуйаны, оҕолорун тапталларынан бигэнэн  өссө  уһуннук дьоллоохтук олороргор баҕарабын.

Антонина Семенова

 

 

Читайте дальше