Ыттар иннилэрин ылыахпыт дуо?


Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга куорат ортотугар дьэллик ыттар хас даҕаны сиринэн ытыран, хата, эмсэҕэлээбит дьахтар таҥаһа халыҥ буолан быыһаммытын туһунан сонун онто да суох долгуйа сылдьар дьон уйулҕаларын хамсатта. Ол эрэ иннинэ, эмиэ ааспыт нэдиэлэҕэ Ньурба оскуолатыгар оҕолору батыһан кэлбит ыттары устубут видеолара киэҥник тарҕанна.

Улуустааҕы үөрэх салалтата тута суһал мунньах тэрийэн, сүбэлэһэн, ыттаах ыаллары кылаастарынан
испииһэк оҥорон, күүстээх хонтуруолга ыллылар. Дьаһалталартан миэстэтигэр ыаллар ыттарын баайан эбэтэр
вольерга сытыаралларын курдук иһитиннэриилэри оҥороллор, ыстараабынан куттууллар эрээри, бүгүҥҥү олох
көрдөрөрүнэн, истэрэ эрэ истэр быһыылаах.

Ыттар сыбаайбаларын кэмигэр киһи уулуссанан хаамыан куттанар. Соторутааҕыта эрэ бэйэм туоһу буолбутум.
Эбиэккэ үлэбэр баран истэхпинэ 1 кылаас оҕотугар ыттар оонньоһон түһүөлүү сылдьаллар этэ. Үрүксээгин быата
сиргэ соһулла сылдьарын ытыран тардыалыыллара, чугас арыый обургу ыттар бааллара. Ыт киһи буолбатах, ити
түгэҥҥэ биир эмэ кыдьыктаах ыт саба түстэҕинэ, атыттара көрөн турбаттара чуолкай. Оҕо барахсан куттанан
кумуччу туттан тураахтыыра.


Билигин бэйдиэ сылдьар ыттарга туох дьаһал ылылларын туоһулаһан тустаах тэрилтэлэртэн ыйыталастым.
Бэйдиэ сылдьар ыттар диибин, дьэллик диэҕи питомникка тутуллубут ыттар үгүстэрэ хаһаайыннаах буолаллар
эбит.


Ньурба куорат баһылыга Геннадий ИГНАТЬЕВ: 
— Биһиги сокуонунан эрэ үлэлиир бырааптаахпыт. «Кыыллары кытары эппиэтинэстээх сыһыан» федеральнай
сокуон ирдэбилинэн, Ньурба куоратын дьаһалтата бэйдиэ сылдьар ыттары тутар, стерилизациялыыр,
вакциналыыр уонна бэлиэ туруоран баран хантан тутан аҕалбыт сиригэр төттөрү ыытан эрэ кэбиһэр
кыахтаахпыт. 5 миэстэлээх питомниктаахпыт, тутуллан кэлбит ыттары көрөбүт, аһатабыт. Уонна хайыахпытый?
Сокуоммут оннук. Бэйдиэ сылдьар ыттар куораппыт биир улахан кыһалҕата буолар. Бу сыл тохсунньу 20
күнүнээҕи туругунан барыта 12 ыт тутулунна, хомойуох иһин, аҥардара хаһаайыннаах ыттар. Ыттарын
сүтүктээн кэлэн илдьэ бараллар, хаһаайыттары кытары ыттарын баайа сыталларыгар кэпсэтии ыытабыт.

Ньурбатааҕы ветеринария управлениетын салайааччыта Мотрена ИВАНОВА:
Улуус үрдүнэн барыта 1785 ыт регистрациялаах, онтон 1673 маркированнай, ол эбэтэр чиптээхтэр.
Нэһилиэктэринэн учуот ыытабыт. Ааспыт сылга дьиэ кыылын иитии быраабылатын туһунан 551 киһини кытта
кэпсэтии ыытылынна. Көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр нөҥүө нэһилиэнньэҕэ тахсан эмиэ араас хабааннаах
үлэни ыытабыт. Бэтэринээрдэр ииримтийии, чума, парвовирус, коронавирус, лептоспироз, аденовирус
ыарыыларын утары вакцина туруорабыт. Олохтоох дьаһалталары кытта ситимнээх үлэ барар.

РФ ИДьМ Ньурба оройуонунааҕы отделын ыстаабын салайааччыта, ыстаарсай лейтенант Никифор НИКОЛАЕВ:
— 2023 с. ыкка ытыртарбыт дьонтон 26 сайабылыанньа киирэн регистрацияламмыта, итинтэн 16-та сокуоннай
саастарын ситэ илик оҕолор. Бу түбэлтэлэргэ холуобунай дьыала көбүтүллүбэтэ.
2024 с. киирэн баран дьиэ кыылын иитии быраабылатын кэһэн 10 киһи Ньурбатааҕы ветеринария
управлениетыгар СӨ КоАП ч.1 ыст.5.4 быһаарыы ылыналларыгар матырыйаал хомуйан ыыттыбыт. Ньурбаҕа – 5,
Чуукаарга – 2, Антоновкаҕа – 1, Маалыкайга – 1, Үөдэйгэ – 1. 14 киһиэхэ сэрэтии бэрилиннэ.

Уйгулаана ЕГОРОВА, төрөппүт:
— 3 кылааска үөрэнэр оҕолоохпут. Ыттан наһаа куттанар, кини эрэ буолуо дуо, бэйэбит даҕаны куттанабыт. Ол
иһин соҕотохтуу хаһан даҕаны оскуолатыгар, куруһуогар ыыппаппыт. Кэргэммин кытта үлэбититтэн көҥүллэтэн,
солбуһан таһабыт. Өссө уһуйааҥҥа сырыттаҕына ыалларбыт ыттара тиэргэнигэр бирээнньик тута сырыттаҕына
кэлэн былдьаабыт этэ. Ол кэнниттэн оҕобут «сүрэх бааһа» буолбут. Баҕар, ыкка үөрэннэҕинэ куттанара арыый
ааһара дуу диэн, ыт оҕотун ылан ииппиппит даҕаны, арыый улааппытын кэннэ чугаһаабат. Ыппытын вольерга
хаайан олоробут, пааспардаах, вакциналаах. Ветеринарнай ирдэбиллэри барытын тутуһабыт. Туох эмэ
региональнай таһымҥа сокуон ылыллан куттала суох эйгэ үөскүөн баҕарабыт.

Николай ТИМОФЕЕВ, Ньурба к. олохтооҕо, биэнсийэлээх:
— Урукку да кэмнэргэ син ыттанан кэллэхпит. Куорат киинигэр ыт киһини сиир үйэтигэр тиийиэм дии санаабат
этим. Ыт – киһи доҕоро. Доҕорго доҕордуу сыһыан баар буолуохтаах. Көрүлээн иитэр, төрөтөр отой табыллыбат.
Дьэллик ыттары бэйэбит үөскэтэбит. Хас биирдии киһи эппиэтинэс ылыныахтаах. Бэйдиэ сылдьар ыттары тутан,
хаһаайына кэллэҕинэ ботуччу соҕус ыстараап төлөттөрөр киһи, баҕар, син туттунан баайыахтара этэ.
Билигин улууспутугар Олох-дьаһах эйгэтин тупсарыы сыллара биллэрилиннилэр. Онон туһааннаах үлэ күүскэ
ыытыллан, дьон куттаммакка уулуссаҕа сылдьар кэмэ олохтонуо диэн эрэнэбин.


Көрөрбүт курдук, кыһалҕа икки өрүттээх. Билигин хас биирдии киһи «Бурматов сокуона» диэни истибит,
билэр буолуохтаах. Онон салалта илиитэ бааллан хаалар. Дьэллик ыты ылан «утутар» кыаҕыҥ суох. Кинини
аһатан-сиэтэн, вакцина туруоран баран төттөрү ыытаҕын, онтон атын буоллаҕына — сокуон иннигэр кытаанахтык
эппиэттиигин. Билигин бу кыһалҕаҕа регионнар бэйэлэрэ быһаарыыны ылар кыахтаныахтара дииллэр, ол эрээри
бу биһиэхэ олоххо киирэ илик.

Тымныылар саҕана эрэдээксийэҕэ Комсомольскай уул. 105 No-дээх дьиэтигэр куоска оҕолорун акала
быраҕаллар, ким ханнык миэрэни ылыан сөбүй диэн суруктар киирбиттэрэ. Куоскалары даһайар
боломуочуйалаах уорган көстүбэтэҕэ.
Онон дьиэ кыылын иитии эппиэтинэһин хас биирдиибит ылыннаҕына, өйүнэн-санаатынан тиийдэҕинэ эрэ быһаарыллар кыахтаах курдук.
Лена Петрова