— Быйыл үүккэ былаан оройуон үрдүнэн 3748 тонна (36, 1%). Билигин, от ыйын 20 күнүнээҕи туругунан — 1565 тонна үүт туттарылынна, ааспыт сыллааҕар 100 тоннанан элбэх.
Күннээҕи оперативнай субуокканан көрдөххө, атын нэһилиэктэртэн үрдүк көрдөрүүлээхтэр Сүлэ нэһилиэгэ 523 тонна былааннааҕыттан (42 %), Дьаархан — 218 тонна (46%), Хорула — 427 тонна атын нэһилиэктэртэн үрдүк көрдөрүүлээхт эр, -диэн улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын департаменын соҕотуопкаҕа мененджерэ Алексей Петрович Осипов иһитиннэрдэ.
Билиҥҥитэ маҕаһыыннарга үрүҥ ас дэлэй:үүт, сүөгэй, арыы, иэдьэгэй, йогурт, суорат уо.д.а атыыга баар. Ааспыт сыллаахха сиир арыы оройуоҥҥа кэмчи этэ, быйыл хайдах буолуой диэн Алексей Петровичтан ыйытыыбар:»Маҕаһыыннарга киилэтэ 1000 кэриҥэ солкуобайга атыыга баар.Атырдьах ыйыттан атыыга барара намтаан барыа. Ол биричиинэтэ биллэр: арыы, чохоон оҥорорго хаһаанааһын, үүт туттарааччылары кытары аахсаарга хаһаанааһын барар.
Үүт туттарыытын былаана үрдүүрэ, үүт туттарааччы элбиирэ буоллар бородууксуйа элбиэ этэ», — диэн эппиэт биэрдэ. Күһүн нэһилиэнньэттэн хортуоппуй, оҕуруот аһын туттарыан баҕалаахтар Тыа хаһаайыстыбатын департаменыгар 2-30-90 эрийэн билсиэххитин сөп, -диэн түмүктээтэ Алексей Петрович.