Үүнэр көлүөнэни кэрэҕэ кынаттыыр

✨✨✨Ыам ыйын 31 күнүгэр Түмүк нэһилиэгэр  «Дөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо норуодунай ансаамбылын сыллааҕы үлэтин отчуоттуур кэнсиэрэ буолла.

Хас сылын аайы үөрэх түмүктэниитэ ансаамбыл салайааччыта, «Ньурба улууһа социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, СӨ култууратын туйгуна, саха литературатын уонна төрүт култууратын учуутала Саргылана Петровна Фёдорова оҕолору түмэн төрөөбүт нэһилиэктэригэр кэнсиэр туруораллар.

Кэнсиэр «Дөҥкүүдэ кыталыктара» Казань куоракка «Татарстан -2024» фольклориадаҕа кытта барыахтарын иннинэ СӨ норуот эмчиттэрин Ассоциациятын, «Аар Айыы» итэҕэлин алгысчыта, норуот эмчитэ Алиса Михайловна Иннокентьева ансаамбыл оҕолоругар, салайааччыларыгар ситиһиилэри баҕаран туран, алгыһынан саҕаланна.

🎶🎵Быйыл фольклорнай ансаамбыл тэриллибитэ 42 сылын бэлиэтиир. Уруккуну ахтан ааһар буоллахха, 1982 сыллаахха «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо норуодунай фольклорнай ансаамбылы төрүттээбит киһинэн РСФСР уонна ССРС үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ Президенин фондатын стипендиата, Таркаайы, Түмүк нэһилиэктэрин, Ньурба оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката Екатерина Николаевна буолар. Ансаамбыл аан маҥнай норуодунай ааты сүгэн, Москуба куоракка Наталья Сац аатынан оҕо государственнай академическай тыйаатырыгар «Оҕо, үөрэҕирии, искусство учууталлар Бүтүн Арассыыйатааҕы семинарга «Дьээ-буо» кылыһахтаах ырыаны дьиэрэппит, «Ньургун Боотур» олоҥхону туруорбуттар. Чехияҕа, Египеккэ ситиһиилээхтик кытталлар. Саргылана Петровна Федорова Екатерина Николаевнаҕа дьарыктаммыт, уһуйуллубут, ансаамбылы бастакынан бүтэрбит. «Удьуорбутун утумнаан» оройуоннааҕы фольклорнай күрэх Гран-при хаһаайката, С.А. Зверев 125 сылыгар анаан «Тоҕус оһуордаах түһүлгэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын күрэҕэр, «Саха ыллыыр ырыата» норуот ырыатын күрэҕэр — 3, Үрдэл оһуокай күрэҕэр «Кэскиллээх этээччи» анал аат хаһаайката, ансаамбыл выпускницата Анжелина Жданова, «Удьуорбутун утумнаан, үгэспитин үйэтитэн фольклорнай фестиваль, «Ытык Чыыбыстаан» фольклорнай күрэх Кылаан Чыпчаал кыайыылааҕа, ансаамбыл выпускницата Виолетта Иванова толоруулара көрөөччү биһирэбилин ылла. Оҕолор кырыымпаҕа сахалыы матыыптары дьүһүйдүлэр, чабырҕахтары толордулар, хомуска сахалыы матыыптары таһааран оонньоотулар, ылбаҕай ырыа, норуот ырыатыгар попурри, үгэ толорон көрөөччү махталын ыллылар.

 

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ улуустааҕы Култуура управлениетын салайааччыта Розалия Михайловна Тихонова ансаамбыл оҕолоругар, салайааччы Саргылана Петровнаҕа махтанан туран, биир дойдулаахпыт Саргылана Романовна Фёдорова «Большая раскраска в Нюрбе» кинигэтин, улуустааҕы үөрэҕирии салаатын салайааччытын солбуйааччыта Елена Мартыновна Котоконова Иванова Виолеттаҕа «Ньурба эрэлэ» бэлиэни, ансаамбыл салайааччыта Саргылана Петровна Фёдорова ансаамбыл оҕолоругар Ньурба куораттан спонсордар ИП Фёдорова А.А., Маяровская Л.Е. ааттарыттан минньигэс бэлэхтэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттартаата. Ансаамбыл оҕолоро бэлэхтэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Оҕолор төрөппүттэрэ  көх-нэм, өйөбүл буолаллара тута көстөр. Салайааччыларыгар анаан истиҥ тыллары анаатылар. Тэрээһин Виолетта Иванова көҕүлээһининэн оһуокайынан түмүктэннэ.

«Дьөҥкүүдэ кыталыктара» норуодунай фольклорнай ансаамбыл салайааччыта Саргылана Фёдорова: — Ансаамбылы уонча сыл салайан кэллим. Сылын аайы ыам ыйыгар дьоммутугар-сэргэбитигэр отчуоттуур кэнсиэр оҥоробут. Биһиэхэ араас саастаах оҕолор дьарыктаналлар, быйыл 5 саҥа оҕолор киирдилэр. Бэс ыйын 17 күнүгэр Казань куоракка «Татарстан -2024» фольклориадаҕа кытта барыахпыт. Онон күүстээх бэлэмнэнии үлэ бара турар.

Татьяна Маркова Нарыйаана-Куо: — Мин 1995 сыллаахха Екатерина Николаевна салайар ансаамбылыгар дьарыктана киирбитим. Ньурба, Санкт-Петербург, Москва куораттарынан элбэхтэ сылдьыбыппыт. Екатерина Николаевна биһиэхэ фольклор бары көрүҥэр үөрэтэн-такайан иҥэрбитигэр махталбын тиэрдэбин. Кэлин ырыаһыт быһыытынан биллиибэр кини өҥөтө баар дии саныыбын. Кэнсиэри көрөн астынным, дуоһуйдум. Салайааччы Саргылана Петровна билиҥҥи кэмҥэ оҕолору сахалыы тыыҥҥа, тылга-өскө дьарыктыырыгар махталбын биллэрэбин, -диэн махталын биллэрдэ.

«Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо норуодунай фольклорнай ансаамбыла үүнэр көлүөнэни кэрэҕэ кынаттыыр, үтүөҕэ сирдиир. Оҕо омук быһыытынан сайдарыгар сүҥкэн оруоллаах.

Антонина Семенова

Читайте дальше