Актуальнай тиэмэ
Бөҕү-саҕы дьаһайыы олохтоох салайыныы уорганнарын үлэтин биир сүрүн хайысхата буоларын билэбит. Хас да сыллаахха ыраах Мирнэйгэ баар ОДьКХ тэрилтэтэ Ньурбаҕа региональнай оператор буолан, харчытын эрэ хомуйар, миэстэтигэр үлэтин ыыппат кэмэ баар буола сылдьыбыттаах. Ол сахха Ньурбаҕа бөҕү-саҕы хомуйан дьаһайыы кыайтарбакка, балаһыанньа хайдах курдук олус кытаата сылдьыбытын эмиэ өйдүүбүт. Кэлин Кировтааҕы чох разреһа региональнай оператор буолуоҕуттан, балаһыанньа лаппа тубуста. Ньурба куораттан уонна Антоновкаттан бөх-сах кэмигэр тиэллэр буолла.
Ол эрээри манна кыһалҕалар суох буолбатахтар, бааллар. Чуолаан төлөбүр өттүгэр. Октябрьскай нэһилиэк олохтоохторо кэм үчүгэйдик төлүүр буоллахтарына, Ньурба куоракка балаһыанньа атын. Бөҕү-саҕы дьаһайыы төлөбүрэ 56%-на эрэ хомуллар. Ол эбэтэр Ньурба к. нэһилиэнньэтин кыра аҥара төлөөбөт, ол иһигэр уһун кэм устата иэстээх дьон эмиэ баар . Итинтэн күһэллэн, Кировтааҕы чох разреһа иэстээх дьонтон суутунан ирдэһэргэ тиийэр. Дьэ, бу билигин иэстээх, финансовай дьиссипилиинэтэ мөлтөх дьон сиэбигэр күүскэ охсуон сөп буолла.
Бу сыл балаҕан ыйын 8 к. 259 №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа уларытыы киирэн, сорох госпошлиналарга сыана 10 төгүлгэ тиийэ үрдээтэ. Холобура, маннык түгэни ырытан көрүөҕүҥ. Ким эрэ бөх таһыытыгар 3000 солк. иэстээх. Кировтааҕы чох разреһа иэһин ирдэһэн, мировой суукка дьыала киллэрэр, онно 2000 солк. суумалаах госпошлинаны бэйэтиттэн төлүүр. Биллэн турар, суукка иэстээх киһи син-биир кыайтарара биллэр, онно 3000 солк. иэһин таһынан 2000 солк. суумалаах госпошлинаны эмиэ толуйар. Онон ороскуота ботуччу буолан тахсар – 5000 солк.
Ол иһин Кировтааҕы чох разреһын салалтата Ньурба куорат олохтоохторуттан бөх төлөбүрүн уһаппакка, суутунан ирдэһэргэ тиэрдибэккэ төлөһөллөрүгэр көрдөһөр.
Аны өссө биир суолталаах түгэн – федеральнай сокуон ирдэбилинэн 2026 с. бары нэһилиэктэргэ көҥүлэ суох сыбаалкалар суох буолуохтаахтар. Улуус нэһилиэктэригэр бөҕү-саҕы дьаһайар региональнай оператор быһыытынан Кировтааҕы чох разреһа киирэн иһиэхтээх. Дьиҥинэн, Октябрьскай нэһилиэк эрэ буолбакка, атын даҕаны нэһилиэктэргэ маннык үлэ сыыйа баран иһиэхтээҕэ былааннаммыта даҕаны, нэһилиэктэр манна сыһыаннара көҺүүн. Онон кэм-кэрдии даҕаны, сокуон даҕаны ирдэбилинэн маннык дьаһаныыга син-биир тиийиэхтээхпит. Ньурба таһынааҕы нэһилиэктэртэн бөх-сах кииннэммит сыбаалкаҕа таһыллыахтаах. Оттон ыраах нэһилиэктэргэ, холобура, Маалыкай өттүгэр сыбаалка хаалыахтаах, ыраах нэһилиэктэртэн бөҕү сыбаалкаҕа киллэрии экэнэмиичэскэй өттүнэн көдьүүһэ суоҕа өйдөнөр.