Бурдук хомуура түмүктэнэн эрэр

«Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата» тэрилтэ дириэктэрэ Александр Илистяров иһитиннэрэринэн, алтынньы 9 к. сарсыардааҥҥы туругунан 180 туонна эбиэс бурдук куулланна.

Баскыһыанньаҕа АГАТУ устудьуоннара быраактыкаларын дуогабара бүтэн, Дьокуускайга үөрэхтэригэр төнүннүлэр. Инньэ гынан бүгүн 4 актыбыыс бэтэрээн: Роева Раиса Петровна, Петрова Розалия Дмитреевна, Захарова Татьяна Алексеевна уонна Степанов Валерий Гаврильевич кэлэн бурдугу кууллаан көмөлөһө сылдьаллар.

«Билигин даҕаны бааһынаҕа 30 гааҕа бурдук хомуллара хаалан сытар, ону ылыахпытын наада, — диир Александр Илистяров. — Бурдукпутун сороҕун сүөһү-сылгы тэпсэн кэбистэ, ону хайыахпытый. Үлэһиттэри наймылаһан бааһына күрүөтүн өрөмүөннэтэ-оҥорторо сылдьабын. Комбайнердар уонна таһар тырахтарыыспыт үлэлии сылдьаллар. 3 күнүнэн бурдукпут хомуурун бүтэрэргэ былаанныыбыт. Былааннаах 250 т хомуллуоҕа дии саныыбын. Мин ити үөһэ куулламмытын эрэ эттим. Билигин 4 аҥар тыһыынча кууллаахпыт, ону таһаардахха төһө буолара көстөн кэлиэ. Бурдукпут аҥарын нэһилиэнньэҕэ атыылыахпыт. Уотурба оҥорор собуот кэлиэхтээх, ол кэллэҕинэ бурдукпут аҥарынан уотурба оҥорон удамыр сыанаҕа атыыга тахсыаҕа».

Геннадий АНТОНОВ.