Дойдубут аһа СВО-ҕа барыаҕа

СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар араас кээмэйдээх көмөнү ким туох кыахтааҕынан оҥороллор.

Бэҕэһээ киэһэ Дьаархан нэһилиэгин баһылыга Святослав Конощук, «Мохсоҕол» бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Родион Александров, ОДьКХ суоппара Павел Васильев, Дьаархан нэһилиэгин көхтөөх олохтоохторо эбэҕэ киирэн алыһардаатылар.

Барыта 30 л фляганы толору бултуйдулар. Салгыы маны өр харалларын курдук ыраастаан, ыыһаан баран вакуумнаан бэлэмниэхтэрэ. Атырдьах ыйыгар СВО-ҕа барыаҕа.

Байыаннай сулууспалаахтар төрөөбүт дойдубут аһа туохтааҕар да күндү, минньигэс буолар диэн бэлиэтииллэр.

Лена Петрова