Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө улуустааҕы фондатыгар Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбытыттан эмиэ төһө кыалларынан көмө бара турар. Манна Дьокуускайга баар Ньурба улууһун нэһилиэктэрин түмсүүлэрэ оруоллара улахан.
Ити туһунан Дьокуускайга Ньурба улууһун бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһитэ Жанна Игнатьева иһитиннэрдэ: «Ол курдук, Октябрьскай нэһилиэгиттэн төрүттээх дьон уопсастыбаннай түмсүүлэрэ — 10000 солк, «Дьиикимдэ» түмсүү — 20500 солк, «Хаты» — 41000 солк, «Хорула» — 5000 солк, «Бордоҥ» — 15500 солк, «Маар» — 28000 солк, «Таркаайы» — 9000 солк, «Ньурба куорат» — 15050 солк, «Акана» — 12000 солк, «Дьаархан» 3500 — солк, «Чуукаар» — 4500 солк, «Чаппанда» — 20500 солк, «Өҥөлдьө» — 3800 солк, «Хаҥалас» — 10000 солк, «Малдьаҕар» түмсүү — 10000 солк, ону кытта урбаанньыт Герман Серафимович Титов — 200000 солк. киллэрдилэр.
Сэтинньи 15 к. 369400 солк. хомуллан Ньурба к. баһылыга Геннадий Игнатьевка араспыысканнан туттарбыппыт. Кини уонна Хорула, Түмүк нэһилиэктэрин баһылыктара бу күннэргэ улууспут баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьевы кытта СВО зонатыгар айаннаары бэлэмнэнэллэр. Сэтинньи 21 к. мобильнай баанынан Геннадий Игнатьевка эбии киирбит 39000 солк. ыыттыбыт. Барыта холбоон 408400 солк. хомуллан дойдубут көмүскэлигэр Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбыт обогреватель, генератор, рация, тепловизор, ичигэс таҥас, эрэһиинэ саппыкы уо.д.а. мал наадатын туһунан сайаапкалыылларын учуоттаан, салайааччыларбыт кинилэргэ дойдуларыттан посылкалары уонна наадалаах малы-салы ылан тиэрдиэхтэрэ. Биһиги инники кирбиигэ сылдьар байыастарбытын кытта өйбүт-санаабыт биир, буойуттарга барыта этэҥҥэ буолалларыгар, кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар, дьонноругар эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт».
Геннадий Антонов