Балаҕан ыйын 12 к. К.Д.Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр «Мин төрүччүм» маҥнайгы генеалогическай чинчийиилэр куонкурустара ыытылынна. Улууспут тэриллибитэ 200 сылыгар аналлаах бу тэрээһини улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн улуустааҕы архыып уонна түмэл тэрийдилэр. Куонкурус сүрүн сыалынан төрөөбүт төрүт түөлбэбит, дойдубут историятын үөрэтиигэ интэриэһи көҕүлээһин уонна улуус историческай-култуурунай нэһилиэстибэтигэр кытталларыгар көмөлөһүү буолар.
Куонкуруска улууспут олохтоохторун уонна Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбытытыттан 14 үлэ киирбит. Саамай элбэх үлэ «Бэчээтинэй бородуксуйа» категорияҕа кытынна, сорохтор төрүччүлэрин, нэһилиэктэрин историятын үөрэтэн-чинчийэн бэртээхэй кинигэ гынан таһаартарбыттар. Ол иһигэр киһи «сык» гына түһэр, толору сиппит-хоппут научнай хабааннаах кэрэхсэбиллээх үлэлэр эмиэ бааллар. Омос көрүүгэ төһө даҕаны кыттааччы элбэҕэ суоҕун иһин, дьон төрүччүлэрин, дьиэ кэргэнин, аҕа ууһун, нэһилиэгин историятын улаханнык интэриэһиргиир буолбута куонкуруска начаалынай кылаас оҕотуттан саҕалаан 80-нарын ааспыт аҕам саастаах дьон кыттыбыта туоһулуур. Дьокуускайга баар биир дойдулаахтарбыт үлэлэрин аймахтара кэлэн көмүскээтилэр, куйаар ситиминэн эмиэ билиһиннэрдилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ түмэл дириэктэрэ Борис Борисов, архыып сэбиэдиссэйэ Лилия Додохова, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрин солбуйааччыта Елена Саввинова уонна Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаева киирэн үлэлээтилэр.
Уопсай түмүк маннык буолла: «Бэчээтинэй бородууксуйа» категорияҕа 1 миэстэ — Пахомова Нюргустана Николаевна «Дабыыдаптар. Төрүччү кинигэ», 2 – суруйааччы Александров Александр Петрович-Сахса Тар, 3 — Захарова Марина Дмитриевна.
«Мультимедийнай презентация» категорияҕа 1 миэстэ – Күндээдэтээҕи Комсомол Албан аатын түмэлин методиһа Филиппова Елена Николаевна «Токостон төрүттээхпин», 2 – Үөдэй оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ Максим Крылов, 3 – Дьокуускайтан Лиана уонна Жанна Герасимовалар.
«Графическай үлэ» категорияҕа 1 миэстэ — Николаева Надина Семеновна, «Семейное древо» уруһуй.
«Бастыҥ чинчийэр үлэ» номинация — Аман Дьаҥсай Леонидович (Үөдэй төрүччүтүн туһунан), «Үгэстэри харыстааччы» номинация — Петрова Светлана Гаврильевна («Чуукаар нэһилиэгин Дьабыдах аҕатын ууһа» үлэ).
Кыайыылаахтарга уонна анал ааттар хаһаайыттарыгар улуус баһылыгын солбуйааччыта Наталия Петрова дипломнары уонна спонсордартан сыаналаах бириистэр сэртипикээттэрин туттарда.
Ньурба 1 №-дээх орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит кылааһынныгым, өр сылларга СӨ баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыларга миниистир солбуйааччытынан, бастакы солбуйааччытынан үлэлээбит Нюргустана Пахомоваттан куонкурус кэнниттэн куйаар ситиминэн санаатын үллэстэригэр көрдөстүм:
«Дабыыдаптар. Төрүччү кинигэ» үлэни үрдүк үөрэхтээх историк-архивист Александр Винокуровтыын биһиги 3 сылы быһа оҥорбуппут, — диир Нюргустана Николаевна. — Александр олох дьаныһан туран төрүттэрбит хантан кэлбиттэрин наука ирдэбилинэн быһааран биэрбитэ, онон киниэхэ улахан махтал.
Дьон аймах хаһан баҕарар кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билиэн баҕарар. Биһиги даҕаны туох дьонноох эбиппитин билиэхпитин баҕарарбыт. Ол эрээри сэбиэскэй кэмҥэ итини ким да соччо ырытыан баҕарбата, биһиги дьоммут даҕаны тугу да улаханнык кэпсээбэттэрэ. Биир эмэ тыл этиллэрэ, ону да үксүн ийэбит кэпсиирэ. Аҕабыт дьонун туһунан олох тугу да саҥарбата, бука, тулаайах оҕо сааһын саныыра киниэхэ саҥа оспут бааһы хаҕылыыр курдук буолуо. Ол да буоллар, аҕабыт Чуукаартан, ийэбит Саалтаныттан төрүттээхтэрин билэрбит. Дьыл-хонук ааһан истэҕин уонна төрүччүну үөрэтээччилэр көстөн-элбээн истэхтэрин аайы, биһиги ыал төрүппүтүн-ууспутун билэр баҕабыт эмиэ күүһүрэн, анал үөрэхтээх Винокуров Александр Данилович көмөтүнэн 3 сыллаах сыралаах үлэ түмүгэр Дабыдаптар төрүччүлэрин туһунан кинигэ оҥорон таһаарбыппыт. Быйыл саас муус устар 24 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин историческай саалатыгар кинигэни сүрэхтээн библиотека фондатыгар туттарбыппыт.
Өбүгэлэрбит этэллэринэн, хас биирдии киһи сэттэ көлүөнэ билиитин, санаатын илдьэ сылдьар. Өбүгэ ситимэ — туохха да тэҥнэспэт күүс, көстүбэт, көрөн да билбэт дьоммут билиитэ-көрүүтэ, харысхала. Онон биһиги кэлэр көлүөнэлэрбитигэр төрүттэрин билэллэрин баҕарабыт. Силистээх, тирэхтээх дьон буоллуннар диэн.
Марха (Ньурба) улууһа 200 сылыгар ананар төрүччү куонкуруһа тэриллибитин сэргээн, кыттарга быһаарыммыппыт. Дьон маннык төрүччүлэрин оҥорон истэхтэринэ, биһиги улууспут историята эмиэ дириҥээн, сайдан иһиэ диэн санаалаахпын. Түгэнинэн туһанан, куонкурус дьүүллүүр сүбэтигэр үлэбин үрдүктүк сыаналаабыттарыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин».
Геннадий АНТОНОВ