Этнографическай олимпиада тула дьиэ кэргэнинэн түмсүү

Билиҥҥи үйэҕэ араас идеялары олоххо киллэрэргэ проект суруйан граҥҥа кыттар ньыма киэҥник тарҕанар. Ньурбаҕа эмиэ көхтөөх дьон ситиһиилэрэ үгүс. Мэҥэдьэк нэһилиэгин уонна Октябрьскай нэһилиэкпит библиотекаларын улуус баһылыгын гранын сүүйбут проектара ыытыллан түмүк этап буолара чугаһаата. Матрена Габышева, Людмила Ефремова, Раиса Сухаринова дойдуга Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас сылларыгар, Ньурба (Марха) улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар анаан улууска бастакытын ыытыллар дьиэ кэргэн интеллектуальнай этнографическай олимпиадатын тэрийдилэр. Манна сиэр-туом, улуус историятын, саха литературатын билиигэ күөн көрүстүлэр. Бу проект улуустааҕы библиотека ситимин түмсүүлээх үлэтин көрдөрөр. Бастаан нэһилиэктэргэ олохтоох библиотекалар олимпиада бастакы этабын ыыталлар, онтон кыайыылаахтар ахсынньыга улуус таһымнаах күрэххэ бастыыр иһин киирсиэхтэрэ. Сүрүн бириис – миэбэл маҕаһыыныгар 70 тыһ. солк.суумалаах сэртипикээт.

Антоновкаҕа нэһилиэк иһинээҕи этап сэтинньи 13 күнүгэр балаҕаҥҥа буолла. Библиотека тэрээһинигэр «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтэ күүс-көмө буолла. Баһылык солбуйааччыта Александра Иванова бары кыттааччыларга махтанна. Проект ирдэбилинэн дьиэ кэргэнтэн үс көлүөнэ кыттыахтаах. Барыта биэс дьиэ кэргэн күрэхтэстэ: Мария Ивановна, Василий, Георгий Афанасьевтар; Светлана Васильевна Константинова, Сандра, Аурелия Гаиналар; Матрена Егоровна Михайлова, Мария, Зоя Софроновтар; Елена Октябриновна, Оксана, Арианна Ивановтар; Мирослава Николаевна Иванова, Күннэй, Семира Николаевтар. Ордук эбээлэр, ийэлэр, кыргыттар көхтөөхтөр. Ол эрэн Афанасьевтартан ыал аҕата уолунаан кыттан эр дьон да маннык курдук сынньалаҥы сэҥээрэллэрин көрдөрдүлэр.

Түөрт түһүмэх түмүгүнэн хамаанда барыта икки ардылара биирдии балл буолан тахсыбыта сөхтөрдө. Кыайыаалааҕынан Николаевтар ааттанан улууска кыттар чиэскэ тигистилэр, ыҥырыы сурук туттулар. Кыттааччыларга олохтоох дьаһалта, пожарнай чаас, оскуола, «Ромашка» уһуйаан, клуб тэрилтэлэрин чиэһин көмүскээбит үлэһиттэригэр бэлэхтэри туттаран үөртүлэр. Ити курдук сэргэх тэрээһиннэр күннээҕи олоҕу киэргэтэллэр, сайыннараллар, дьиэ кэргэни түмэллэр.

Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатын пресс-киинэ.