Былыр саадьаҕай оҕуска сайгыччы соҕус айаннаан иһэн үчүгэйи биттэнэн, үтүөнү ыҥыран ыллаан-туойан ылбыппыт ааспыт кэм ааспат амтана буолан сүрэхпит чопчутугар иҥэн сылдьара олус да минньигэс!
Оттон күн бүгүн балысхан сайдыы ахсым ат айана холобурдаах айаныгар биһиги, сахалар иннибит диэки дьулуһан тэтиммит өссө түргэтиир, кыахпыт өссө улаатар. Улуу киһибит, өркөн өйдөөх Өксөкүүлээх эппитинии саха сатаабатаҕа диэнэ суоҕунан айар-тутар дьоҕурбутунан сири-сибиири тилийэ дорҕоонноохтук ааттанар буоллубут. Аныгы кэм-кэрдии эргиирэ өссө туох сөҕүмэр ситиһиилэри көрдөрөн иһиэҕин хайдах да вангуйдаан (Ванга — көрбүөччү) ыраас хаарга ууран биэрэртэн туттунуохха.
Аҕам саастаахтары кырдьыы хаһыҥа хаарыйарынан сайдыы эгэлгэ дьиктилэриттэн сороҕор тииһиэхпит, онтон кэнчээри ыччаттарбыт олору бэйэлэрэ айыахтара, норуокка туһалыахтара. Дьэ онон иннибит өссө сырдык, кэскилбит өссө кэрэкэ.
Олохпут сайдыытын акылаата былыргыттан быйылгыга диэри үөрэх буоларын билэбит, сыыйа үөрэхтээһиҥҥэ, идэлэри талыыга көһүөххэ.
Нооһой олох сорох эриэнин ылымматаҕа
Сыта-олоро толкуйдаатахпына мин дьоннуун алтыһыыбар үксүн үчүгэйтэн үчүгэй дьоннор баһыйаллар эбит, ол Таҥара бэлэҕэ диэххэ дуу, киниэхэ махтал буоллун.
Ол курдук хаһыатчыт идэлээх буоламмын СӨ бочуоттаах олохтооҕо, академик, профессор, тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын союһун чилиэнэ Афанасий Васильевич Чугуновтыын билсиспитим, кэлин онтум истиҥ-иһирэх сыһыаҥҥа кубулуйбута. Биирдэ кини дойдуга үрдүк үөрэххэ Болонскай систиэмэ киирбитин ончу ылымматын муос-таас эппиттээх. Учуонай 4 сыл үөрэнэн (бакалавриат) идэ баһыламмат, үлэ-хамнас даҕаны оннук буолар диэбиттээх.
Дойду салалтата ону өйдөөтө: урукку үөрэх систиэмэтигэр (сэбиэскэйгэ) толору көспөтөр даҕаны хамсааһын-уларыйыы бэлиэтэннэ.
Иккиһинэн. Орто анал үөрэхтээһиҥҥэ ураты болҕомто ууруллан эрэриттэн олус астынара. Кырдыьга, билигин XI кылааһы бүтэрбиттэр даҕаны колледжтарга халҕалаһыы анньан бардылар. Ити гынан баран ол выпускниктар производство ырыынагын төһө-хачча толороллоро мониториҥҥа сылдьыахтарын кини этириэс тоһоҕолообута. Кистэммэт, сорох оҕолорго ВУЗ-ка киириэхтээҕэр колледжка кэбэҕэс диэн сыысахалаах мотивация баар.
Үсүһүнэн. Дьоһун киһи эдэр-сэнэх эрдэҕинэ аан дойду араас сирдэринэн сылдьыбатаҕыттан олус хомойорун тыл быктарбыта, үлэтинэн эрэ олордоҕо. Атын дойдуларынан сырыттахха харах киэҥник аһыллан билии-көрүү өссө дириҥиэхтээҕэ, элбэх киһилиин билсиһии өйүн-санаатын байытара, онтон эбиллэн дьоҥҥо өссө туһалыахтааҕым хаалла диэбиттээх. Оччолорго итини муодаргыы истибитим: өлүүкэ санаабар «где родился — там пригодился» өс хоһоонун сокуон курдук ылыннаҕым. Онтум баара Афанасий Чугунов-Нооһой (оҕо эрдэҕинэ таптал аата, суруйаччы псевдонима) аныгы кэм арҕаһыттан көрдөххө киэҥ сир аартыктарынан айаннаатахха киһи интеллектуальнай-духуобунай сайдыыта сириэдийэр, оҥорор көдьүүһэ өссө баараҕадыйар эбит. Билиҥҥи өйдөбүлүнэн, саҥа тиэрмининэн бу көстүү нетворкинг дэнэр, кини ону куоһаран өтө көрдөҕө, сыыһыа баара дуо. Салгыы нетворкиҥҥа тийиэххэ.
Томскай сөптөөх туһаайыыта
Биир дойдулаахпыт, сахаттан ураты киэҥ көрүүлэрдээх бизнесмен Арсен Томскай бүтүн аан дойдуга биллэр диэтэххэ сыыһыллыбат, кини Индрайвера дьон бөҕөнү абыраабыта. Маны таһынан кини араас бырайыактара тута олоххо киирэн үбү-харчыны тардаллар. Оттон Сахатын дьонугар угар капитала кэми-кэрдиини куоһараллар, ордук үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, искуствоҕа, айти хайысхаҕа о.д.а. Быйыл кини Стартим бырагырааматынан (Star Team) аан дойду бастыҥ судаарыстыбаннай университетыгар Берклигэ (АХШ) биһигиттэн 11 оҕо үөрэнэ киирдэ. Кинилэри икки сыл устата топ-университет араас салааларынан Томскай хамаандата бэлэмнээбитэ. Устудьуоннар баай дьоммут оҕолоро буолбатахтар, боростуой дьиэ кэргэттэр ыччаттара. Кинилэр үөрэхтэрин төлөбүрүн — сылга 75 мөл. солк. бырагыраама уйунар.
Санаттахха, Арсен Томскай туох баар үбүн-харчытын бырагыраамаларыгар, бырайыактарыгар угар: дыбарыастара, яхталара о.д.а. сытыйа байыы атрибуттара суохтар. Кини олоҕун уобараһа улуу Пушкин «Роскошь для бедных, это с непривычки и то на мгновенье» диэбитигэр сөп түбэһэр. Томскай инвестицията сыччах инники кэскилгэ аналлаах, оттон хаһыытыыр харчы, үөгүлүүр үп — бүгүн баар, сарсын суох. Ити да үрдүнэн биллэр бизнесмеҥҥэ сыһыан араас. Холобур, сорох дьон Америкаҕа, Европаҕа, Кытайга о.д.а. сирдэргэ үөрэммиттэр анараа хаалаллар, туһалаабыттара көстүбэт эҥин диэн. Кырдьык, оннук баар буолуон сөп, мэлдьэһиллибэт.
Ити да үрдүнэн бэйэбит олохпут сайдыытын таһымын, хаачыстыбатын, бодобутун өҥөйөн көрөрбүт наада этэ. Киин, омук сирдэригэр үөрэммиттэр биһиэхэ ардыгар үлэтэ суох хаалыахтарын сөп, кэккэ биричиинэлэринэн. Холобур, ханнык эрэ салаабыт, эйгэбит үрдүк таһымҥа тахса илигиттэн. Эбэтэр, үлэ ырыынагар, дуоһунастарга ким оҕото, аймаҕа, доҕоро буоларыҥ, төһө сибээстээҕиҥ-билсиилээҕиҥ быһаарар оруоллааҕыттан. Балар көннөхтөрүнэ эрэ топ-исписэлиистэр биһиэхэ төннөн кэлиэхтэрэ, биллэр-көстөр туһаны оҥоруохтара. Тус бэйэм эрэнэбин: Стартим бырагыраама выпускниктара маҥнай ханна эрэ олорон үлэлээн баран Сахаларын сиригэр син биир кэлиэхтэрэ, норуокка туһалыахтара.
Арсен Томскай билигин Америкаттан Европаҕа көспүтэ, сүрүн хамаанда онно баарыттан. Таарыйа бэлиэтиэххэ: күн бүгүн Америка, Европа диэни тириибит таһынан истэр буоллубут, кинилэр ыытар сиэрэ суох куһаҕан политикаларыттан. Ол да буоллар, үөрэх туһа туспа, онон сымнаҕастык ылыныахха. Ааҕааччыларга Арсен Томскай «От Якутска до Кремниевой долины» диэн кинигэтин кытта билсиһэллэригэр сүбэлиэм этэ.
Идэлэргэ туһаайыы туруга
Олохпут бары эйгэтигэр үчүгэй уларыйыылары ааҕан да ситиллибэт — производствоҕа, өҥөлөрү оҥорууга о.д.а. Сыллата аан дойдуга киһи үөйбэтэх-ахтыбатах тыһыынча аҥаара саҥа идэлэр күөрэйэллэр, илии үлэтигэр компьютеризация күүскэ киирэр. Арассыыйаҕа сүрүннээн 450 идэ баар, баһыйар бырыһыана экономикаҕа. Дааннайдар биһиэхэ массабай идэлэри 7 эрэ бырыһыан дииллэр. Соторунан сорох боростуой идэлэр сүтүөхтрэ, чуолаан өҥөлөрү оҥорууга. Чугас эргини ыллахха, атыыһыттар, кассирдар, охранниктар о.д.а.
Дойдуга билигин саамай наадалаах идэлэр истэригэр айти исписэлиистэрэ, электронщиктар, быраастар, учууталлар, үрдүк квалификациялаах оробуочайдар киирсэллэр. Идэлэргэ туһаайыыга оскуола ураты болҕомтону ууруохтааҕа өйдөнөр. Салгынтан оҥорон эппэппин: таһынааҕы оскуолаларга сүрүннээн маассабай идэлэргэ эрэ туһаайаллар, үгэстийбиттэргэ. Сыыһа диэбэппин. Ол да буоллар саҥа кэм ирдэбиллэринэн салайтарар наада этэ, наадалаах сонун идэлэргэ, ити — бытаан.
«Мин летчик буолуом, мин баҕам туолуо…» —
диэн ырыаны сэбиэскэй саҕана ыллаабатах уол суоҕа буолуо. Бүгүн сир шарыгар 290 тыһ. пилот баар, онтон дьахтар пилоттар элбэхтэринэн Индия бастыыр. Пилот идэтэ ыарахан үлэлээх профессиялар истэригэр космонавтардыын, быраастардыын, баһаарынайдардыын, шахтердардыын тэҥҥэ киирсэр. Мантан тирэнэн салгын аалын муоһалааччылыын билиһиннэриэм.
Кини аата Терентьев Семен Семенович, 25-тээх, биир оҕолоох ыал дьоһун аҕата, Хатыҥ Сыһыытан төрүттээх «Полярные авиалинии» пилота.
Төрөппүттэрэ Семен, Наталья Терентьевтар нэһилиэк убаастыыр дьоно, 4 уол оҕолору куорсун анньан олох киэҥ аартыгар ситиһиилээх дьон оҥорбуттарынан холобурга сылдьаллар.
…Оччолорго Сеня научнай дакылаата өрөспүүбүлүкэҕэ биһирэнэн Москваҕа ыҥырыллар, «Боинынан» көтөр. Сэттискэ үөрэнэр уолчаан «Боинг» аалы саҥа көрөн соһуйуу бөҕөнү соһуйар. Хайдах эрэ чыҥха ураты дьон пилот буолаллара буолуо диэбитэ киһи киһи курдуктар эбит. Иллюминатор нөҥүө, кини санаатыгар, былыттар дьикти аптаах остуоруйаны кэпсииллэр, дэҥ эриэккэскэ көстөн ааһар сир дакылаатыҥ миэстэлэстин, бу күнтэн ыла кыырай халлаанынан көтөрү ымыы санаа оҥоһун уонна онтуҥ томточчу туоллун диэн алҕыыр.
Таайбыт таайыы, сэрэйбит сэрэй — Сеня уол III миэстэҕэ тиксэн кыайыы көтөлүн билэр, аны туран ити дьоллоох рейситэн пилот буолар толкуй торолуйа ситэр. «Отон этим — оҕо этим» диэбиттии уолчаан кыбыста майгытыйан онтун бэйэтин иһигэр иитийэхтиир. Оскуолаҕа бүтэһик чуораан лыҥкыныыр, Сеня докумуонун Ульяновскайдааҕы гражданскай авиация институтугар биэрэр, олимпиадник уолга эн киирэриҥ 100 бырыһыан чуолкай диэн этэллэр. ВЛЭК (врачебная летная экспертная комиссия) бара оҕус дииллэр. Хамыыһыйаны ааһарыгар, оҕо аата оҕо, кыранан хойутуур, инньэ гынан ити институт хаалар.
Эдэр киһи санаарҕаан даҕаны төһөнү санаарҕыай, «видимо не судьба» эбит диир уонна кыһыытыттан институт водного транспорта докумуонун илдьэр. Онно кини салгын уонна уу стихиялара иккиэн аптаахатар-алыптаахтар, майгыннаһар өрүттээхтэр диэн өйдөбүлүнэн салайтарар. Ити да буоллар, арыый сыыстым дуу дии саныыр, дууһатыгар салгын суудуналара, аэропортар дириҥник иҥмиттэриттэн. Иккис докумуонун өһөс хаанын киллэрэн Дьокуускайдааҕы гражданскай авиация техническэй училищетыгар илдьэр, эрдэттэн ВЛЭК ааһар. Аны туран уу транспорын института үөрэххэ киирдиҥ, кэлэ оҕус диэн ыҥырыы ыытар.Уол саарбахтыы сырыттаҕына үчүгэй үөрэхтээх, ВЛЭК ааспыт оҕону аны училище үөрэххэ киирбитин биллэрэр. Ол кэмнэргэ үөрбүтүн Сеня билиҥҥэ диэри туох да иһин умнубат, сыалы ситэргэ «невозможное возможно» диэн баарын итэҕэйэр.
Санаттахха, ити сылга 20 эрэ миэстэҕэ 80 абитура баара. Маҥнайгы кууруска бэркэ үөрэнэ сылдьан иэспин төлүөхтээхпин диэн армияҕа сулууспалыы барар, онто даҕаны туйгуннук ааһар. Дембель үөрэҕэр утаппыт киһилии түһүнэр, бастыҥ курсаннар ахсааннарыгар сылдьар. Петербурга, Набережные Челныга практикатын ситиһиилээхтик ааһар, дипломун бэркэ көмүскээн пилот буолар. Таарыйа эттэххэ, ити 3 сыл иһигэр 20 оҕоттон элбэх курсант сыыйыллар — ким идэтин сыыһа талан, ким үөрэҕэр мөлтөөн.
Билигин Семен «Полярные авиалинии» пилота, ити иннигэр кини Екатеринбурга Л-410 самолетунан көтөргө эбии үөрэммитэ. Ымыы санаатын олоххо киллэрбит эдэр киһи Л-410 самолетунан үксүн санзаданиелары толорор, онон син биир быраастар курдук элбэх киһи олоҕун быыһыырга кини сэмэй кылаата баар. Билэрбит курдук, ыарыһахха экстреннэй көмөнү оҥорорго пилот кылааһа, уопута, сатабыла маҥнайгы уочаракка турар.
Мин кинилиин бэрт уһуннук кэпсэттим, идэтин дьиҥ чахчы таптыыр, онно бэриниилээх уонна эппиэтинэстээх сэһэргэһээччим олохтоох тылыттан-өһүттэн улахан дуоһуйуу ыллым. Дьиҥэр бу сурукка элбэҕи кэпсиэхтээҕим даҕаны сахалыы сиэринэн сэрэнэн-сэрбэнэн аҕыйаҕы сурукка тистим.
Кытай муудараһа «Тыһыынча көс усталаах айан бастакы хардыыттан саҕаланар» диэбитигэр ол хардыы сөптөөхтүк оҥоһуллуохтааҕа быһаарар оруоллааҕын Семен Терентьев холобуруттан аахтыгыт. Эдэр, кэскиллээх пилокка өрүү ыраас халлааны, дьоллоох көтүүлэри бука бары баҕара хаалабыт.
Сэмсэ тыл
Хоту транспорт инфраструктурата ситэ сайда илигинэн «Полярка» пассажирдары, таһаҕаһы тиэйэргэ-таһарга оруола улахан, кини өрөспүүбүлүкэ 23 оройуонун хааччыйар. Салгын суудуналара III кылаастаахтар, 40 самолет уонна 27 вертолет халлаан урсунунан дайаллар уонна Уһук Илиҥҥэ өҥөнү оҥорууга саамай улахан уонна көдьүүстээх үлэлээх эксплуатант буолар. Кини сыллата пассажирдары, курууһу таһар сыыппараларын улаатыннарар, ороскуота-ночоото суох хампаанньанан сыаналанар.
Кэнники кэмҥэ «Ыччаты — авиацияҕа» диэн бырайыага эффективнэйин көрдөрдө. Ол курдук, Омскайдааҕы летнэй-техническэй колледжка өрөспүүбүлүкэттэн 44 курсант үөрэнэр, олортон 36-та вертолет пилоттара, атыттара — бортмеханиктар. Вертолетчиктар тоҕо элбэхтэрий? Хоруй: билигин кинилэр тиийбэттэр, кадр дефицита баар.
«Полярные авиалинии» үлэтин хайысхата кэҥиир. Холобур, быйылгыттан Авиалесоохранаҕа АН-24 «Атмосфера» диэн модификацияланан баһаары умуруорууга искусственнай ардахтары түһэриигэ үлэлэстэ. Кистэммэт, өрөспүүбүлүкэ салгын ааллара эргэрдилэр, омуктар киэннэринэн көтө сылдьыбыппыт ол дьоннор истэрин эриэнин көрдөрбүттэрэ. Билигин дойдуга самолеттары оҥоруу производствота саҥардыы сөргүтүлүннэ. Хамсааһын таҕыста, соторунан бэйэлээх бэйэбит самолеттарынан көтүөхпүт чуолкай.
Мархаттан билиҥҥитэ икки пилот баар, иккиэн «Поляркаҕа». Сөҕүөхпүт, үөрүөхпүт быатыгар биирбит кыыс, аата Иванова Марфа Михайловна диэн, Ан-24 көтөр. Сэдэх идэлээх хорсун санаалаах Марфа Иванова туһунан сонуну тарҕатар ситимнэр элбэхтик кэпсээбиттэрэ. Киниэхэ Семеҥҥа курдук ыраас халлааны, дьоллоох көтүүлэри баҕаран үтүө санаа утахтарын ыытабыт.
Чиҥэтэ таарыйа этэххэ, Марфа Михайловна курдук кыыс дьахтар пилоттар дойдубутугар аҕыйахтар, суруйалларынан 70-нар эрэ. Үөрэбит, кинилэр истэригэр биһиги саха омукпут бэрэстэбиитэлэ баарыттан.
Аны туран сонуннарга аахпыппыт, баай-талым олохтоох Араб Эмираттарыгар бортпроводник үлэтигэр киирэргэ саамай үрдүк стандартарга толору эппиэттэһэн саха кыыһа чиэстээхтик үлэлии сылдьар, эмиэ үөрэбит, үчүгэйи эрэ түстүүбүт. «Дальше — больше»! диэххэ. Биир оҕону билэбин, кини пилот буолар ыра санаата туолар чинчилээх, этэҥҥэ эрэ сырыттын.
Туомтуу тардыахха сурукпун-бичикпин. Олохпут уларыйта, үчүгэй күннэтэ үрүлүйэр, киһи кыаҕа муҥура суох, онон үөрэниэххэ, өссө үөрэниэххэ, сайдыылыын дьүөрэлии хааман чыпчааллары ылан иһиэххэ.
Афанасий Иванов.