Мин аан бастаан Алиса Михайловна Иннокентьеваны Ньурбаҕа Марха муостатын тутуутугар «Бүлүү» федеральнай суол управлениетын салайааччыта Николай Иванович Андреев кэлэ сырыттаҕына алгыс оҥорбут кэмиттэн алгысчыт быһыытынан билэбин. Бу сырыыга Аар-Айыы Улахан Алгысчыта, үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы ЮНЕСКО иһинэн норуоттар мэдиссиинэлэрин магистра Алиса Михайловна Иннокентьевалыын анаан болдьоһон көрсөн сиэр-туом тиэмэтигэр кэпсэтиибитин ааҕааччыга тиэрдэбин.
Алиса Михайловна 2000 сылтан улахан алгыстары ыытарын, көстүбэт эйгэни кытары үлэлэһэрин туһунан кэпсэтиитин саҕалаата.
— 2000 сылтан Владимир Алексеевич Кондаков Ассоциациятыгар киириэхпиттэн үрдүкү күүстэри, Аар Айыылары кытары алтыһан үлэлиибин. Сирдээҕи иччилэри кытары ситимнэһэн, турукка киирэн айылҕа, күөллэриҥ, сириҥ-дойдуҥ иччитэ бэйэҕэр чугас буолар. Дойдулаах киһи быһыытынан дойдуҥ үчүгэй буоларыгар, дьыл ханнык баҕарар кэмигэр сааскы халаан уута этэҥҥэ ааһарыгар, өҥ-быйаҥ сайын кэлэригэр, уһун кыһыммыт этэҥҥэ ааһарыгар алгыс көрдөһүүнү ыытабын. Дьон ханнык хайысхаҕа көрдөһүүлэринэн тус-туһунан сиэри-туому толоруллар. Ардыгар батсаап ситимигэр арааһы барытын таһаараллар, онтон дьон мунар-тэнэр, ыйытар боппуруоһа элбиир. Бэйэм өлүүкэ санаабын үллэстэрбэр сөптөөх кэм кэллэ дии саныыбын.
Дойду киһитэ буоларбынан, дойдум сирин иччилэрэ алгыыр, ситимнээх киһини кытары айылҕа бэйэтэ ситимнээн эн көрдөһүүгүн ылынар. Киһиэхэ сиртэн-уоттан көрдөһүү, махтаныы диэн баар буолуохтаах.
Быйыл Бүлүү, Марха өрүстэргэ муустар барбат да, кэлбэт да буолан, Сата хайатын арыытыгар харгыстанан иннин биэрбэтэҕэр, Дьаархан нэһилиэгэр уу киирэн, Марха суолун уу ылан кутталлаах быһыы үөскээн, кыһалҕа кыһарыйан Ньурбаттан балтыларбыт ыҥырыыларын ылынан мин Мархаттан Маарынан эргийэн Дьаархаҥҥа 5 ч 30 м устата айаннаан кэлбитим. Ассоциациябыт чилиэнэ, айылҕалаах Хорохоот Харыстаана Кудаҥса Сиэнэ (Оксана Афанасьевна Григорьева) балтыларбынаан номнуо кэлэн күүтэн олороллоро.
Бастакы күммүтүгэр улахан көрдөһүү алгыһын Марха Эбэтигэр муоста аттыгар уонна Дьаархан аартыгар ыыттыбыт. Иккис күммүтүгэр Ньурбаҕа Бүлүү Эбэҕэ уот оттон, кыһалҕа кыһарыйан, утуйа сытар урукку Улуу дьоммутун ыҥыран дьоммутугар-сэргэбитигэр көмөлөһөргө үлэлээтибит. Көстүбэт эйгэннэн үлэ төһөтүн да иһин ыарахан.
Алгыс кэннэ хаардаах, тыаллаах Ала буурҕа түспүтэ. Тыал буоланнар көстүбэт эйгэннэн ыҥырыллыбыт көмөлөһөөччүлэр көмөлөстүлэр.
Сир Ийэ иччитэ, Эбэлэр иччилэрэ куттаммыттарын, хомойбуттарын алы гынан улахан көрдөһүүлэри оҥордубут. Аар Айыылар, Сир Дойду үтүө иччилэрэ, Сата хайатын Иччитэ, Бүлүү, Марха эбэлэр Улахан Иччилэрэ төбүрүөннээн олорор нэһилиэктэр Иччилэрэ бары күүс-көмө буоллулар.
Үһүс күммүтүгэр Махтаныы Алгыһын ыыттыбыт. Аар Айыыларга Махтал! Бары кыттыыны ылан, көмөлөспүт көстүбэт Эйгэ Иччилэригэр Махтал!
Өбүгэлэрбит төрүт баайдара сылгы-ынах ууһуу-тэнийэ турдуннар! Дьоммут, ыччаттарбыт чөл, доруобай эрэ буоллуннар. Домм! Домм! Домм! — диэн алҕаата Алиса Михайловна.
— Оксана Афанасьевналыын дойдубутугар, дьон олорор сирдэринэн, улууспутугар дьон кута-сүрэ бөҕөргүүрүгэр, доруобай, чөл туруктаах буолууларыгар бииргэ алтыһан үлэлээбиппит 7-с сылыгар барда. Иккиэн өйбүтүн-санаабытын холбоон уонна айылҕаҕа чугас буоламмыт, идэлээх дьон буоларбыт быһыытынан көстүбэт эйгэни кытары үлэлиибит.
Саас эрдэ өрүс хамныы илигинэ көрдөһүү алҕааһыннар барыахтаахтар. Алгыһы биир халыыпка ылааһын буолбатах, тус-туһунан суолталаах, суоллаах-иистээх буолаллар.
Бүлүү өрүс күнүгэр сөп түбэһиннэрэн улуустааҕы Култуура департаменын үлэһиттэрин кытары эбэҕэ махтал күнүн тэрийэн ыыппыппыт. Дьоннор өйдөөн мустубуттар этэ, алгыска кыттыыны ылбыттара.
Көстүбэт эйгэҕэ сүдү күүстэр бааллар, былыр-былыргыттан ыраах-ыраах алаастарынан олорбут буоланнар, улахан улуу дьоннорбут итиннэ хаала сыталлар. Түҥ былыр утуйан хаалбыт дьоннор удаҕаттар, ойууннар норуоттарыгар, дойдуларыгар көстүбэт эйгэнэн көмөлөһөллөр.
— Муус барыан иннинэ эбэҕэ киирэн көрдөһөн алаадьы уураллар, ол сөп дуо?
— Эбэһээт эбэҕэ киирбэккэ, дьиэҥ таһыттан эбэ диэки хайыһан туран эбэ иччитигэр ааттаан-суоллаан ууруохха сөп. Эбэ мууһунан бүрүллэригэр тугу да ууруллубат. «Эбэ хотуттар иччилэрэ кыһын таас муоста буолаҕыт, алдьаммат-кээһэммэт курдук, уһун кыһыҥҥа тиэхиньикэ бөҕө туоруо, таһаҕас бөҕө аһардыаххыт, кыһыҥҥы өттүгэр этэҥҥэ оннугутун буларгытыгар,» — диэн туран идэлээхтэр улахан алгыс ыытабыт.
Күөх самаан сайын кэлиитигэр, ытыктанар бэс ыйыгар, уруккуннан сайылыкка көһүү, ыһыах ыытыллар кэмигэр алаадьылаан алгыс оҥоһуллар.
— Айан суолугар анал тохтобулларга дьон алаадьы, бытархай харчы, табаҕар тиийэ уураллар. Ол онтубут бөх-сыыс буолан түктэри көстүүнү көрдөрөр. Манна сыһыаннаан тугу этиэ этигитий?
— Айылҕа кыыллара айылҕаттан аһыыр, үссэнэр буоланнар алаадьыны ылымматтар (сиэбэттэр). Урут ас-үөл аҕыйаҕар кыратык эмтэритэн бэрсэллэрэ, билиҥҥи кэмҥэ ас төһө да дэлэйдэр, аһы-үөлү сыа-сым курдук туттарга, үп-харчы, ас-таҥас хантан кэлэрин оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар үөрэтиэхтээхпит. Салама ыйанар анал сиргэ лиэнтэ баайан кыттыһыахха сөп. Таатталарга анал салама ыйыыр сирдээхтэр.
— Окко киириэх иннинэ сиэр-туом туһунан бу күннэргэ элбэхтик суруйдулар…
— Дьон сиэри-туому билбэттэр, урукку дьоннор от үлэтиттэн тохтообуттарын отой билбэппин. Абааһы мунньаҕын күнэ диэн көннөрү кэпсэтэллэрэ, былдьаһыктаах күннэрин сүтэрбэккэ үлэлииллэрэ. Алҕас, сыыһа туттунууттан, сыыһа-халты саҥарыыттан төттөрүтүн ыҥырыахтарын сөп. Сарсыарда күн тахсыыта, киэһэ күн киириитигэр диэри урукку дьоннор үлэлииллэрэ.
Эмтээх от хомуура кэмнээҕинэн Бөтүрүөп Таҥара күнтэн хомуйаллар.Күн-дьыл уларыйан, айылҕабыт алдьанан, эбэлэрбит киртийэн сороҕор күн-дьыл билгэтэ сөп түбэспэт буолла.
Владимир Алексеевич Кондаков «Аар Айыы итэҕэлэ» кинигэтигэр билиҥҥи олоҕу өтө көрөн сэрэтэ сатаабыта суруллар. Холобура: «Тыал аһаҕастык, суоллаах-иистээх курдук киирэн уот ситимигэр эрэйдэниэххит, угут, сороҕор кураан дьыллар кэлиэхтэрэ, баһаардар бөҕө буолуохтара. Уһук Илиҥҥи гектарынан сирбитин атыылыахтара, тастан киирии омук элбиэҕэ. Өлүөнэ эбэ хотуҥҥа муоста тутуутун ыытыахтара, тимир суол кэлэригэр бэлэмэ суохтар. Тыа хаһаайыстыбата эстибэтин туһугар тэриллиилээх хаһаайыстыбалар тэриллэллэригэр, улахан искусственнай ыарыы туруо, былыргыта сэбиргэхтэтии-ойоҕостотуу, түбүркүлүөс аата уларыйан кэлиэ, онно бэлэмнээх буолуҥ. Ыччаттар сүлүһүннээх наркотикка, аһыы утахха сыстыбаттарын туһугар эрдэттэн үлэ барыан наада,» — диэн сэрэтэн сурукка тиспитэ. Кини Аар Айыы итэҕэлин Алгыһа аан дойдуга кыайыаҕа диэн этэр.
— Электрическэй уот хамсааһыныттан, этиҥтэн дьон олорор дьиэлэрэ былаҕайга былдьаналлар. Манна тугу этиэ этигитий?
— Уот тардыыта сиртэн ситимнээх буоларынан уот иччитигэр сиэр-туом көрдөһүүлэр барыахтаахтар. Сүҥ Дьааһыҥҥа (чаҕылҕаҥҥа), саҥа дьиэ туттааччыларга алгыс тус-туһунан хайысхаларга сөптөөхтүк ыытыллыахтаах.
— Баһаартан кэлиҥҥи кэмҥэ тыатааҕылар олус элбээтилэр, дьоҥҥо сэрэҕи үөскэтэллэр…
— Айылҕаҕа кэһиллии тахсыытыттан айылҕа кыыллара инники билэннэр сирдэрин-уоттарын уларытан сыҕарыйан иһэллэр. Олохсуйан олорбут сирдэрин уларытан, кыйаханан аҥаар кырыытыттан сылдьаллар. Айылҕа сокуона кэһиллиититтэн тахсар диэн этиэхпин баҕарабын.
— Оҕо иитиитигэр сыһыаннаан тугу этиэ этигиний?
— Оҕону үлэҕэ иитиигэ уруккуну сөргүтэн оскуолаларга тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар уо.д.а. идэлэргэ үлэлээн ааспыт көлүөнэлэри кылаас чааһыгар ыҥыран бэсиэдэ ыыттарар буоллар, оҕо идэни ыларыгар олус туһалаах буолуо этэ.
— Алиса Михайловна, инникибитигэр туох күүтэрий, о.э. айылҕа уларыйыытыгар…
— Инники өттүгэр кураан туруо дииллэр даҕаны, ол гынан баран күн-дьыл уларыйа турар, от-мас үүнүө диэн толкуйдуубун. Оҕо ахсаана элбииригэр, ситим быстыбатыгар баҕарабын. Эйэлээх олох кэлиэ дии саныыбын.
Дөрүн-дөрүн илин диэккиттэн сылаас салгын ардаҕынан кыратык ибиирэн, Ийэ сирбитин сиигирдэ турдун, өҥү-быйаҥы, уһун кыһыны туоруурбутугар уйгуну-быйаҥы дэлэйдик биэрэ турдун, — диэн алгыһынан түмүктээтэ.
Кэпсэттэ Антонина Семенова