Куорат чэчирии сайдарыгар хас биирдии куорат олохтооҕо  туора туруо суохтаах

Энергетик кыбаартал олохтоохторо  Ньурбаҕа түөлбэнэн үлэ саҕаланыан иннинэ үлэлэрин саҕалаабыттара. Ол курдук 2007 сыллаахха  аан маҥнай  Дьарыктаах буолуу киин нөҥүө төлөбүрдээх үлэҕэ оскуола саастаах оҕолорго  анаан биригээдэ тэрийэн, уопсай дьиэлэр кыладыапкаларын көтүрээһинигэр үлэлээбиттэрин, мас олордонннор түөлбэлэрин тупсарбыттарын  туһунан Ньурба куорат бочуоттаах олохтооҕо, үөрэх эйгэтин бочуоттаах бэтэрээнэ Надежда  Иннокентьевна Плотникова ахтан ааһар.

Плотниковтар дьиэлэригэр үлэлээбит үлэлэрин туоһулуур түөлбэ үлэтин  ахтыылара, баай ис хоһоонноох хаартыскаларынан планшет оҥоһуллан  бэлэм матырыйааллар хараллан сыталлар. Маны барытын  Плотниковтар дьиэ кэргэннэрин аҕалара Прокопий Николаевич  оҥорон хаалларбытын  ийэлээх кыыс кичэллээхтик харайан илдьэ  сылдьалларыттан астына көрдүм. Бу  үлэлэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ өссө  да салҕанан  бара туруо турдаҕа…

— Биһиги олорор сирбитигэр  Энергетик кыбаарталга үлэ арыый эрдэ саҕаламмыта Кыбаартал дьоно-сэргэтэ, оҕо аймах бииргэ мустан араас тэрээһиннэри ыытар буолбуппут. Оҕолорго сылын аайы кыра да буоллар үлэ булан биэрэр этибит.

Маҥнай дьиэҕэ олорор аҕам саастаах кырдьаҕастарга анаан тэрээһин тэрийэн ыытыыга кэргэним Прокопий Николаевич, кыыһым  Вера Прокопьевна идеяларынан, сиэннэрбит Айаана уонна Айаан тэрийэн ыытарбытыгар кыттыбыттара. Бэйэлэрин кэмнэригэ үлэлээн ааспыт умнууга барбыт аҕам саастаах бэтэрээннэрбит сэргэхсийэн, санаалара көтөҕүллэн, олуһун  үөрбүттэрэ, — диэн  Надежда Иннокентьевна кэпсиир.

— 2009 сыллаахха куорат дьаһалтатын баһылыга Пан-си-хэ Михаил Маркович Ньурба куоратыгар олорор сирдэринэн түөлбэлэри  тэрийэн үлэлэтэргэ этии киллэрбитин, оччотооҕу улуус баһылыга Владимир Михайлович Прокопьев өйөөн, «Кыталык» култуура үлэһитэ Лариса Васильевна Петрова бырайыагынан түөлбэ үлэтэ саҕаламмыта. Түөлбэлэринэн салайааччыны талыыга оччотооҕу улуус баһылыга Владимир Прокопьев: «Энергетик кыбаарталга бэйэлэригэр үлэлии сылдьар салайааччылаахтар»,-  диэн эппит этэ.

Түөлбэнэн үлэ маҥнайгы тэрээһинэ кыһыны атаарыы этэ. Куорат олохтоохторо бүттүүн кыттаннар түөлбэлэринэн куоталаһыыга көхтөөхтүк кыттыбыттара, тэрээһин олус сэргэхтик  тэриллэн ааспыта.

Ити тэрээһин кэнниттэн араас хабааннаах күрэхтэһиилэр: «Түмсүүлээх түөлбэ» ураһа туруорууга күрэх, уус-уран  самодеятельность бэстибээлэ, кыһыны атаарыы «Боярыня-масленица», салама ыйааһынын сиэрэ- тэриллэн уо.д.а.тэрээһиннэр  ыытыллаллара. Куоталаһыылар түмүктэринэн Партизанскай түөлбэ сынньалаҥ искибиэринэн, Лермонтовскай түөлбэ оҕо оонньуур былаһаакканан наҕараадаламмыттара.

2016 сыллаахха Энергетик түөлбэбит бастаан 100, Сэбиэскэй түөлбэ 70, Лермонтовскай түөлбэ 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээт туппуппут. Биһиги түөлбэ бириэмийэбитинэн түөлбэбитигэр билиҥҥитэ  «Дар»  атыы-эргиэн киин миэстэтигэр оҕо былаһааккатын туттараары  «Гидрант» тэрилтэтинэн буор куттарбыппыт кэннэ, Роспотребнадзор ирдэбилигэр сөп түбэспэт диэн буолбута. Куорат дьаһалтата оҕолорго анаан футбольнай былаһаакка тутарыгар анаан биһиэхэ этии киллэрбитигэр, бириэмийэбитин  футбольнай былаһаакка тутуутугар биэрбиппит.

Кэнники сылларга түөлбэ үлэтигэр  куорат баһылыгын  социальнай боппуруостарга солбуйааччы  Ольга Ивановна Алексеева салайан үлэлэппитэ. Кини барыбытыгар биир тэҥник сыһыаннаһара, үлэ бөҕө үлэлээбиппит, бары наһаа иллээх этибит.

Маны сэргэ түөлбэ үлэтигэр быһаччы сыһыаннаах дьонунан дьокутааттар буолаллар. Оройуон дьокутаата Геннадий Георгиевич Семёнов, куорат дьокутааттара Олимпиада Трофимовна  Васильева, Виктор Васильевич Афанасьев уонна мин дьокутаат буоларым быһыытынан талыллан үлэлээбиппит. Степан Степанович Иванов дьокутаатынан ананан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, билиҥҥэ диэри көрдөстүҥ даҕаны, түөлбэ үлэтигэр үлэлэһэр. Маннык актыыбынай дьон баара, түөлбэ үлэтигэр чахчы  абырал буолааччы.

Надежда  Иннокентьевнаттан: «Уопсайа хас сыл түөлбэҕэ үлэлээтиҥ?»- диэн ыйытыыбар: «Уопсайа 16 сыл үлэлээн кэллим», — диэн этэр.

Надежда Иннокентьевна күн бүгүнүгэр диэри түөлбэ үлэтигэр быһаарыллыбатах боппуруостары быһаарар тутаах киһинэн буолар.

Сыл-хонук ааһан  түөлбэлэр уон сыллаах үбүлүөйдэригэр Энергетик кыбаартал олохтоохторо Надежда Иннокентьевнаҕа анаан суруйбут суруктарыттан биири холобурдаан аҕалыым.

«Мин Энергетик түөлбэ олохтооҕо  Васильева Варвара С. суруйабын.

Бу түөлбэҕэ кыттыбытым өр буолла. Уон сыллаах үбүлүөйбүтүнэн эҕэрдэлээн туран, салайааччыбыт Надежда Иннокентьевнаны эҕэрдэлиибин.

Дьиэҕэ олорор аҕам саастаахтары түмэн, көрөн-истэн, хас бырааһынньык аайы ыҥыртаан, үүттээх чэй иһэн сэһэргэһэн, ыллаан-туойан, өссө барыбытыгар бадаарактаталаан сэргэхсийэн тарҕаһабыт.

Ыалдьан балыыһаҕа киирдэхпитинэ аһылыктаах тиийэн дьонун туһугар оннук кыһаллар киһи». Бу курдук ис хоһоонноох суруктары Надежда Иннокентьевна тутан сүргэтэ көтөҕүллэр, инникитигэр эрчим эбиллэн  үлэлээн-хамнаан кэллэ.

Билигин Энергетик  кыбаартал түөлбэтэ Портовской түөлбэҕэ холбоннор да, Надежда Иннокентьевна уопсастыбаннай үлэтин тохтоппот. Уруккутун курдук үлэлиир, күн бүгүҥҥэ диэри олохтоохтор киниэхэ кэлэн  сүбэ-ама ылаллар.

— Ньурба куорат чэчирии сайдан иһэригэр, хас биирдии куорат олохтооҕо  туора турбакка, куораппыт тупсан иһэригэр бэйэтин кылаатын киллэриэхтээх. Билигин үлэлиир саҥа салалта туруулаһан үлэлиэ диэн эрэллээхпин.

Түгэнинэн туһанан  бииргэ алтыһан үлэлээбит: Мавра Ивановна Ефремованы, Егортина Петровна Андрееваны, Татьяна Афанасьевна Григорьеваны , Ирина Семеновна Ефремованы, Раиса Макаровна Саввинованы, Кушнеренколар дьиэ кэргэннэрин  бүгүҥҥү күҥҥэ ахтан ааһар тоҕоостоох.

Ньурба куорат бырааһынньыгар «Ньурба куорат» МТ территориальнай-уопсастыбаннай бэйэни салайыныы сылыгар  куораты тупсаран оҥорууга, ситэрэн тэрийиигэ, уопсастыбаннай бэрээдэги көрүүгэ уһун кэмҥэ үтүө суобастаах үлэтин иһин  Надежда Иннокентьевна Плотникова Ньурба куорат Бочуотунай грамотатынан бэлиэтэннэ.

Сиһилии «Ньурба» хаһыат саҥа тахсыбыт нүөмэриттэн ааҕыҥ.

Антонина Семенова