Сааскы ыһыыга бэлэмнэнии: хаһаайыстыбаларга итэҕэс сиэмэлэрин ситэринэр былдьаһыктаах күннэр үүннүлэр

 

Бүгүн, кулун тутар 29 күнүгэр, Хабаровскай куоракка Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурук субъектарыгар сааскы ыһыы үлэтигэр бэлэмнэниигэ анаан сүбэ мунньах буолар. Онно Хабаровскай, Приморье, Забайкалье  кыраайдарыттан, Амур уонна Еврей автономнай уобаластарыттан, Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтиттэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрин, департаменнарын салайааччылара дакылааттыахтара. Биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев кытта барда.

Саха сирэ Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка баар бааһына бүттүүн иэниттэн 2,5 итиэннэ оттонор ходуһаттан 16,5 бырыһыанныытын ылар. Сир үлэтигэр идэтийэр хаһаайыстыбалар, сүрүннээн, сүөһү аһылыгар суоттаналлар итиэннэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хортуоппуйунан уонна оҕуруот аһынан хааччыйарга соруктанан үлэлииллэр. Быйыл барыта 49 тыһ. гектар иэннээх сиргэ ыһыы үлэтэ ыытыллыахтааҕыттан сааскыта – 35,48 тыһ. гектар. Мантан туораахтаах култуурата – 10,8 тыһ. гектар, ол иһигэр сэлиэһинэйэ 1,6, нэчимиэнэ 2,6, эбиэһэ 6,6 тыһыынчалыы. Хортуоппуйу 6,6 тыһ. гектарга олордуохтара, ол иһиттэн 2,6 тыһ. гектара тэриллиилээх хаһаайыстыбалар киэннэрэ. Оҕуруот аһа 1,38 тыһ. гектарга олордуллара былааннанарыттан тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга тиксэрэ – 0,72 тыһ. гектар. Сүөһү аһылыгар аналлаах култуура 30,2 тыһ. гектарга ыһыллыахтааҕыттан 15,7 тыһ. гектара – биир сыллаах от, 1 тыһ. гектара – быйыл ыһыллар элбэх сыллаах от, 13,5 тыһ. гектара – ааспыт сылларга ыһыллыбыт элбэх сыллаах от.

 

Бүгүҥҥү туругунан, хаһаайыстыбалар сиэмэнэн 80 бырыһыан хааччыллыылаахтар. Туораахтаах култуураны ыһарга 840 туонна сиэмэ итэҕэс, хаһаайыстыбаларга бэйэлэрин үүнүүлэриттэн 1136 туонна сиэмэ хаһаастаахтар. Сиэмэ хортуоппуйга 1420 туонна тиийбэтин хаһаайыстыбалар бэйэлэрин икки ардыларыгар мэнэйдэһэн уонна өрөспүүбүлүкэ таһыттан тиэллэн кэлэртэн ситэриниэхтэрэ. Сүөһү аһылыгар аналлаах үүнээйилэри ыһарга 2512 туонна сиэмэ туттуллуохтааҕыттан билигин баара 355 туонна эрэ, 2157 туонна тиийбэт, ол эбэтэр хаһаайыстыбалар 14 бырыһыан хааччыллыылаахтар. Тастан атыылаһан тиэйдэххэ эрэ ыһыы былаана туолар кыахтаах.

Отчуоттанар кэмҥэ 750 туонна бурдук сиэмэтигэр дуогабар түһэрсиллэн, 225 туонната (30%) тиэйилиннэ, 36 туонна айаннаан иһэр. Сүөһү аһылыгар биир сыллаах от сиэмэтин сайаапкалаабыт хаһаайыстыбаларга 311 туонна (20%) тиксэрилиннэ, өссө 470 туонна иһэр. Барыта 1630 туонна сиэмэни атыылаһарга былаанныыллар. Элбэх сыллаах от сиэмэтигэр 14,2 туоннаҕа дуогабар түһэрсиллибититтэн 0,14 туоннатын аҕаллылар, 2,6 туонната тиэйиллэн кэлэн иһэр. Быһа холоон 546 туонна сиэмэ хортуоппуйу атыылаһарга былаанныылларыттан хаһаайыстыбалар 461 туоннатыгар дуогабар түһэристилэр. Ити кээмэйтэн 31 туонна кэллэ, 54 туонната иһэр.

Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулар 1184 туонна минеральнай уоҕурдууну атыылаһарга дуогбардаспыттарыттан аҥаарын кэриҥэ (507 туонна) – азофоска. Ону хаһаайыстыбалар сотору кэминэн тутуохтара.

Быйылгы ыһыы хампаанньатыгар барыта 6646 тыраахтар, 375 сиэйэлкэ, 609 булуук, 245 культиватор туһаныллыахтара. Балартан 120-тэ ааспыт сылга судаарыстыба өйөбүлүнэн атыылаһыллыбыт сабыс-саҥа тиэхиньикэ уонна тэрил. Ол иһигэр аҥаара (60) – тыраахтар. Сааскы ыһыы үлэтин толору күүһүнэн ыытарга 4200 туонна уматык-оҕунуох матырыйаала туттуллуо диэн суоттууллар. Мониторинг көрдөрбүтүнэн, сир үлэтинэн дьарыктанар улуустар АЗС-ларыгар онно сөп буолар уматыктаахтар (4918 туонна). “Саханефтегазсбыт” АУо бэйэлэрин базаларыгар кууһунан атыылыыр сыаната сайыҥҥы сэлээркэҕэ – 106 696,25 солкуобай/туонна, 92-лээх бэнсииҥҥэ – 98 705,79 солкуобай/туонна.

Онон улуустартан отчуоттуулларынан, сааскы ыһыы үлэтигэр бэлэмнэнии былаан быһыытынан баран иһэр. Сиэмэ буорга түһүөр диэри хаһаайыстыбалар туораахтаах уонна сүөһү аһылыгар аналлаах култууралар сиэмэлэринэн толору хааччыналларыгар сорук туруорулунна. Бу чуолаан Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарга сыһыаннаах, Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол сабылла илигинэ тутуу былдьаһыах тустаахтар.

 

Василий Никифоров