Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын оперативнай субуоккатынан, атырдьах ыйын 20 к. туругунан улуус үрдүнэн 21756 т от бэлэмнэннэ, ол эбэтэр окко былаан 73% туолла.

Ол иһигэр тэриллиилээх хаһаайыстыбалар – 2066 т (50%), бааһынай хаһаайыстыбалар – 6846 т (78%), көмөлтө хаһаайыстыбалар – 74 т (60%) уонна чааһынайдар – 12770 т (77%) оттоннулар.

Чааһынай отчуттарга нэһилиэктэр көрдөрүүлэрэ: Акана – 580 т (80,5%), Маалыкай – 1275 т (78%), Дьиикимдэ – 500 т (59%), Үөдэй – 290 т (100%), Дьаархан – 357 т (45%), Хаҥалас – 1108 т (86%), Күндээдэ – 587 т (90%), Малдьаҕар – 790 т (94%), Өҥөлдьө — 860 т (83,5%), Хатыы — 280 т (49%), Октябрьскай нэһилиэк – 600 т (70,5%), Ньурбачаан — 527 т (80%), Сүлэ – 760 т (101%), Таркаайы нэһилиэгэ – 990 т (99%), Маар — — 260 т (35%), Хорула – 900 т (72%), Чаппанда — 1086 т (87%), Чуукаар – 1020 т (80%).

Геннадий АНТОНОВ