Сүөһү-сылгы аһылыгын аҥаара эрэ баранна, оттон кыстык түмүктэнэрэ 70-ча хонук хаалла

 

Өбүгэбит бэлиэ күннэринэн сирдэттэххэ, Дьэбдьэкиэйэттэн саҕалаан халлаан сылыйар, сааскыга хайыһар. Ол аата кулун тутар 14 күнүттэн кыстык түмүктэнэрэ 71 хонук хаалар диэн ааҕаллара. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр бу күн улуустартан түмүллүбүт дааннайдарынан, быйылгы кыстыкка анаан бэлэмнэниллибит сүөһү-сылгы аһылыгыттан 211,6 тыһ. туонна от (45,5 бырыһыана), 14,2 тыһ. туонна сиилэс (50,5 бырыһыана) уонна 8,1 тыһ. сенаж (54,3 бырыһыана) ордубуттар.

Онон хороҕор муостаахтар, сыспай сиэллээхтэр сир харатын ааһан, күөх от  бытыгырыар диэри хайа баҕарар бэлэми мэтийэр кыахтаахтар.

Ол гынан баран, былырыыҥҥы туһааннаах кэм көрдөрүүтүн кытта тэҥнээтэххэ, чуолаан, хотоҥҥо турар ынах сүөһү аҕыйаабыта, “аска аҕыйах үчүгэйин” курдук, сүөһү аһылыга балачча ордоругар сабыдыаллаатаҕа. Дьиҥэр, Бэтэринээрийэ департаменын дааннайынан, 2023 – 2024 сыллардааҕы кыстык ыйдарыгар сүөһү-сылгы туһата суох өлүүтэ ама соҕус: 343 ынах сүөһү уонна 33 сылгы көнньүнэн өлбүттэр. Бэтэринээрдэр, биллэн турар, дьон тыллаан-биллэрэн, бэйэлэрэ аахталаабыттарын эрэ ааҕаллар. Онон, биирдиилээн бытархай хаһаайыстыбалар, ыаллар сурукка киллэртэрбэтэхтэрэ, тыаҕа соһон кэбиспиттэрэ ахсааҥҥа ылыллыбатаҕа хаһын этэр уустук.

Ити эрээри, быйылгы кыстыкка от хасааһа сир аайы төһө эмэ баарын үрдүнэн күһүн идэһэ саҕана сүөһүгэ “кыайа-хото сүгэлэммиттэрин” туһунан эрдэ эмиэ суруйан турабын. Дьэ, инньэ гынан, бары киэптээх хаһаайыстыбаларга ынах сүөһү бүттүүн ахсаана 4,7 %-нан аҕыйаан, 166,2 тыһ. төбө буолбут, ол иһиттэн, бэл диэтэр, төбөтүгэр уонна үүтүгэр судаарыстыба өйөбүллээх ынах кэккэтэ эмиэ чарааһыыра хомолтолоох: 3,4 %-нан көҕүрээн, 70,5 тыһ. төбө хаалбыт. Бу отчуоттанар кэмҥэ 7 725 ынах төрөөбүт, былырыын баччаҕа төрүөх ахсаана 18 %-нан ордук этэ. Онон бүттүүн төбөҕө ньирэй төрүөҕэ намтаабыта эмиэ охсор.

«Мүрү саһарҕата» хаһыат хаартыската

Сыһыыга сылдьар сылгы баайбыт 179,2 тыһ. төбө баар, ол эбэтэр былырыыҥҥытыттан 1,2 %-нан итэҕэс. Бүттүүн төбөттөн төрүөх биэриэхтээх биэтэ – 122,1 тыһ., бу көрдөрүү ааспыт сыллааҕы сыыппараттан 0,2 бырыһыан чорбохтоох. Былырыын баччаҕа 54 878 сылгы (бүттүүн төбөттөн 30,4 бырыһыана) эбии аһылыкка турбут буоллаҕына, быйыл 61 514 сылгы (34,3 бырыһыана) киирдэ. Биллэрин курдук, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн икки хотугу улуустан (Орто Халымаҕа – хаардара халыҥ, Өймөкөөҥҥө – кэбиһиилээх отторун күһүн уу ылбыта) уратыларга сылгыга дэҥҥэ буолар үтүө кыстык ааһан эрэр. Уустук кыстыктаах Өймөкөөҥҥө 875 сылгыны (22,9%), Орто Халымаҕа 548 сылгыны  (19,5%) эбии аһатыыга киллэрбит  буоллахтарына, Үөһээ Бүлүүгэ 7 686 (92%), Сунтаарга 10 849 (87,6%),   Куорунайга 4 053 (82,2%), Ленскэйгэ 1 025 (72,2%), Ньурбаҕа 6 844 (66%), Аммаҕа 6 585 (50,1%), Чурапчыга 8 148 (48,1%) сылгыларын аһаталлара дьикти. Дьиҥинэн, онно киһи дьиибэргиирэ суох.

Сопхуостар эстиэхтэриттэн ыла бытархай бааһынайдар, ыаллар сылгы баайдарын дьиэ аттыгар кыһыннары далга хаайан туран, сүөһүлүү аһатар буолбуттара. От үүммэтэх, чычырбас дьылыгар оннук аһатар ороскуоттааҕа, охсуулааҕа биллэр. Оттон ааспыт сайын ыаллар, хаһаайыстыбалар дэлэй оттононнор, быйылгы кыстыкка сылгыларын, чуолаан, биэлэрин дьиэ таһыгар аһаппыттара ырааппыт. Билигин мантан саас хас нэһилиэк, хаһаайыстыба, ыал аайы “оппутун ханна хайдах курулатабыт” диэн төбөлөрүн сынньар (бөһүөлэккэ дьиэ таһыгар сайын элбэх кэбиһии турара баһаарынай өттүнэн сэрэхтээх) түбүгэр түһэн эрэллэр. Баар буоллаҕына эмиэ биир эрэй диэтэҕиҥ.

 

Василий Никифоров