Сэтинньи 26 күнүгэр улууспут килбэйэр киинигэр — Ньурба куорат «Кыталык» КД «Сүлэ нэһилиэгин күнэ» ыытылынна. Биир дойдулаахпыт, Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, Саха АССР үөрэҕириитин норкуома С.С. Сүүлүскэй төрөөбүтэ 115 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылбыт түмүк тэрээһинэ буолла.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар ыңырыылаах ыалдьыттар, кыттааччылар, көрөөччүлэр тоҕуоруһа мустаммыт «Сүлэ нэһилиэгэ» МТ баһылыга Иванов Дмитрий Юрьевич тыл этиитинэн күммүт өрө көтөҕөллүүлээхтик саҕаланна. С.С. Сүүлүскэйгэ аналлаах кыбытыгынан тигиллибит панно көрдөрүүгэ туран дьон сэҥээриитин ылла.
Үөрэҕирии үлэһиттэрин икки ардыгар оһуохай күрэҕэ ыытылынна. Сахалыы сандалы остуол ааҕан ситиллибэт элбэх ас арааһынан тэлгэтилиннэ, ыалдьыттары алаадьынан, лэппиэскэнэн, үөрэ миининэн, сахалыы саламаатынан күндүлэтээтилэр.
Бу күн Сүлэбит үөрэҕириитин тэрилтэлэрин: «Улыбка» оҕо уһуйаанын үлэһиттэрин, оскуола оҕолорун оңоһуктарынан уонна нэһилиэкпит уран тарбахтаах, сатабыллаах дьоно-сэргэтэ түөлбэлэринэн тэрийбит быыстапкалара турда. Агрооскуолабыт, бааһынай хаһаайыстыбаларбыт бородууксуйаларын, урбаанньыттарбыт оҥоһуктарын, байанайдаах эр дьоммут бултарын аһын, хаһаайкаларбыт оҕуруоттарын аһыттан хаһаастарыттан хамаҕатык батардылар.
Киэһэ документальнай киинэ, нэһилиэкпит туһунан кылгас видеоролик көрдөрүлүннэ. Олус үөрүүлээх, долгутуулаах нэһилиэк бастың үлэһит дьонун наҕараадалааһын түгэннэрин кэннэ, С.С. Сүүлүскэй төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах улахан түмүк кэнсиэр бүтүөр дылы бириэмэни билбэккэ аһардыбыт.
Тэрээһиммитигэр С.С. Сүүлүскэй сиэнэ Пермикина Надежда Августовна мааны ыалдьыт быһыытынан кытынна. Эһэтин төрөөбүт сиригэр Сүлэҕэ кэлэн, кини аатын сүгэр оскуолабытын көрөн, сылы быһа ыытыллыбыт тэрээһиннэр туһунан иһиттэ. Ньурбатааҕы бибилэтиэкэ быыстапкатын сэңээрэ көрөн, эбии эһэтин туһунан докумуоннардааҕын, матырыйаалардааҕын үллэстиэх буолла. Нэһилиэкпит бастың сэһэнньитэ, «хаама сылдьар энциклопедия» диэн ааттыыр киһибит Тимофеев Василий Ивановичтыын көрсөн төрдүлэрин- сыдьааннарын туһунан элбэх саҥаны билэн, Антоновка сэлиэнньэтигэр олорор аймахтаахтарын көрсөн-билсиһэн, историк идэлээх киһи быһыытынан билбитин-көрбүтүн, истибитин барытын сурунан, олус долгуйан, астынан, инникитин да бииргэ үлэлэһиэх буолла.
«Ньурба оройуона» МТ дьаһалтатыгар (Иннокентьев А.М.), Ньурба оройуонун үөрэҕириитин салалтатыгар (Ушканов Ф.Ф.), Ньурба оройуонун Култууратын департаменыгар (Тихонова Р.М.), Ньурба оройуонун кииннэммит бибилэтиэкэтин ситимигэр (Багмет А.В.), К.Д. Уткин аатынан «Норуоттар доҕордоһуулара»түмэлигэр (Туманова А.А.), Тыа хаһаайыстыбатын департаменыгар (Ушканов Л.В.), ыччат дьыалатын уонна имиджевай бэлиитикэтин салалтатыгар (Владимирова В.Г.), оһуохай күрэҕэр үлэлээбит дьүүллүүр сүбэҕэ, тэрээһини устубут Лазарева А.А.,
тэҥҥэ үлэлэспит Н.И. Харитонов – Чуор аатынан Ньурба куоратын «Кыталык» КД (салайааччы Дондокова С.Б.), уонна кыттыыны ылбыт нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр, чуолаан «Улыбка» оҕо уһуйааныгар (Абрамова Д.С.), Сүлэ оскуолатыгар (Герасимов И.В.), Филиппова В.П. (КФХ «Силис») дьиэ кэргэнигэр, аҕалар сүбэлэригэр (Афанасьев А.А.), ийэлэр түмсүүлэригэр (Евсеева М.П), «Сиибиктэ» КХ (Иванова Л.В.), спонсорбытыгар «Байар» СХСПК (Филиппова Н.Г.), урбаанньыттарбытыгар (Андреев Г.Г., Винокуров М.Н.), түөлбэлэрбит көхтөөх дьонугар, кэнсиэр туруоруутугар үлэлэспит Николаева М.М., Кириллина М.Н., Алексеева Т.Н., Филиппова С.С., ыытааччыларыгар Иванов И.А., Сивцева У.В., кэнсиэр хас биирдии кыттааччыларыгар махталбытын тиэрдэбит.
Сүлэ нэһилиэгин пресс-сулууспата