Кытыы Мэҥэдьэк нэһилиэгин олохтоохторо туруорсуулара элбэх

Мэҥэдьэк нэһилиэгэр улуустааҕы киин балыыһаҕа быраастар тиийбэттэрин, тыа хаһаайыстыбатын, өрүстэн ууланалларыгар өрүскэ киирэр суол оҥоһуутун, оҕо уһуйаанын өрөмүөнүн, спорт саалаҕа инвентарь өттүнэн көмө наадатын, Маалыкай түбэтигэр гаас саппараапкатын аһыы боппуруостарын интэриэһиргээтилэр. Үүт харчыта суол баарына эрдэ кэлэрэ наадатын эттилэр.

Нэһилиэккэ баһаар тахсар түгэнигэр дьоҕус баһаарынай чаас Маалыкайтан хойутаан кэлэр, итинэн сибээстээн Хатыыга дьоҕус баһаарынай чааһы тэрийэр наадалааҕа этилиннэ. Итини сэргэ үгүс нэһилиэктэргэ курдук, үрдүк күүрүүлээх «Сунтаар-Ньурба» уот линиятын тутуута быһаарылларыгар баҕа санааларын эттилэр. Маныаха быйыл «Сунтаар-Ньурба» 110 кВ бырайыага бүтэр, эһиил техническэй үлэтэ саҕаланыаҕа диэн Георгий Михайлович Степанов хоруйдаата.

Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев Куоначчаан үрэҕин муостата тутуллуохтаах учаастагын өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр ылбытын, 2027 с. диэри муоста тутуллуоҕун иһитиннэрдэ. Гаас саппараапката Малдьаҕарга тутулларыгар сирэ бэрилиннэ, урбаанньыт тутан үлэҕэ киллэрэригэр улуус өттүттэн көмө баар буолуоҕа.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров киирбит элбэх туһааннаах ыйытыыларга толору хоруйдары биэрдэ.

Геннадий Антонов

Читайте дальше